Тус сыаллаах үөрэх диэн тугуй? Манна ким туттарсыан сөбүй? Үөрэҕин бүтэрбит устудьуон, тэрилтэ туох эбээһинэстээхтэрий? Бу уонна да атын ыйытыыларга СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай хоруйдуур.
Уратылара
— Михаил Юрьевич, маҥнай абитуриеннарга, төрөппүттэргэ тус сыаллаах үөрэх (целевое обучение) диэн тугун быһааран биэрэриҥ буоллар.
— Тус сыаллаах үөрэххэ исписэлииһи туох эрэ сыаллаах үөрэтэллэр, уратыта маныаха буолар. Ол эбэтэр, үрдүк үөрэх тэрилтэтигэр уопсай туттарсыыга биир кэлим эксээмэҥҥэ ылбыт баалларынан бүддьүөт миэстэтигэр куонкурустаһан үөрэххэ киирэллэр. Бары бииргэ куонкурустаһаллар итиэннэ онно кэнэҕэски үлэлэрин миэстэтин туһунан ыйыллыбат. Биллэн турар, үөрэҕин бүтэрдэҕинэ ханнык эйгэҕэ, туох үлэһит буолуон сөбүн туһунан өйдөнөр, ол эрээри, чопчу ханнык тэрилтэҕэ үлэлиирэ быһаарыллыбат. Оттон тус сыаллаах үөрэх бүддьүөт миэстэтиттэн өлүүлэнэр. Арассыыйаҕа бүддьүөт миэстэтин уопсай ахсааныттан 10-20 бырыһыана тус сыаллаах үөрэххэ ылыы өлүүтүгэр бэриллэр. Бу аата тугуй?
Бастакытынан, бу миэстэлэргэ үөрэххэ киирбиттэрэ дуу, суоҕа дуу (зачисление) сүрүн куонкурус иннинэ арыый эрдэ биллэр. Иккиһинэн, тустаах миэстэлэргэ тус сыаллаах үөрэх туһунан барыллаан дуогабары түһэрсибит абитуриеннар сайабылыанньа биэрэр кыахтаахтар. Онно икки өттүттэн эбээһээтэлистибэ, холобур абитуриент үлэҕэ быраактыкатын дуогабардаспыт тэрилтэтигэр эбэтэр хампаанньатыгар барыахтаах уонна үлэлии кэлиэхтээх диэн ыйыллар. Онтон бу тэрилтэ, хампаанньа эмиэ чопчу эбэһээтэлистибэни сүгэр. Холобур, устудьуону быраактыкалатыахтаах, сороҕор эбии истипиэндьийэни төлүүр (хайдах кэпсэтэллэриттэн) уонна саамай сүрүнэ, бу устудьуон үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, үлэҕэ ылыахтаах диэн ыйыллар. Ол иһин тус сыаллаах ылыы өлүүтэ диэн этиллэр. Эмиэ куонкуруһунан барар, бу миэстэлэргэ хас даҕаны киһи сайабылыанньа биэриэн сөп. Куонкуруһа уопсай куонкурустааҕар арыый кыра.
Миэстэ эбиллэр
— Кэлин мэдиссиинэҕэ улахан болҕомто уурулунна быһыылаах.
— Кэлиҥҥи үс сылга мэдиссиинэ идэлэригэр тус сыаллаах үөрэххэ ылыы өлүүтэ биллэ эбилиннэ. Холобур, дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин көҕүлээһининэн, бүддьүөт уопсай миэстэтин 80-90 бырыһыана “эмчит дьыалатын” (“лечебное дело”) тус сыаллаах үөрэҕэр бэриллэр. Тоҕо диэтэххэ, судаарыстыба хас да сыл устата бырааһы үөрэттэрэригэр укпут үбүн эдэр исписэлиистэр ханна үлэһит тиийбэт сиригэр, чопчу онно баран боруостуулларыгар интэриэстээх. Ол иһин хас биирдии көрүллэр 100 бүдьүөт миэстэттэн 80-90 миэстэтэ тус сыаллаах үөрэххэ ылыыга барар. Тус сыаллаах үөрэххэ ылыы өлүүтэ Арассыыйа бары судаарыстыбаннай үрдүк үөрэхтэригэр барыларыгар кэриэтэ баар. Холобура, Саха сиригэр баар 5 федеральнай үрдүк үөрэх кыһатыгар быйыл 5 129 бүддьүөт миэстэтэ (КЦП) көрүлүннэ. Итинтэн 983 миэстэ тус сыаллаах үөрэххэ бэрилиннэ. Бу – Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай арготехнологическай университекка, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт институтугар, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай институтугар, Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын институтугар.
Сорохтор тус сыаллаах миэстэ, ол аата мин оҕом эрэ миэстэтэ диэн өйдүүллэр, оннук буолбатах, бэйэлэрин икки ардыларыгар куонкурустаһаллар. Өскөтүн миэстэ туһаныллыбакка хааллаҕына, бүддьүөт уопсай куонкуруһугар уган биэрэллэр. Холобур, былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ көрүллүбүт тус сыаллаах өлүү 60-ча бырыһыана туһаныллыбыта. Ол эбэтэр, абитуриент эрэ үөрэххэ киирэр интэриэһэ көрүллүбэт, абитуриент үөрэҕин бүтэрдэҕинэ үлэлии кэлэригэр интэриэстээх тэрилтэ, хампаанньа көстүөн наада.
Быраап уонна эбээһинэс
— Олус чопчу быһаардыҥ. Оттон тус сыаллаах миэстэҕэ киирэр абитуриент туох бырааптааҕый, эбээһинэстээҕий?
— Быраап туһунан эттэххэ, устудьуон дуогабардаспыт тэрилтэтигэр быраактыкатын барар уонна үөрэҕи бүтэрдэҕинэ, үлэлии киирэр. Оттон эбэһээтэлистибэ туһунан ыйдахха, устудьуон үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, дуогабардаспыт тэрилтэтигэр булгуччу баран үс сылтан итэҕэһэ суох үлэлиэхтээх. Өскөтүн үлэлии барбатаҕына, бу тэрилтэ устудьуону үөрэттэрэригэр укпут эбии истипиэндьийэтин, бырайыаһын төлөбүрүн, о.д.а. ороскуотун устудьуон олоччу төнүннэриэхтээх.
Оскуоланы урукку сылларга бүтэрбиттэр
— Оскуоланы урукку сылларга бүтэрбиттэр тус сыаллаах миэстэҕэ туттарсар кыахтаахтар дуо?
— Ким баҕарар туттарсыан сөп, туох даҕаны хааччахтааһын суох. Үрдүк үөрэххэ туттарсыыга сүрүн быраабыланан, абитуриент үөрэххэ киирии бары тургутууларын (вступительные испытания) ситиһиилээхтик ааһыыта буолар. Бу үөрэххэ киириигэ соҕотох быраабыла.
Манна даҕатан эттэххэ, быйыл биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттарарын туһунан сайабылыанньаны 5 950 оскуоланы бүтэрээччи биэрбитэ. Итиниэхэ эбии оскуоланы урукку сылларга бүтэрбит дьонтон 917 сайабылыанньа киирбитэ. Онон быйыл, уопсайа, 6 867 киһи биир кэлим эксээмэни туттарар. Урукку сылларга бүтэрбиттэртэн үгүстэрэ баалларын көрдөрүүтүн тупсараары, эксээмэн туттараллар. Үөрэххэ киирэллэригэр ханнык сыллааҕы бааллара үрдүгүн талан көрдөрөллөр.
Тус сыаллаах үөрэххэ — бырайыактарынан
— Тус сыаллаах үөрэххэ ылыыга кэлин тус-туспа салааларынан араас бырайыактар үлэлээн эрэллэр. Ити туһунан билиһиннэрэриҥ буоллар.
— Ити көрүллүбүт 5 129 бүддьүөт миэстэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ баар биэс федеральнай үрдүк үөрэх кыһатыгар бэрилиннэ. Итини таһынан, биһиги абитуриеннарбыт Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин федеральнай үрүк үөрэхтэрин кыһаларыгар туттарсыахтарын сөп. Кинилэр өрөспүүбүлүкэттэн көрүллэр өйөбүл миэрэлэринэн туһанымыахтарын сөп. Тоҕо диэтэххэ, Арассыыйа олохтоохторо буолаллар.
Былырыыҥҥыттан тус сыаллаах үөрэтиигэ сакаасчытынан буолар тэрилтэлэр ахсааннарын испииһэгэ биллэ эбилиннэ. Билигин федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, чааһынай тэрилтэлэр, муниципальнай тэриллииллэр, толорор былаас уорганнара, министиэристибэлэр, о.д.а. буолуохтарын сөп. Былырыын күһүн РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин тус сыаллаах бэлэмнээһин туһунан бырабыыталыстыба уурааҕын саҥа көннөрүүтүн бигэргэппитэ. Онно олоҕуран, сакаасчытынан үөрэх тэрилтэлэрэ – оскуолалар, уһуйааннар, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ буолар кыахтаахтар. Урут маннык суоҕа. Арассыыйа хас биирдии үрдүк үөрэҕин кыһатыгар 10-20 бырыһыана тус сыаллаах үөрэххэ ылыыга бэриллэр. Ону тэҥэ, Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр үөрэттэриигэ инники күөҥҥэ тутуллар, өрөспүүбүлүкэттэн өйөбүллээх идэлэри уонна хайысхалары быһаарар. Былырыын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр исписэлиистэри тус сыаллаах бэлэмнээһин кэнсиэпсийэтэ бигэргэммитэ. Онон былырыыҥҥыттан тус сыаллаах үөрэтии куонкуруһугар сүүмэрдээһин салааларынан бырайыактары (отраслевые проекты) учуоттаан оҥоһуллар. Салааларынан бырайыактарга кэнэҕэски исписэлиистэргэ сыһыан уонна ирдэбил, үлэ миэстэтигэр уонна ханнык дуоһунаска ылыыны ыйан туран сүүмэрдээһин киритиэрийдэрэ ыйыллаллар. Быйыл бырабыыталыстыба уопсай быһаарыытынан, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр салааларынан бырайыактар чэрчитинэн үөрэттэриигэ 264 миэстэ бэрилиннэ. Холобур, “Ыччат — авиацияҕа” (“Молодежь – в авиацию”) идэҕэ туһаайар бырайыак. Сүрүннээн “Полярнай авиалиния” хото үлэлэһэр. Быйыл бу бырайыагынан Омскайдааҕы гражданскай авиация көтөр-тиэхиньиическэй кэллиэһигэр “летная эксплуатация летательных аппаратов”, “пилот вертолета Ми-8” исписээлинэстэргэ 10 миэстэ көрүлүннэ. Ону тэҥэ, Санкт-Петербурдааҕы гражданскай авиация судаарыстыбаннай университетыгар “аэронавигация летной эксплуатации” уонна “организация летной работы” исписээлинэстэргэ иккис пилоту бэлэмнииргэ туспа миэстэлэр бэрилиннилэр.
Омскайга пилот үөрэҕэр туттарсарга ВЛЭК (врачебно-летная экспертная комиссия) мэдиссиинэ түмүгэ уонна аттестат баала 4,5 баалтан намыһаҕа суох буолара ирдэнэр. Оттон Санкт-Петербурга “аэронавигация летной эксплуатации” идэҕэ киириэн баҕалаахтар биир кэлим эксээмэннэрин уопсай бааллара 195-тэн, “организация летной работы” 216-тан намыһах буолуо суохтаах. Онон туттарсар киһи туох ирдэбил баарын болҕойон ааҕыахтаах.
Авиацияттан ураты кэккэ атын бырайыактар бааллар. Холобур, “Саха сирин тимир суоллара” (“Железные дороги Якутии”) бырайыак. Манна сүрүннээн Уһук Илиҥҥи айан, сырыы судаарыстыбаннай университетыгар уонна Хабаровскайдааҕы тимир суол тырааныспарын тиэхиньикумугар үөрэнэллэр. Холобур, Уһук Илиҥҥи айан, сырыы судаарыстыбаннай университетыгар “эксплуатация железных дорог”, “магистральный транспорт” исписээлинэскэ специализацията элбэх, ону таһынан, “подвижной состав железных дорог”, “строительство железных дорог, мостов и транспортных тоннелей”, “система обеспечения движения поездов”, “организация перевозок и управления на транспорте” үөрэниэхтэрин сөп. Манна туттарсар киһи “Саха сирин тимир суоллара” АХ биридимиэтинэн олимпиадатын кыайыылааҕа буолуохтаах диэн ирдэбиллээх.
Быйыл “Кукольники” бырайыак үлэлиир, тыйаатыр артыыстарын бэлэмниибит. 2021-2022 үөрэх дьылыгар дойду биир кырдьаҕас үрдүк үөрэҕин кыһатыгар – Ярославскайдааҕы судаарыстыбаннай тыйаатыр институтугар үөрэттэрэргэ 6 киһини сүүмэрдээн ылыахтара. Сакаасчыт – Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи куукула тыйаатыра. Манна туттарсарга литератураҕа, нуучча тылыгар биир кэлим эксээмэннэрин баала 50-тан намыһах буолуо суохтаах. Итини таһынан, айар тургутуу (этюд), идэҕэ тургутуу (ааҕыы бырагыраамата уонна сэһэргэһии) бааллар.
Ити курдук, СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын, СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын, СӨ Бырамыысыланнаска уонна геодезияҕа, СӨ Доруобуйа харыстабыла, СӨ Физическэй култууратын уонна успуордун, СӨ Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын, энэргиэтикэтин министиэристибэлэрэ интэриэстээх салааларынан бырайыактар элбэхтэр.
Өрөспүүбүлүкэттэн өйөбүллээх
— СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ төһө элбэх үрдүк үөрэх тэрилтэтин кытта үлэлэһэрий?
— Биһиэхэ төрөппүттэр, оҕолор, өрөспүүбүлүкэ өйөбүлэ суох бэйэлэрэ да туттарсар дьон туох эрэ ыйытыылаах, чопчулуур боппуруостаах кэлэр буолан көмөлөһөбүт. Былырыын докумуону ыраахтан олорон туппуттара. Онон ханнык эрэ үөрэх кыһатын кытта сибээстэһэргэ көмөлөһүҥ диэн көрдөһөллөрө. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэттэн өйөбүллээх тус сыаллаах үөрэххэ ылыы иитинэн, министиэристибэ бииргэ үлэлэһэр 132 үөрэх кыһатыгар 2 000 курдук устудьуон үөрэнэр.
— Абитуриеннар ханнык идэлэри ордук талалларый?
— Идэни талыы барытыгар даҕаны тэҥ соҕус. Ол эрээри, АйТи идэлэргэ арыый хото туттарсаллар. Ону тэҥэ, уруккуттан инженернэй идэлэргэ киирэллэр. Итиэннэ кэлиҥҥи икки сылга педагогическай исписээлинэстэргэ туттарсааччы ахсаана эбиллибитэ бэлиэтэнэр, мантан олус үөрэбит. Саха сиригэр да, өрөспүүбүлүкэ тас өттүнээҕи үөрэх тэрилтэлэригэр даҕаны балачча улахан куонкурустаах.
АйТи исписэлиис ханна баҕарар ирдэнэр
— Билигин АйТи идэлэргэ элбэх үөрэх тэрилтэтэ бэлэмниир. Бу исписэлиистэр аны уонча сылынан үлэтэ суох хаалыахтара суоҕа дуо, юристар курдук?
— Үлэ ырыынагар чинчийии оҥоһулуннаҕына, юристар ирдэммэттэрэ көстүбэт. Хас биирдии киһи бэлэмин таһымыттан тутулуктаах. Биир кэмҥэ олус элбэх үрдүк үөрэх кыһата “юриспруденция” исписээлинэһигэр бэлэмнээбиттэрэ. Сорох үөрэх тэрилтэлэригэр дириҥ билиитэ, хаачыстыбата суох исписэлиистэри үөрэтэн таһаарбыттара. Ол иһин олус улахан үлэ ыытыллыбыта. Билигин үрдүк үөрэх кыһатын ахсаана биллэ аҕыйаата.
АйТи эйгэтин туһунан эттэххэ, бу хайысхаҕа үлэһиттэри бэлэмнээн таһаарарга лиссиэнсийэ ылар балачча уустук, инженернэй исписээлинэстэргэ курдук элбэх усулуобуйаны толорор ирдэнэр. Бастатан туран, сөптөөх каадыр наада. Иккиһинэн, улахан, күүстээх тэрил (оборудование) баар буолуохтаах. АйТи эйгэтэ олус түргэнник сайдар, уларыйар. Ону барытын баттаһан иһэргэ үп-харчы ирдэнэр. Онон АйТи хайысхатыгар исписэлиистэри бэлэмниир үрдүк үөрэх тэрилтэтин ахсаана олус элбэҕэ суох. Бу салааҕа үөрэтэр Арассыыйа үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэрэ – М.А. Бонч-Бруевич аатынан Санкт-Петербурдааҕы телекоммуникация судаарыстыбаннай университета, о.д.а. аан дойдуга бастыҥнар ахсааннарыгар киирсэллэр. Информационнай технологияларга, АйТи эйгэтин идэлэригэр үөрэммиттэр ханнык баҕарар тэрилтэҕэ үлэлиир кыахтаналлар. Мин санаабар, АйТи сатабыла дойду хаһаайыстыбатын ханнык баҕарар салаатыгар туһаныллар, ол салааны сайыннарар кыахтаах. Онон АйТи исписэлиинэһигэр үөрэнэн, салгыы ханнык салааҕа үлэлииринэн көрөн билиитин дириҥэтэн биэриэн сөп. Үөрэххэ, доруобуйа харыстабылыгар (саҥа тэриллэр), тырааныспарга, бырамыысыланнаска – барытыгар АйТи исписэлиистэр ирдэнэллэр.
Аны уонча сылынан туох уларыйыы киириэн билбит суох, бу салаа олус түргэн тэтимнээхтик сайдар. Өрүү үөрэнэр киһи эрэ билиитин-көрүүтүн саҥардан, сайыннаран иһэр кыахтаах. Оччоҕо эрэ “кытылга хаалбат” кыахтаахтар.
Ханна үөрэнэбит?
— Билигин ханнык идэлэргэ үөрэнэр табыгастааҕый?
— Биһиэхэ экэниэмикэ чопчу исписээлинэстэригэр, хайысхаларыгар ирдэбил, үрдүк уонна орто анал үөрэххэ уратылаах. Саха сирин ылан көрөр эбит буоллахха, кэтээн көрүү түмүгүнэн 2018 сыллаахха оҥоһуллубут 789 тэрилтэ кыттыылаах, 2027 сылга диэри сирдэтинэр сабаҕалааһын сыыппаралара бааллар. Тустаах анаалыска олоҕурдахха, үрдүк үөрэххэ үс бастакынан “үөрэх уонна педагогика билимэ”, “клиническэй мэдиссиинэ”, “тиэхиньикэ уонна тутуу технологията” тураллар. Салгыы “экэниэмикэ уонна управление”, “электро уонна теплоэнергетика”, “ветеринария уонна зоотехния”, “электроника, радиотехника, сибээс систиэмэтэ” кэлэллэр.
Сымыйа сураҕы итэҕэйимэҥ
— Соторутааҕыта туга-ханныга биллибэт чааһынай тэрилтэлэргэ, тус сыаллаах миэстэҕэ үөрэххэ ылабыт диэн иһитиннэриилэр тарҕаннылар. Чааһынайдарга тус сыаллаах миэстэ бэриллэр дуо?
— Ити боппуруоһу бэлиэтиир уонна болҕомтоҕо ылар ирдэнэр. Убаастабыллаах абитуриеннар уонна төрөппүттэр, үөрэххэ туттарсыы боппуруоһа барыбытын долгутар. Ол эрээри, хомойуох иһин, социальнай ситимнэргэ кэлин тус сыаллаах үөрэххэ сыһыаннаах бигэргэммэтэх (бэрэбиэркэлэммэтэх) иһитиннэриилэр тарҕаннылар. Эһиэхэ туһаайан иһитиннэрэбит, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ ити курдук биллэриилэргэ уонна чааһынай сирэйдэр, тэрилтэлэр кэмиэрчэскэй этиилэригэр туох даҕаны сыһыана суох. Болҕомтолоох буолуҥ. Ханнык даҕаны чааһынай сирэйдэр эһиги үөрэххэ киирэргитин мэктиэлиир кыахтара суох. Бу курдук ис хоһоонноох сокуоннайа суох этиилээх иһитиннэриилэри СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин аадырыһыгар 507-927 нүөмэринэн, быраап миэрэлэрин ыларга ыытыҥ.
Быһа сибээстэр
— Быйыл былырыыҥҥы курдук үөрэх тэрилтэлэрин кытта ЗУМ-унан көрсүһүүлэр буолаллар дуо?
— Былырыын дьаҥынан сибээстээн төһө даҕаны күүстээх хааччахтааһын буоллар, ыраахтан олорон Уһук Илиҥҥи федеральнай университеттан саҕалаан Москватааҕы судаарыстыбаннай университекка тиийэ, дойду 50 инники күөҥҥэ сылдьар үрдүк үөрэҕин тэрилтэтин кытта 25 улахан көрсүһүүнү тэрийбиппит. Тырааныспарга, доруобуйа харыстабылыгар, педагогика наукаларыгар, о.д.а. хайысхаларга “Абитуриент чааһын”, тэрилтэлэри кытта туспа көрсүһүүлэри уонна биир кэлим эксээмэҥҥэ консультациялары ыыппыппыт.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин @minobrnauki_ykt инстаграмынан нэдиэлэҕэ үстүүтэ быһа сибээскэ тахсабыт.
Ханна тиийэбит?
— Михаил Юрьевич, тус сыаллаах үөрэххэ киириэн баҕарар дьон, бастатан туран, тугу дьаһаныахтаахтарый, ханна тиийиэхтээхтэрий?
— Аан маҥнай абитуриент сүрүн докумуону – туттарсар үрдүк үөрэҕин тэрилтэтигэр ылыы быраабылатын билсиэхтээх. Туһааннаах быраабыла күһүн үөрэх тэрилтэлэрин саайтарыгар номнуо тахсар. Быраабылаҕа ханнык тургутуулар баалларын, куонкурска киирсэргэ ирдэниллэр алын баал, тус сыаллаах үөрэххэ хас миэстэ көрүллэрэ барыта ыйыллар. Онно ханнык тэрилтэлэр бу тус сыаллаах миэстэлэри сакаастаабыттара суруллар. Онон абитуриент эбэтэр төрөппүт (сокуоннай бэрэстэбиитэл) улууска миэстэтиттэн бу куонкуруска кыттыахпын баҕарабын диэн чопчулаһар. Билигин сайабылыанньаны электроннай көрүҥүнэн биэрэллэр. Абитуриент сайабылыанньатын баазаҕа (база данных) киллэрэр, ханнык куонкуруска кыттыан баҕарарыгар “галочка” туруорар. Тус сыаллаах бэлэмнээһиҥҥэ тэрилтэни кытта дуогабарын (сканерын) хаһыс чыыһылаҕа диэри туттарара ыйылла сылдьар. Абитуриеннартан докумуоннары бэс ыйын 20 күнүн хойутаппакка ылыахтаахтар. Холобур, АГИКИ докумуону бэс ыйын 14 күнүттэн, АГАТУ бэс ыйын 15 күнүттэн тутан саҕалыыллар.
Быһа сибээстэргэ кыттыҥ, ыйытыыларгытын ыытыҥ, баҕарар үөрэххитигэр киириҥ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru