Михаил Осипов бастакы вице-премьер-экономика миниистиринэн ананна
Михаил Осипов бүгүн Ил Түмэн уочараттаах XXXI пленарнай мунньаҕынан бигэргэтиллэн, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы-экономика миниистиринэн ананна. Дьокутааттар Ил Дархан Егор Борисов киллэрбит кандидатуратын өйөөтүлэр.
Санатан эттэххэ, алтынньы саҥата Алексей Стручков “Якутскэнерго” АХ генеральнай дириэктэрин солбуйааччынан үлэлии барбыта. Кини оннугар Ил Дархан ыйааҕынан, бастакы вице-премьер-экономика миниистирин э.т. Нолуок федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын салайааччыта Михаил Осипов анаммыта.
Михаил Анатольевич 2007 с. Экономика миниистиринэн ананан биэс сыл устата үлэлээбитэ. Бу үлэлиир сылларыгар СӨ Оҥорон таһаарар күүстэрин, тырааныспарын уонна энергетикатын 2020 с. диэри биир кэлимник сайыннарыы схематын олоххо киллэрии күргүөмнээхтик барбыта. Нолуокка, бүддьүөккэ уларыйыылар киирбиттэрэ. Санатан эттэххэ, бу сылларга бүддьүөт тус бырагыраамаларынан тыырыллар буолбута. Ону таһынан, инвестиционнай бэлиитикэҕэ, инвестицияны киллэриигэ саҥа олуктар оҥоһуллубуттара.
“Кэлиҥҥи сылларга промышленнай эйгэни сайыннарыыга экономикаҕа база оҥоһулунна. Итинэн биһиги социальнай эйгэбитин сайыннарабыт. Кэлиҥҥи уонча сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр нолуоктан киирбит харчы биллэ улаатта. Итиннэ өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир бөдөҥ хампаанньалар улахан оруолу ылаллар. Ону сэргэ, кэлиҥҥи алта сылга (2009-2016 сс.) 450 социальнай эбийиэк тутулунна. Ол иһигэр 87 оскуола, 68 доруобуйа харыстабылын, 78 спортивнай, 102 култуура, 13 социальнай көмө эбийиэктэрэ үлэҕэ киирдилэр. Мин санаабар, бу икки боппуруоһу ситимнээн социальнай эйгэбитин тупсаран олоробут. Социальнай эйгэбитин сайыннарарбытыгар база баар. Бу тэтиммитин ыһыктыбакка үлэлиирбитигэр, производствобытын сайыннарарбыт наада”, — диэн иһитиннэрэр Михаил Осипов мунньахха.
Норуот дьокутааттара Михаил Анатольевичтан, сүрүннээн, инвестицияҕа, бүддьүөккэ, бизнескэ туһааннаах ыйытыылары биэрдилэр.
Ыспыраапка: Осипов Михаил Анатольевич — СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы-экономика миниистирэ.
1970 с. алтынньы 23 күнүгэр Ленинскэй оройуон Маар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. К.А.Тимирязев аатынан Тыа хаһаайыстыбатын академиятын, Россиятааҕы судаарыстыбаннай сулууспа академиятын, Россиятааҕы Ньиэп уонна гаас судаарыстыбаннай университетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Экономическэй наука доктора. СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Федеральнай нолуок сулууспатын бочуоттаах үлэһитэ.
Үлэтин Өктөмнөөҕү сопхуостан саҕалаабыта. Хоту дойду айылҕатын баайын туһаҕа таһаарыы экономикатын институтун Сибиирдээҕи салаатыгар, “Агроинвест” хампаанньаҕа, “Сахакредитбааҥҥа”, “Якутск” бааҥҥа, “Агропромбааҥҥа” үлэлээбитэ. 1997 сылтан нолуок эйгэтигэр үлэлиир. 2007 с. Экономика миниистирин солбуйааччынан, онтон миниистиринэн анаммыта. Манна биэс сыл үлэлээн баран, 2012 с. Нолуок федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын салайааччытынан үлэлээбитэ. Михаил Анатольевич Саха Өрөспүүбүлүкэтин каадырын резервэтигэр бастакы сүүс киһи ахсааныгар киирсэр.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.