“Сахафильм” киинэ устуудьуйата уонна “Күн оҕолоро” айар бөлөх өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ төрөөбүт күнүгэр Михаил Николаев туһунан документальнай киинэни Москва уобалаһыгар Сосны бөһүөлэккэ устаннар, сэтинньи 13 күнүгэр киэҥ араҥаҕа көрдөрбүттэрэ. Бу киинэ матырыйаалларыттан сүрүн өрүттэрин бэчээттиибит.
— Михаил Ефимович, бу туох сиргэ көрсүһэ олоробутуй?
— 1992 сыллаахха РФ бэрэсидьиэнин дьаһалтатыттан ылбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар. Мин Борис Ельцинтэн миэстэ биэрэригэр көрдөспүтүм. Дьон эмтэнэ кэлэн баран, кыһалҕаттан ситэ чөллөрүгэр түспэккэ, дьиэлэригэр көтөллөр диэн. Кини сөбүлэспитэ уонна Дьыалалары салайар управлениетыгар табыгастаах миэстэни булан биэрэригэр соруйбута.
— Манна мэлдьи олороҕун дуо?
— Сыл аҥаара – Сахам сиригэр, сыл аҥаара — манна. Олунньу ыйга баран баран, атырдьах ыйыгар төннүбүтүм.
ТӨРӨППҮТТЭРИМ ТУСТАРЫНАН
— Төрөппүттэриҥ туох дьон этилэрий?
— Боростуой дьон. Аҕам куорат таһынааҕы Баҕарах (Хатас) нэһилиэгиттэн төрүттээх, 1905 сыллаах төрүөх. Биир балтылаах этэ. Аҕам түөрт кылаас үөрэхтээҕэ. 15 сааһыгар сэбиэт сэкирэтээринэн талбыттара. 15-тээҕэр эрэ! 17 саастааҕар төрөөбүт сэлиэнньэтигэр сир оҥорооччулар табаарыстыбаларын тэрийбитэ. Онтон Хаҥалас улууһугар сири үллэрэр тэрилтэ сэбиэдиссэйэ этэ. 1939 сыллаахха Булуҥҥа Быыкап Мыыска көспүппүт, кини онно балык собуотугар үлэлээбитэ. Эдьиийим Быыкап Мыыска ыалдьан өлбүтэ. Биһиги Эдьигээҥҥэ көспүппүт, аҕам онно промкэмбинээккэ уонна балык собуотугар үлэлээбитэ. Онтон 1942 сыллаахха маһы соҕотуопкалааһыҥҥа ыыппыттара. Уонна ыам ыйыгар ууга түһэн, икки өттүнэн сэбиргэхтэппитэ. 1942 сыллаахха бэс ыйыгар Эдьигээҥҥэ өлбүтэ. Мин баара-суоҕа 4,5 саастааҕым. Биллэн турар, субу диэн кинини үчүгэйдик өйдөөбөппүн. Арай, балыыһаттан тахсан баран санныгар олордубутун өйдүүбүн.
Ийэм Хаҥалас улууһун Төхтүр сэлиэнньэтиттэн төрүттээх. Кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньата — Козлова. 11 оҕолоох ыалга алтыс оҕо этэ. Кини мөлтөхтүк ааҕара уонна суруйара. 1943 сыллаахха кыһалҕаттан Эдьигээнтэн көспүппүт. Убайым эбээтин кытта хаалбыта. Биһиги төрөөбүт сирбитигэр Өктөмҥө кэлбиппит. Ийэм сельпоҕа муоста сууйааччынан үлэлээбитэ. Кэлин оҕуруотунан күүскэ дьарыктаммыта.
— Ийэҥ нуучча этэ дуо?
— Оннук. Козловтартан төрүттээх. Дьаамсыктар. Ол эрээри сахалыы сахалардааҕар ордук үчүгэйдик саҥарара.
— Сэрии ыар сылларын хайдах тулуйбуккутуй?
— Олус ыарахана. Маннык хаһан даҕаны хатыланыан баҕарбаппын. Оҕолорбор, сиэннэрбэр кэпсээтэхпинэ, ыараханнык ылыналлар. Биһиги көлүөнэ оҕо сааһа ыарахан этэ. Сайын балыктаан, кыһын байҕал ымыытын (снегирь) тутар этибит. Оскуолабыт сорудах биэрэрэ. Моҕотой тириитин туттарарбыт, күһүн — отону, сайынын лууктуурбут.
— Байҕал ымыытын астаан сиир этибит диэтиҥ…
— Олус сөбүлээн сиэччибит. Ийэбит миин буһарара. Ити курдук олорбуппут.
– Москваҕа тугунан дьарыктанаҕын?
— Бастатан туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын сүбэһитэ статустаахпын. Үгүстүк ырытабын, сөптөөх бэлиэтээһиннэри оҥоробун. Министиэристибэлэргэ сылдьан бэйэм дьоммун кытта ыкса сибээстиибин.
ДЬАДАЙЫЫНЫ УТАРЫ
— Саамай кэнники туох этиини киллэрбиккиний?
— Дьадайыыны утары охсуһуу туһунан. Бу 2019 сыл алтынньыга. Киэҥ хабааннаах кыһалҕа. Хайдах маны туоратар туһунан аан дойду уопута баар. Аан дойду ас-үөл хаачыстыбата мөлтөөбүтүн билинэр. Оҥорон таһаарыыга сырье улахан кээмэйинэн киириэхтээх. Ыал хаһаайыстыбалара бэйэлэрин сииллэригэр анаан үүннэрэр буоланнар, химикаты туттубаттар. Бу матырыйаалы өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар биэрбитим. Туһалаах дьыала буолуо этэ дии саныыбын.
— Саха сиригэр төһө дьадаҥы киһи олороруй?
— Былырыыҥҥы бүтэһик чахчынан, 170 тыһыынча этэ. Ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэ хас бэһис олохтооҕо.
— Хамнас алын кээмэйэ төһөнүй?
— Билигин 12-14 тыһыынча. Сүрүннээн мантан кыраны ылаллар. Бу ыалларга оҕолорбут 40 бырыһыана (Арассыыйаҕа – 20 %) иитиллэр. Туох-ханнык иннинэ оҕолор кыһарыйтараллар.
ӨЛҮҮЛЭҺИЭХТЭЭХПИТ
— Ким бас билиитигэр гаас, таас чох баарый?
— АЛРОСА-ны тэрийэрбитигэр биһиги өлүү ылар этибит. Ону олох турунан туран ситиспиппит. Аахсыйалаах учредителлэр, гаас, ньиэп бырамыысыланнаһа бэйэлэрэ ылар өлүүлээх буолуохтаахтар. “Мечел” таас чоҕун барытын атыылаабыта. “Мечели” таас чоҕо суох атыылаабыттара. Элгэтээҕи баайдаах сир маннык саппаастаах, 47 миллиард солкуобай. Ньиэпкэ эмиэ итинник хартыына. Таалакаан биһиэнэ этэ, ол эрээри биһиги Ил Түмэммит итини биһиги тендергэ 500 мөлүйүөн дуолларга ылбыппытыгар утарбыта. Маннык хаһаайынныыр табыллыбат. Оччолорго маннык бэрээдэк баара: 20% эрэ федеральнай бүддьүөккэ барара, 60% өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киирэрэ. Ити түмүгэр өрөспүүбүлүкэ туга да суох хаалла. Өрөспүүбүлүкэ бүгүҥҥү күҥҥэ диэри дотацияҕа олорор. Баалабай бородууксуйа триллион 100 миллиард солкуобай буоллаҕына, бу үгүөрү үп. Биллэн туран, инники өттүгэр атын сыһыан олохтонуохтаах, сырьевой баайбытыгар өлүүлээх буолуохтаахпыт. Дьэ, оччоҕуна эрэ өрө тахсыахпыт. Ыарахан 90-с сылларга өрө тахсыбыппыт курдук. Бэйэҕит ырытан көрүҥ, биһиги 1990 сыллаахха киһи ресурсатын сайыннарыыга 47-с миэстэ буоллахпытына, 2000 сылга – 8 миэстэ. Бу сүрдээх көтөҕүллүү этэ. Маннык ханнык даҕаны сир-уот сайдыбатаҕа. Оччолорго биһиги 10 сыл устата 5 мөлүйүөн кв.м. олорор дьиэни туппуппут. Билиҥҥи курдук ипэтиэкэнэн буолбатах.
— 90-с сылларга судургу соҕус буолуо диэхтэрэ.
— Экэниэмикэ боппуруостарын быһаарбыппыт. Бастатан туран, Ельцин, төһөнү баҕараргытын ылыҥ диэбитэ.
— Бэлиитикэнэн дьарыктаныам диэн хаһан өйдөөбүккүнүй?
— Мин оскуола саҕаттан актыбыыс этим. Хомсомуол кэмитиэтин сэкирэтээрэ, үрдүк үөрэх кыһатыгар комсорг. Ол иһин мин баартыйа үлэтэ дуу, талбыт идэбинэн үлэ дуу диэн араарбат этим. Умса көрө сылдьар табыллыбат этэ. Саха ыччата билиҥҥи курдук хаһан даҕаны аһаҕас буолбатаҕа. Кинилэргэ тылы билэллэрэ олус көмөлөһөр. Кинилэр оҕолоро өссө аһаҕас буолуохтара.
90-С ЫАРАХАН СЫЛЛАРГА
— 1991 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнинэн талыллыбытыҥ. Ыарахан сыллар этэ дуо?
— Ити 90-с сыллар бастакы аҥаардара этэ. Производство баар — оҥорон таһаарбыт бородууксуйаны батарар кыах суох. Алмааһы, кыһыл көмүһү хостуубут — атыылыыр кыахпыт суох. Квота, лиссиэнсийэ суох аатырара. Биир сыл атырдьах ыйыгар диэри үбүлээбэтэхтэрэ.
— 1991 сыллаахха?
— Суох, 1995 сыллаахха этэ. Климент Егорович Иванов оччолорго боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл этэ. Мин хорсуммун киллэрэн, Борис Николаевич сынньана сытар сиригэр – Саратовка көппүппүт уонна киниэхэ көтөн түспүппүт. Онтон аны Ленскэйгэ, Алдаҥҥа Өлүөнэҕэ халаанныыр…
БОРИС ЕЛЬЦИН ТУҺУНАН
— Борис Ельцинниин чугас сыһыаҥҥыт туһунан үгүстэр этэллэр.
— Сүрдээхтик күүркэтэллэр. Оннук буолбат. Мин Борис Николаевич киһини сатаан истэрин кэтээн көрбүтүм. Бу — кини таһыччы уратыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ иккитэ кылгастык кэлэн барбыта. Иниспиэктэрдии кэлээһин буолбатах этэ. Бастаан кэлиитигэр Мэҥэ Хаҥаласка Чүүйэ оскуолатыгар, Павловскай хотонугар, онтон Анаабыр туундаратыгар сылдьыбыта. Иккис кэлиитигэр – Таатта улууһугар. Кини бу туох норуотуй, туох өйдөөх-санаалаах, тугунан тыынарый диэн билэ-көрө сатыыра. Биирдэ Борис Николаевич, ханна тохтуугунуй диэн ыйыппытыгар: “Гостиницаҕа”, — диэбитим. Онуоха, биһиги көһөн барарбытыгар хаалларар кыбартыырабытын ыллын диэбит. Мин олус кыбыстыбытым. Кини Лужковка эрийэн, Михаил Ефимовиһы бырапыыскалааҥ диэн сорудахтаабыта.
АЙСЕН НИКОЛАЕВ ТЫЛА ЫЙААҺЫННААХ
— Айсен Сергеевич Николаевы кэтээн көрөҕүн дуу?
— Кэтиибин. Айсен Сергеевич аныгы көлүөнэ бэрэстэбиитэлэ. Кини боппуруостары олус таһымнаахтык, сөптөөхтүк туруорсар. Бэрт кылгас кэм иһигэр итэҕэлгэ киирдэ, аптарытыаттанна. Кини Госсэбиэт мунньаҕар Уһук Илин бөлөҕүн салайааччыта буолбутугар мин ол экэниэмикэ пуорумугар сылдьыбытым. Кини киллэрбит этиилэрин сарсыҥҥы күнүгэр бэрэсидьиэн иһитиннэрбитэ. 2 бырыһыаннаах ипэтиэкэ эҥин туһунан. Бу Айсен Николаев тылыгар ытыктабыллаах сыһыан көстүүтэ. Министиэристибэлэр эмиэ кини туһунан үтүө тылынан ахталлар. Икки сыл иһигэр манныгы ситиһэр диэн сүрдээх. Хайдаҕын да иһин, кини провинция салайааччыта буоллаҕа, маннык түргэнник таҕыста.
ҮҺҮС БОЛДЬОХ ТУҺУНАН
— Үһүс болдьоххо турунарга былааннаах этиҥ дуо?
— Хааччахтааһыннары устар туһунан сокуон ылыныллыбытыгар, кыттарга быһаарыммытым.
— Тоҕо аккаастаммыккыный?
— Суут үөһэ суут мунньахтара бара турбуттара. Манна, Үрдүкү суукка, Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа. Онтон аккаастаммытым кэннэ Үрдүкү Суут быһаарыы (толкование) ыыппыта. Быыбарга диэри баара-суоҕа нэдиэлэ дуу, уонча дуу хонук хаалбыта. Салгыы туруулаһар наадата суоҕа.
— Эйиэхэ компроматтар хайдах дьайар этилэр?
— Мин өрүү этэбин, бэйэҕэ эрэли үөскэтиэххэ наада диэн. Бэйэ норуотун туһугар ылынар дьаһаллар (быһаарыылар) иһин куттанар табыллыбат. Норуот интэриэһин туруулаһыыга куттас буолар табыллыбат.
— Эн “Саха” НКИХ ханаалынан туһаайыы оҥорбутуҥ.
— Норуот үһүс болдьоххо барыа диэн эрэнэрэ. Ону кэтэспиттэрэ. Ити чэпчэкитэ суоҕа. Бэрэсидьиэҥҥэ сылдьыбытым. Утарбаппын диэбитэ. Оттон атын өттүттэн, Арассыыйа генеральнай борокуруорун солбуйааччы өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнин быыбарыгар туруоруллубутун өйдөөбөтөҕүм. Бу РФ бэрэсидьиэнин көҥүлэ суох буолуон табыллыбат.
— Аан бастаан манна кэлэригэр В.Путины туох дии санаабыккыный?
— ФСБ бэрэссэдээтэлэ эрдэҕинэ икки күн буолбута. Нам ыһыаҕын көрдөрбүтүм. Балачча аһаҕас этэ. Киниэхэ олордохпуна, Борис Ельцин эрийбитэ. Кэбиниэккэ ким баарын ыйыппытыгар: “Михаил Ефимович”, — диэбитэ. Кини ол кэмҥэ ыарытыйара. Ону ыалдьар кэм буолбатах диэбитим төлөпүөнүнэн кэпсэтэригэр. Кини күлбүтэ уонна бары өттүнэн Владимир Владимировиһы өйөө диэбитэ.
— Маннык эппитигэр кини ахсынньыга барыа диэн өйдөөбүтүҥ дуо?
— Оннук. Кини эргимтэтин дьоно эппиттэрэ.
— Сонуну хантан ааҕаҕын?
— Төрүттээбит буолан, СИА-ны ааҕабын уонна якт.ру көрөбүн. Икки сүрүн источниктан иһитиннэриилэри ылабын.
— ЯКТ.ру-га куоластааһын ыытыллыбытыгар эйиэхэ дьон бастакы миэстэни биэрбит этэ. Маны туох дии саныыгын?
— Мин тугу кыайарбынан бэйэм норуотум туһугар сулууспалаатым. Норуот баҕа санаатын ырытар табыллыбат. Мин бэйэм норуоппар эрэнэбин. Истиҥник махтанабын. Кинилэр тустарыгар ыраас суобаспынан оҥоруом, кинилэр тустарыгар үлэлиэм.
— Биир эмэ алҕастаргын ааттыаҥ дуо?
— Сорохтор сопхуостары үрэйбитэ дииллэр. Бастакытынан, сопхуостар диэн Арассыыйа баайынан буолаллара. Кинилэр тустаах министиэристибэни көрүүгэ-истиигэ тиийэ үбүлүүллэрэ. Онтон бас билиибитигэр ылбыппытыгар Гражданскай кодекска баар кэрискэҕэ сопхуостар киирбэт этилэр, көрүҥүн уларытыахтаахтара. Барытын моҥкуруут оҥорбуттара. Онон паайы барыларыгар үллэрэргэ быһаарыллыбыта. Бу сөптөөх быһаарыныы этэ. Ол эбэтэр, кырдьык өрөгөйдүөхтээх. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата, биһиги үп өттүнэн оччолорго кыайыа суоҕа этибит. Онтон сыыйа араас кэпэрэтииптэри, дьиэ кэргэн хаһаайыстыбаларын эҥин тэрийбиппит. Бүгүн бу процесс туруктаах буолла. Дьон тыа хаһаайыстыбатыгар ытыктабыллаах сыһыана төнүннэ.
— Ханнык сүрүн идиэйэ кыаллыбатаҕай эбэтэр оҥорбокко хаалбыккытый?
— Производственнай кыаҕы саҥардар, уларытар баҕалааҕым. АЛРОСА көрүҥүнэн (модель) – бастакыта, иккиһэ – биһиги бөдөҥ тэрилтэлэрбитин быдан хапытааллаах (капиталоемкай) гына аахсыйалаах оҥорор. Маны кыайбатаҕым. Билигин даҕаны бу суох. Бастакы холонуу Таалакааннааҕы баайдаах сир этэ. Куонкуруска кыттыбыппытыгар ньиэп хампаанньатыгар кирэдьиит ылбыппыт. Бу тиэмэҕэ сөбүлэһии баара. Хомойуох иһин, Ил Түмэммит бу хапытаалы тардыыга сөбүлэҥин биэрбэтэҕэ. Оччоҕуна олох түргэн тэтиминэн өрө тахсыа этибит, дьадайыыны уонна тыа сирин тупсаҕай оҥорууну быһаарыа этибит. Бүгүн Таалакаан ньиэбин бэйэҕэ турар сыаната 5-6 дуоллар, ону 50 уонна 100 диэри атыылыыллар.
“НОРУОППАР САЙДАР КЫАҔЫ БИЭРБИТИМ”
— Бэрэсидьиэнниир сылларгар сүрүн кыайыыларыҥ ханныктарый?
— Бастакыта, сөбүлэһиэхтэрэ дии саныыбын, норуокка сайдар кыаҕы, быраабы биэрбитим. Иккиһэ – норуот бэйэтин билиниитэ. Быһата, киһи сайдыытыгар көҥүлү биэрбиппит, үрдүк үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын сайдыыларыгар. Уонна оҥорон таһаарар кыаҕы сүтэрбэтэхпит. Бары салаалары оннунан хаалларбыппыт. Иистэнэр фабриканы, килиэп собуотун, арыгы собуотун, “Сахамебели” омук тэриллэринэн сэбилээбиппит. ЮНЕСКО, Хотугу Форум чилиэннэрэ буолбуппут. Циркэлэр Пекин оскуолатыгар уһуйуллан тахсыбыттара 25 сыл буолла уо.д.а. Успуорт, өй оонньуулара ыытыллыбыттара. Ыччаппытын аан дойдуга таһаардыбыт. Кинилэр бүгүн көҥүл дьон. Ааптарыскай, Бэрэсидьиэн оскуолаларын тиһигин тэрийбиппит. Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ ылыныллыбыта. Төрөөбүт тылынан үөрэтиини турууласпыппыт. Бу барыта Суверенитет, саҥа Конституция көмөлөрүнэн ситиһиллибитэ. Бүгүн бары таһымҥа дьоһун миэстэҕэ сылдьабыт. Бу ситиһии буолбатах дуо?
— “Муусука барыбытыгар” бырайыагыҥ туһунан.
— Норуоту хайдах чөлүгэр түһэриэххэ? Төрүт култуураны сөргүтэр наадата тирээбитэ. Иван Алексеев-Хомус Уйбаан хомус туһугар туруулаһан, бэртээхэй хомус мусуойун тэрийбитэ. Александр Жирков олоҥхо туһугар, кини идиэйэтинэн ассоциация тэриллибитэ. Ыһыахпыт – баарбыт-суохпут. Дьон хараҕа уоттаммыта. Саха тыла судаарыстыбаннай буолбута. Муусука эрэ буолбатах, балет, циркэ… Үгүс оҥоһуллубута. Эбэтэр үрдүк технологиялары да ылан көрүөҕүҥ. Майтона, Индрайвер. Норуоппут хайдах курдук талааннааҕый, өйдөөҕүй, үлэһитий! Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан декларацияны сайдыыга быраабы ылыы курдук саныыбыт.
— Ханнык муусуканы истэҕиний?
— Соччо быһаарсыбат да буолларбын, классиканы ордоробун. Чайковскай, Моцарт муусукаларын. Саха муусуката олус баай, иэйиилээх. Композитордарбытыгар өйөбүл наада. Кинилэргэ үчүгэй меценаттары булар уолдьаста. Муусука Үрдүкү оскуолата араас үнүстүрүмүөннэргэ элбэх исписэлииһи бэлэмнээтэ.
ТАПТЫЫР ЫРЫАҺЫТЫМ – СИЭЙЭ УОЛА…
— Саха эстрадатыгар тохтуохха. Аныгы ырыаһыттары төһө билэҕин?
— Таптыыр ырыаһытым Сиэйэ Уола бэрт ыарахан дьылҕалана сырытта. Кини олус бэртээхэй ырыаһыт. Анатолий Бурнашев ырыалара бааллар, тэһийбэтэхпинэ, холбоон истэбин.
Консерваторияны бүтэрбиттэри кэрэхсиибин. Иван Степанов, Айталина Адамова, соловей куоластаах Альбина Борисова-Кычкина. Кинилэр — биһиги кыһыл көмүс пуондабыт. Эдэрдэрбит улуу киинэлэри устан эрэллэр. Дмитрий Давыдов “Пугало” киинэтэ. Эбэтэр Сардаана Трофимова Саха сирэ былаахтаах сүүрэн финишкэ тахсыыта. Бу барыта Чөл олох түмүгэ.
— Улахан кыайыылар тустарынан иһиттэххинэ, туох санаа киирэрий?
— Киэн туттуу.
— Киинэлэри ахтан аастыҥ. Ханнык киинэни сөбүлүүгүн?
— “Тойон Кыыл”, “Мин үрдүбэр күн киирбэт”, “Сайсары күөлгэ түбэлтэ” эмиэ үчүгэй. Оҕолор маладьыастар! Айымньылаахтык үлэлииллэр. Дьиҥ олоҕу көрдөрөллөр. Былыр-былыргыттан сахалар айылҕаны кытта ыкса ситимнээхтик олорон кэллибит. Бүгүн бу маннык көстүү аан дойдуга суох. Киһи дууһата, сиэрэ-майгыта уонна айылҕаны харыстааһын — бу икки сүрүн олук аан дойдуга наада. Аан дойду үгүһү сүтэрдэ.
Киинэ ырыынага “хаппырыыс”, онон продюсердары бэлэмниэххэ.
— Инникини хайдах көрөҕүн?
— Икки чахчы баар. Үксүгэр федеральнай киинтэн олус тутулуктаах. Ордук нолуок тиһигэ, норуот быраабын кэҥэтии. Саха норуота туруктаах буолуу уонна демография иһин улахан эппиэтинэһи сүгэр. Михаил Тырылгин 70-с сылга саха норуота 1 мөлүйүөн ахсааҥҥа тиийиэ диэн ааҕан турар. Дьэ, бу баар бэртээхэй национальнай бырагыраама. Арассыыйаҕа эмиэ демография бастакы күөҥҥэ тутуллар. Бу кыаҕы туһаныҥ. Маны ситиһиэхпит тиэргэн хаһаайыстыбаларын тэрийэн, тыа сирин бөҕөргөтөн.
— Саха күүстээх өрүттэрэ ханныктарый?
— Тыыннаах хаалар туһугар охсуһуу, билиигэ дьулуһуу, тулуурдаах буолуу уонна майгыта-сигилитэ.
— Үчүгэй салайааччы ким этэй дии саныыгыный?
— Гавриил Чиряев. Бу сүҥкэннээх улуу салайааччы. Кини үлэлэринэн билиҥҥэ диэри туһанабыт. Мин салайааччы быһыытынан Чиряев саҕана атахпар турбутум. Кини болҕомтолоохтук кэтээн көрөөччү, ирдээччи, кириитикэлээччи. Чиряев да иннинэ үлэлээбиттэр бааллара, ол эрээри “провинциальность” баһыйара. Федеральнай киини кытта куруук сибээстэһии суоҕа. Кини салайар кэмигэр Бүлүү, Халыма, Өлүөнэ суоллара тутуллубуттара. Кыра холкуостар сопхуос буолбуттара.
— Саамай дьоллоох түгэниҥ?
— Бастакы кыыһым күн сирин көрүүтэ.
— Хомолтолоох түгэниҥ?
— Соҕотох уолум Максим бу Орто дойдуттан барыыта.
— Тугу сөбүлээбэккиний?
— Таҥнарыыны.
— Сүрүн быһыыҥ-майгыҥ?
— Бэриммэккэ, кэтэмэҕэйдээбэккэ, иннин диэки барыы.
— Таптыыр кинигэҥ?
— Чулуу дьон туһунан мемуардары кэрэхсиибин. Эйнштейны соччо үчүгэйдик билбэт этим. Бары өттүнэн миэхэ кумирым. Киһи кыайан да ойуулаан кэпсээбэт киһитэ. Элбэххэ үөрэнэҕин.
— Мемуар суруйаҕын дуо?
— Мемуар буолбатах, олоҕум суолун туһунан “Родом из Севера” кинигэлээхпин.
— Мемуары хаһан суруйуоххунуй?
— Суох.
— Дьоллооххун дуо?
— Дьоллоохпун. Мин урут дьоллоох буолуу оҥкулун (формулатын) бэйэбэр анаан суруйбутум. Таптыыр үлэ, тапталлаах дьиэ кэргэн уонна дьоҥҥо туһалаах киһи буолуу. Уонна бу формулабар сөп түбэһэбин дии саныыбын.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru