Михаил Николаев: «Айылҕабыт баайын кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыаҕыҥ»

Ааптар: 
03.03.2017
Бөлөххө киир:

2030 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ сайдыытын стратегиятын дьүүллэһиигэ туһааннаах кэккэ этиилэрбин кытта сэргэ, бу ыстатыйабар саҥа сайдыыга кыттыахтаах бар дьоммор сүрүн болҕомтону уурабын.

Михаил НИКОЛАЕВ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы БэрэсидьиэнэТуһааннаах тиэмэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эрэ буолбакка, дойдубутугар бүттүүнүгэр суолталаах. Бу туһунан кэпсэппиппит ыраатта. Аҕыйах сыллааҕыта наука ситиһиилэрин производствоҕа туһаныаҕыҥ, наука уонна тиэхиньикэ сайдыытын  түргэтэтиэҕиҥ, үлэ оҥорумтуотун уонна дьон-сэргэ олоҕун таһымын үрдэтиэҕиҥ диэн ыҥырар этибит. Кэлин инновационнай экономика, сайдыылаах технологиянан оҥоһуллубут табаар уонна элбэх үбү киллэрэр өҥө туһунан кэпсэтэр буолбуппут. Атыннык бу маны «билии экономиката» дииллэр.

Тылтан дьыалаҕа көһөр кэм уол­дьаста. Бу тыыннаах хааларбыт уонна салгыы сайдарбыт сүрүн ирдэбилэ буолла.

Аан бастаан киһи аймах аһылыгы булунарга уонна тыыннаах хааларга эрэ дьулуһара. Кэлин бырамыысыланнай оҥорон таһаарыыны хаҥатаары искусственнай эйгэни төрүттээбитэ уонна саҥалыы сири-уоту тэрийбитэ. Дьон тырааныспар, энергетикэ тиһиктэрин уонна эбийиэктэрин тэрийбиттэрэ. Бу барыта айылҕабытыгар дьайбыта. Техногеннай цивилизация бүгүн сайдыытын муҥур уһугар тиийэн турар. Билигин экология өттүттэн хонтуруол учуонайдар эрэ дьарыктара буолбатах. Бу киһи аймах салгыы олоҕун, тыыннаах хааларын хаалбатын кытта ыкса ситимнээх. Бу ордук ырылхайдык хоту, Арктика кытылыгар уонна “үйэлээх ирбэт” тоҥ тайаан сытар сиригэр-уотугар турар.  Бу кавычканы “үйэлээх ирбэт” диэҥҥэ соруйан туруордум. Тоҕо диэтэххэ, сайдыы үлүскэнигэр бу даҕааһын ааты сорох ардыгар сотон кэбиһэллэр. Ирбэт тоҥмут ирдэҕинэ, айылҕа эрэ уларыйбат. Туох баар инфраструктурабыт айгырыыр кутталлаах.

Былыр былыргыттан хотугу сири-уоту баһылаабыт баай уопуппут үлэбит түмүгүн саҥалыы көрөр кыаҕы биэрэр, салгыы сайдарбытыгар хайдах аартыгы торумнуурбутун ыйар-кэрдэр.

Хотугу норуоттар төрөөбүт айылҕаларыгар харыстабыллаахтык  сыһыаннаһаллара, олохторун-дьаһахтарын айылҕа көстүүлэрин уонна уларыйыыларын кытта дьүөрэлииллэрэ. Ол иһин, маннык философия кинилэргэ тыыннаах хаалар, саҥалыы сайдыыны өйдүүр кыаҕы биэрбитэ.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр баһаам элбэх сир баайа хараллан сытар. Бу — Үрдүк Айыы бэлэҕэ. Ол эрэн, бу бэлэхпит биһиэхэ эмиэ ыар таһаҕас, кэлэр көлүөнэ ыччаппыт иннигэр сүҥкэн эппиэтинэс. Биһиги “мэтээлбит” күлүк өттүн туһунан эмиэ толкуйдуохтаахпыт. Сайдыыны тохтотор кыаллыбат. Технологическай сайдыы тэтимэ уонна хабаана айылҕа ис кыаҕын кытта сөбүлэспэт, утарар буолан эрэр. Ол түмүгэр киһи аймах кыайан дьаһайбат кутталлаах быһыыта-майгыта үөскүөн сөп. Ол аата, саҥалыы билиини-көрүүнү чопчу уонна тус аналынан эрэ туһанар уолдьаста. Маныаха сүрүн ирдэбилинэн киһини уонна кини сүүһүнэн сылларга айбыт култууратын харыстааһын буолуохтаах.

Технологическай укулаат уларыйыыта олус түргэн. Бүгүн хас мүнүүтэ ахсын интэриниэт тиһигинэн 150 мөлүйүөн электроннай сурук,  батсаап нөҥүө 20 мөлүйүөн иһитиннэрии тарҕанар. Интэриниэккэ хас мүнүүтэ аайы 3 мөлүйүөнтэн тахса видео-көрүү, 2 мөлүйүөн кэриҥэ ыйытыы киирэр. 2016 сылга аан дойду историятыгар аан бастаан IT-хампаанньалары (FPPL Fasebook) капитализациялааһын ньиэп аарымаларын капитализациятын куоһарда. Дьон дьарыктаах буолуута эмиэ уларыйар. 2030 сылга 7 мөлүйүөн идэ сүтүөҕүн уонна 10 мөлүйүөн саҥа идэ үөскүөҕүн сабаҕалыыллар.

Саҥалыы сайдыы стратегията цифровой өҥөнөн туһаныыга тэҥэ суох буолууну суох оҥорууну (преодоление цифрового неравенства) кытта ыкса сибээстээх. Саха сиригэр нэһилиэнньэлээх пууннар медицинэ кииннэриттэн, үөрэх тэрилтэлэриттэн тыһыынчанан килэмиэтир кый ыраах сыталлар. Ол иһин хоту дойдуга цифровой тэҥэ суох буолуу олус сытыытык турар.

Биһиги бу кыһалҕаны быһаарарбытыгар тэтимнээхтик уларыйа-тэлэрийэ турар аан дойдуга сайдыы саҥа ньымаларын көрдүөхтээхпит. Биһиги бэйэбитин сайдыыны эккирэтээччи буолбатах, тэтимнээхтик сайдар уопсастыба тэҥ бырааптаах субъегын быһыытынан көрөбүт. Эккирэтээччи наар кэнники кэккэҕэ сылдьар диэн өйдөбүл баар. Биһиэхэ маннык суол кэрэгэй. Биһиги дьылҕабыт бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх буолуохтаах.

 Сир баайын хостооһуну, таҥастааһыны уонна туһаҕа таһаарыыны быдан көдьүүстээх аныгы технология айыллан тутуллуор диэри тохтотуоҕуҥ.Биһиги “айылҕабыт кыладабыайын” кэлэр көлүөнэлэргэ стратегическай саппаас быһыытынан хаалларыахтаахпыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар сырьену хостооһун тэтимин аччатыы туһунан уустук быһаарыныыны ылыныахтаахпыт. Бу оҥорон таһаарыыны энчирэтии диэн буолбатах. Сырьену оҥорон таһаарыы сорох хайысхаларын былааннаахтык сарбыйыаҕыҥ. Саҥа баайдаах сирдэри чинчийиигэ уонна саппаастарын быһаарыыга үлэни ыытыаҕыҥ. Ол кэннэ сир баайын хостооһуну, таҥастааһыны уонна туһаҕа таһаарыыны быдан көдьүүстээх аныгы технология айыллан туттуллуор диэри тохтотуоҕуҥ.

Хоту дойду норуота цифровой өттүнэн тэҥэ суох буолуутун туоратар судаарыстыбаннай кэлимсэ тиһиги оҥоруохха. Бу уопсастыба уонна судаарыстыба стратегическай соруга буолуохтаах. Хоту дойдуга олорор дьон хаачыстыбалаах, аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир медицинскэй көмөнү, үөрэҕи ылалларын мэктиэлиэхтээхпит. Хотугу сирдэри-уоттары итинник күүскэ тэтимнээхтик сайыннарыы 60-с, 70-с сылларга буолбута. Маннык миэрэлэри ылымматахпытына,  дьону Хоту дойдуга кыайан олохсутуохпут суоҕа. Бу кыһалҕа дойдуга бүттүүнүгэр даҕаны дьоһун суолталанна.

Иккиһинэн, бастакы соругу сэргэ, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун ис тутулун уларытыахтаахпыт. Иһитиннэрэр-телекоммуникационнай технологиялар сайдыылара бу соругу киэҥник уонна кылгас болдьоххо быһаарарга кыах биэрэр.

Биһиги ресурсаны, уоту, матырыйаалы кэмчилиир, экологическай өттүнэн ыраас производствоны араас хайысхаларга тэрийэр үөрүйэхтээхпит. Итилэргэ киирэллэр:

— кырыылыыр уонна ювелирнай оҥоһуктары оҥорон таһаарыы;

— базальт технологиятыгар олоҕуран композитнай тутуу матырыйаалларын оҥорон таһаарыы;

— “өйдөөх” тутуу технологияларын дьиэ тутуутугар, төрүт инфраструктура эбийиэктэрин үлэҕэ киллэриигэ киэҥник туһаныы;

— ИТТ олоҕуран, “өйдөөх” табаары оҥорон таһаарыы (оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо компьютернай оонньуулартан саҕалаан, киһиэхэ уонна уопсастыбаннай куттал суох буолуутун уустук тиһигэр тиийэ, дьиэ хаһаайыстыбатыгар уонна олоххо-дьаһахха робот-көмөлөһөөччүгэ тиийэ);

— килиэккэ технологиятын, геннэй инженерияны сайыннарыыга олоҕуран үрдүк технологиялаах медицинэни сайыннаран, роботы уонна теле-медицинэни туһанан, дьон доруобуйатын харыстааһын боппуруоһун саҥа таһымҥа таһаарыы;

— үөрэхтээһиҥҥэ саҥа тииптээх оскуолалар ирдэнэллэр, үөрэх кииннэрин тэрийии, талааннары уонна оҕолор кыахтарын эрдэ сайыннарыыга, иитиигэ көһүү, үөрэнээччилэр научнай-үөрэтэр олимпиадаларын, иитиигэ норуот педагогикатын киэҥник туһаныы;

— биотехнологиялары уонна оҥорон таһаарыыга аныгы технологиялары сайыннарыы, үүнээйини үүннэриигэ уонна сүөһү иитиитигэр, балыктааһыҥҥа уонна бултааһыҥҥа тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын астааһыны сайыннарыы;

— ойуур хаһаайыстыбатын, уу ресурсаларын, салгын туругун, олорор эйгэҕэ килиимэт уонна геофизика көрдөрүүлэрин туругун инструментальнай кэтээн көрүү тиһигин тэрийии;

— айылҕа ресурсаларын үөрэтиигэ научнай чинчийиилэри киэҥник ыытыы, ИТТ геологическай-чинчийэр үлэлэргэ, итилэр кээмэйдэрин уонна сирдэринэн-уоттарынан тыырыыга барыллаан сыаналааһын;

— норуот оҥоһугун үгэс буолбут салааларын сайыннарыы.

Ситиһиилэри туох кыалларынан кэпсиэххэ, реклама тиһигин оҥоруохха уонна саҥа технологиялары тэрийиини көҕүлээччилэри өйүөххэ. Предпринимательствонан дьарыктанааччылар ырыынакка батарыыларыгар судаарыстыба өттүттэн өйүүр тиһиги торумнуохха. Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр да буоллун. Бу үлэни нормативнай-быраап аакталарын тэрийиинэн эрэ муҥурдаммакка, предпринимателлэргэ  бородууксуйаларын батарыыларыгар чопчу көмөлөһүөххэ. ИТТ киэҥник туһаныы биир хайысхатынан экологическай, экстремальнай уонна этнографическай туурдары тэрийии буолар. Сөптөөхтүк тэрийдэххэ уонна өйөөтөххө, туурдары сылы эргиччи үлэлэтиэххэ, туризм саҥа индустриятын тэрийиэххэ сөп.

Өрөспүүбүлүкэбит тыйыс килиимэтин уратытын туһанан, киһи-аймах Марска тыыннаах буолуутун саҥа технологиятын боруобалааһыҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы полигону тэрйиэххэ сөп.

Кэнэҕэски кэмҥэ, ИТТ эйгэтигэр саҥа иһитиннэрэр бородууктаны тэрийэргэ үлэни ыытыахха сөп. Ол бородууктаны бэйэбит да туһаныахпыт уонна өрөспүүбүлүкэ тас да өттүгэр таһаарыахпыт. Маннык бырагыраамалары уонна бырайыактары ыытыыга сөптөөх усулуобуйа баар. Бу хайысхаҕа М.К.Аммосов аатынан ХИФУ, Медицинэ национальнай киинэ үлэлииллэр. Үрдүк технологияларга оҥорон таһаарыыга кэккэ ситиһиилэрдээхпит. Каадырдары бэлэмнээһин бырагырааматыгар, каадырдары хат үөрэтиигэ, кэм ирдэбилигэр олоҕуран, күүскэ үлэлиэхтээхпит. Доруобуйа харыстабылын тиһигэр нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстааһыҥҥа кэккэ инновационнай тэрээһиннэри ыытыахтаахпыт. Ол курдук, былааннаах сэрэтэр үлэ, нэһилиэнньэни 100 %  диспансеризациялааһын, аныгы үрдүк технологиялаах ньымалары уонна тэриллэри киэҥник туһаныы күүскэ ыытыллыахтаах.

Судаарыстыбаннай былаас уорганнарын кыаҕа барыта бу хайысхалары өйөөһүҥҥэ, оҥорон таһаарыы бары кыттааччыларыгар дьиҥнээх көмөҕө туһуланыахтаах. Оччоҕо биһиги кэскилбит кэҥииригэр, сайдарыгар кыах баар буолуоҕа.

Михаил Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0