Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ, Судаарыстыбаннай сүбэһит Михаил Николаев сэтинньи 13 күнүгэр 80 сааһын үбүлүөйдээтэ. Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах, саҥа суолга үктэниибитигэр тирэх, олук буолбут киһибит. Онон бары да сүргэбит көтөҕүллэн, кини үөрүүтүн тэҥҥэ үллэһиннибит.
Үбүлүөй, бастатан туран, дьиэ кэргэн бырааһынньыга. Михаил Ефимович бөдөҥ политическай диэйэтэлин таһынан, тапталлаах кэргэн, амарах аҕа, эйэҕэс эһээ, хос эһээ эбээт. Онон бүгүҥҥү нүөмэргэ кини дьиэ кэргэнин олоҕун сэгэтэн көрүөҕүҥ.
edersaas.ru
Бастакы көрсүһүү
Дора Никитична уонна Михаил Ефимович Николаевтар Омскайга интститукка үөрэнэ сылдьан билсиспиттэрэ. Оччолорго кинилэр Дора Сухаринова уонна Миша Николаев этилэр. Бастакы көрсүһүүлэрэ 1956 сыл күһүнүгэр этэ. Дора – үһүс куурус устудьуона (оскуолаҕа 6 саастааҕар баран, үөлээннээхтэриттэн эрдэ туттарсыбыта), Михаил, үөрэххэ хойутаан киирэн, бастакы куурус.
Институт улахан кууруһун устудьуоннара сылын аайы саҥа кэлбит оҕолорго көрсүһүү тэрийэллэрэ. Сахалар сахалара өтөн, куруутун айылҕаҕа талаһаллара, онон бастакы көрсүһүүлэрин институт таһыгар баар хатыҥ чараҥ быыһыгар ыытарга былааннаммыттара. Бу туһунан Дора Никитична: “Биир үтүө күн “саҥа оҕолору кытары көрсүһүү хатыҥ чараҥҥа буолар” диэн уопсайбытыгар сүпсүлгэн буолла. Онно Михаилы аан бастаан көрбүтүм. Онтон ол күһүн Саха сирин устудьуоннарын иккис көрсүһүүтүгэр миигин үҥкүүгэ ыҥырбыта. Ол кэнниттэн уопсайга атаарсан, киинэҕэ, тыйаатырга сылдьан, билсиһэн, доҕордоһон барбыппыт”, — диэн ол кэми олус истиҥник ахтар.
Оттон Михаил Ефимович Дораны аан бастаан ити иннинэ спортивнай саалаҕа хараҕынан хайгыы көрбүтүн туһунан: “Дора хайаларынааҕар да олус имигэстик хамсанара. Намчы көрүҥнээх, кэрэ сэбэрэлээх, сырдык хааннаах саха эдэркээн кыыһын көрөөт, тута сөбүлээбитим”, — диэн кэлин билиниэҕэ. Дора оччолорго гимнастикаҕа Омскай куорат чөмпүйүөҥкэтэ этэ. Оттон Михаил – штангист. Онон спортивнай саалаҕа бииргэ дьарыктаналлара кинилэр билсиһиилэригэр төрүөт буолбута.
Ити курдук эдэрдэр икки сыл доҕордоһон баран, Дора үөрэҕин бүтэрэр сылыгар, 1958 сыллаахха, ыал буоларга быһаарыммыттара.
Илиинэн толоруллубут сибидиэтэлистибэ
Ити сыл дойдуларыгар кэлэн дьонноругар (Дора ийэтэ Ньурбаҕа, Михаил ийэтэ Өктөмҥө олороллоро) ыал буолан эрэллэрин туһунан иһитиннэрэллэр. Онтон күһүн атырдьах ыйыгар Өктөмҥө тахсан саахсаланаллар. Оччолорго кэргэннии буолар туоһу суругу нэһилиэк сэбиэтэ толороро. Михаил ийэтэ Мария Михайловна олус үөрэн туран, сэбиэт сэкирэтээрин, билэр уолун ыҥыртаран, саахсалатар. “Икки өттүттэн элбэх оҕолоох ыалга улааппыппыт. Аҕаларбыт эрдэ суох буоланнар, аҥаардас ийэлэргэ эрэ иитилиннэхпит. Туох улахан уруута, сыбаайбата кэлиэҕэй? Судургутук илии охсуһан, саахсаламмыппыт. Саахсаланар күммүтүгэр сэкирэтээр уол кэлэн, “Михаил, бэйэҥ үөрэхтээх киһигин, туоһу суруккун бэйэҥ толор” диэн сибидиэтэлистибэбитин бэйэбитигэр толорторбута. Оннук саахсаланан турабыт”, — диэн Дора Никитична кэпсиир.
Билигин ити суруктара, Михаил Ефимович олус кичэйэн, кыраһыабай буочарынан толорбут туоһу суруга, дьиэ кэргэн архыыбын биир тутаах кэриэс мала.
Соломо тэллэх
Саахсаланан баран, эдэрдэр тус-туһунан олорорго күһэллэллэр. Дора Уус Алдаҥҥа ананан бэтэринээр бырааһынан үлэлии тахсар, Михаил салгыы үөрэнэ барар. Михаил Ефимович үөрэҕэр барыан иннинэ Доратын олохтуу диэн Бороҕоҥҥо барсар. Онно эдэр исписэлиискэ диэн бэтэринээрдэр дьиэлэригэр хос анаабыттар этэ. Мал-сал, иһит-хомуос, эгэ утуйар таҥас-сап кэлиэ баара дуо? Суох. Хосторугар эргэ остуол, олоппос, туорай атахтаах тапчаан баара. Онно матараас хаҕар соломо симэн баран тэллэхтэнэн утуйаллара. Кэлин: “Маҥнайгы тэриммит малбыт диэн соломо тэллэх этэ. Кэлин сыыйа-баайа тэринэн барбыппыт. Ол эрээри кимнээҕэр дьоллоох этибит. «Биһиги дьадаҥыбыт» диэн өйгө да суоҕа”, — диэн ахтыахтара.
Ити курдук, Дора үс сыл Уус Алдаҥҥа үлэлиир. Михаил Омскайга үөрэнэр. Арай төрдүс кууруска сылдьан быраактыкатыгар Бороҕоҥҥо кэлэн барбыта. Манна улахан кыыстара Оля күн сирин көрбүтэ.
Эдьигээн — Дьокуускай —Үөһээ Бүлүү
1961 с., Михаил үөрэҕин бүтэрэр сылыгар, Николаевтар Эдьигээҥҥэ көһөн бараллар. Онно тиийэн, бастаан кыра хоско, онтон уопсайга, кэлин туспа турар дьиэҕэ олороллор. Кэлин бу туспа олорбут дьиэлэрэ мусуой буолбута. Михаил Ефимовиһы кылгас кэмҥэ бэтэринээр бырааһынан үлэлэтэн баран, Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Коммунистическэй Сойууһун Эдьигээн улууһунааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн аныыллар. Дора – бэтэринээринэн үлэлээн барар. Эдьигээҥҥэ түөрт сыл олорбуттара. Манна иккис кыыстара Таня төрүүр. Үс сыл тус-туспа олорбут кэннэ, ыал ыал курдук бу – бастакы олорооһуннара этэ.
“Эн биһи иккиэн тэҥҥэ кырдьыахпыт”
Онон бэйэ-бэйэлэрин Эдьигээҥҥэ олорор кэмнэригэр ыкса билсибиттэрэ. Эдэр сүрэх эрчимнээх, дохсун, баламат. Эйэргэһиигэ да, кыыһырсыыга да кыым эрэ саҕыллыан кэрэх, өрө күүдэпчилэнэ түһэр үгэстээх. Николаевтар да онтон туора турбатахтара. Саҥа бииргэ олорон эрэр эдэр дьон тыл-тылга киирсибэттэрэ да ханна барыаҕай? Биир күн Дора улаханнык кыыһыран: “Кыргыттарбын илдьэ барабын, бэйэҥ хаал”, — диэн муос-таас курдук эппитэ. Онуоха Михаил: “Дорыа, эн биһиги иккиэн тэҥҥэ кырдьыахпыт. Эһигини ханна да ыыппаппын”, — диэн сымнаҕыстык, ол эрээри кытаанахтык биирдэ этэн кэбиспитэ. Кэлин итини санаан Дора Никитична Михаилын диэки сылаас-сылаастык көрүөҕэ, ис иһиттэн үөрэн мичээрдээн ылыаҕа. “Үтүө ат биир кымньыылаах, эр киһи биир тыллаах” диэн этиилэрэ ити ээ, быйыл бииргэ олорбуттара 59 сылын туолла.
Эдьигээн кэнниттэн Николаевтар аны Дьокуускайга көһөн кэлэллэр. Михаил Ефимович куоракка комсомолга салайар үлэҕэ ананар. Оттон Дора Никитична үлэ булбакка гынан баран, кэлин Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр статистигынан, онтон Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар учууталынан үлэлээбитэ. Эдэр ыал көһөн кэлээт, Радиокиин оройуонугар мас дьиэҕэ олорбута. Онон Олялаах Таня бастакы кылааска Дьокуускай куорат оскуолатыгар барбыттара.
Ити олордохторуна, 1971 с. аҕаларын Үөһээ Бүлүүгэ райком сэкирэтээринэн анааннар, аны онно көһөн барар. Дора Никитична учуутал буолан үөрэх сылын бүтэртэрээри уонна кыргыттар үөрэхтэрин быһымаары эһиилигэр 1972 с. тиийбиттэрэ. Олялаах Таня оччолорго төрдүс, бэһис кылаастар этэ.
Оскуолаттан оскуолаҕа көһүү, биллэн турар, чороччу улаатан эрэр оҕолорго дьайара. Онуоха ийэ киһи Дора Никитична: “Аҕаҕытын түһэн биэримэҥ, үчүгэйдик үөрэниҥ, бэрээдэги кэһимэҥ”, — диэн кыргыттарыгар өрүү санатара, сүбэ-ама буолара. Кырдьык, Олялаах Таня дьон-сэргэ кинилэри өрүү көрө-истэ, тылларын тамаҕар түһэрэ сылдьалларын манна кэлэн ордук билбиттэрэ. Итиннэ киин сиртэн тыа сиригэр кэлбиттэрэ уонна арыый улаатан ону-маны өйдүүр буолбуттара да таайара буолуо. Ол иһин оскуола эрдэхтэн үчүгэй үөрэхтээхтэрэ, оскуолаҕа ыытыллар туох баар дьаһалларга кыттыһан иһэллэрэ. Итиннэ аҕаларын үтүө холобура төһүү күүс буолбута саарбаҕа суох. Уонна ийэлэригэр дьиэ ис-тас үлэтигэр тэҥҥэ сылдьан үлэттэн толлубат буолуулара эмиэ эпсибитэ эрэбил. Ол курдук, дьон-дьон курдук муус муустууллара, мас мастыыллара, оҕо-оҕо курдук сүүрэллэрэ-көтөллөрө.
Дора Никитична да мантан саҕалаан дьон араас сыһыанын көрсөн барбыта. Михаил Ефимовичка тугу эрэ, кими эрэ үҥсэн түүннэри кытары төлөпүөннүүллэрэ, онуоха Дора Никитична Михаилын уутун уйгуурдубакка (киэһэ хойут кэлэн утуйбут уонна сарсыарда эрдэ турар киһи хайа сынньаныан наада дии), бэйэтэ барыларын уоскутан оргууй-наллаан кэпсэтэрэ. Кини бэйэтэ этэринии, хаһан баҕарар, ханна баҕарар киһиэхэ үтүөтүк сыһыаннастахха, дьон-сэргэ убаастабылын ылаҕын. Ол сиэринэн, Николаевтар кимтэн да уһулуччу буола сатаабакка, судургутук олорбуттарын курдук олорбуттара. Михаил Ефимович, Дора Никитична иккиэн ис айылгыларынан оннук дьон.
Салайааччы быһыытынан кинини үтэн-анньан көрүү да баара. Этэргэ дылы, улаҕата биллибэт киэҥ байҕалга тахсыах иннинэ баарыһы тыырынан көрүү, бэлэмнэнии этэ.
“Аҕабыт күүһэ биһиэхэ эмиэ бэриллэрэ”
Николаевтар 1975 сыллаахха төттөрү Дьокуускайга көһөн кэлэллэр. Бу сылтан саҕалаан Михаил Ефимович Миниистирдэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, Тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн, комсомол Дьокуускайдааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Дора Никитична Тыа хаһаайыстыбатын салайар каадырдарын бэлэмниир техникумҥа преподавателлээбитэ. Манна 15 сыл үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.
Кинилэр дьиэ кэргэҥҥэ уонна биһиэхэ барыбытыгар да быһаарыныылаах кэминэн – 1989 сыл буолбута. Ити сыл Михаил Ефимович Үрдүкү Сэбиэт президиумун бэрэссэдээтэлинэн, онтон Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн ананар. Онтон 1991 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнинэн талыллар. Николаевтар олохторугар уонна Саха сирин бүттүүнүгэр саҥа кэрдиис кэм саҕаланар.
Аҕалара өрөспүүбүлүкэ салайааччыта буолуоҕуттан, Дора Никитична, кыргыттар Олялаах Таня, уоллара Максим өссө ордук дьон-сэргэ сытыы хараҕар, чуор кулгааҕар киирбиттэрэ. Дьиҥэр, дьиэ кэргэн олорбутун курдук олорбута эрээри, куруутун кэтэбилгэ-манабылга сылдьар туһааннаахха уустук ээ. Итиннэ Михаил Ефимович кыраҕа долгуйбат киэҥ көҕүстээҕэ, дьонугар өрүү дурда-хахха уонна дьоно киниэхэ күүс-көмө буола сылдьыбыттара улахан оруолу оонньообута. Кэлин ити туһунан кыыстара Ольга: “Биирдэ хаһыакка кинини сымыйанан суруйбуттарын ааҕан наһаа кыһыйбытым уонна аҕабар эппиппин, долгуйбакка эрэ, буолуохтааҕын курдук: “Ити аайы санааҕын уурума, кыһаллыма, киһи аахайбат дьыалата, аһарынан кэбис”, — диэн эппитэ. Билигин кэлэн саныыбын, аҕабыт күүстээх санаата биһиэхэ эмиэ ити курдук бэриллибит эбит”, — диэн кэпсиэҕэ.
Ити сиэрдээх этии. Тоҕо диэтэргин, аҕалара кинилэр кыра эрдэхтэриттэн салайар үлэҕэ сылдьыбыт буолан, ийэлэрин кытары миккиллэн улааппыттара. Улаатыыларын саҕана аҕалара дьиэтигэр өрүү суох. Кинини кытары бириэмэлэрин бииргэ атаарыахтарын баҕараллара кэмнээх буолуо дуо?
Ол эрээри Михаил Ефимович дьиэ кэргэн диэн өйдөбүл таһымын киэҥник ылынарынан уратылаах. Ол баҕар дьылҕатыгар сурулла сылдьыбыта буолуо дуу? Ийэтигэр, кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр туох үчүгэйи баҕарар да, ону бар дьонугар, биһиэхэ, эмиэ баҕарар. Ол иһин Дора Никитична: “Михаил Ефимович олус күүстээх киһи. Кини көннөрү хонтуора үлэһитэ буолбатах ээ. Кини – өрөспүүбүлүкэ бастакы сирэйэ. Норуот талбыт киһитэ. Норуотум туһа диэн сылдьар киһи. Төрөөбүт төрүт буоругар ытык иэһи төлөөһүн диэни олус үрдүктүк туппут кини баар. Биһиги ону өйдүүбүт уонна онон киэн туттабыт”, — диэн кэргэнин туһунан этиэ дуо?
“Сиэннэрим, чыычаахтарым”
Билигин Михаил Николаев Судаарыстыбаннай сүбэһит. Ону тэҥэ, хос эһээ диэн бочуоттаах ааты сүгэр. Оҕолоругар биэрбэтэх тапталын, болҕомтотун, дьэ билигин, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр биэрэн олорор. Хос сиэннэрэ “эһээ” диэн моойугар ыйааста түстэллэр эрэ, Михаил Ефимович сүрэҕэ-быара уулла, сылаанньыйа түһэр. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, биир сиэнэ оруобуна суверенитеты ылыммыппыт төрдүс сылыгар, 1994 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр төрөөн, Михаил Ефимовичка, Дора Никитичнаҕа улахан бэлэх буолан турар. Аны туран, Дора Никитична бэйэтэ муус устар 27 күнүгэр төрөөбүт күннээх. Эмиэ судаарыстыбаннаһы, автономияны кытары сибээстээх. Онон Михаил Николаевы бу бэлиэ күннэргэ төрөөбүт саамай чугас истиҥ дьоно тулалыыллара эмиэ мээнэҕэ буолбатах эбээт.
Кыыһа Ольга Михаил Ефимович сиэннэригэр, хос сиэннэригэр сыһыанын туһунан: “Эһээбит кыра сиэнэ, мин кыра кыыһым, куруутун “ийээ, наһаа үчүгэй төрөппүттэрдээххин, наһаа үчүгэй аҕалааххын, аҕаҥ барыларыгар көмө-тирэх, оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр мэлдьи көмөлөһөр, арааһа, маннык эһээ кимиэхэ да суох буолуо” диир. Ол курдук Михаил Ефимович истиҥ аҕа, эһээ. Аҕабыт кыыһырбытын хаһан да көрбөтөхпүт. Хата, ол кэриэтин тугу эрэ сөбүлээбэтэҕинэ, саҥата суох барыаҕа. Сөпсөспөтөҕүн чопчу дакаастаан эттэххэ, тылбытын ылынар. Сиэннэригэр, хос сиэннэригэр туох да наһаа үчүгэй. Билигин да сиэннэрин, хос сиэннэрин размердарын ыйыталаһа-ыйыталаһа таҥас-сап атыылаһан аҕалар. Наһаа маанылыыр, атаахтатар”, — диэн кэпсиир.
Сиэннэрэ да эһээлэрин түһэн биэрбэттэр. Бары үчүгэй үөрэхтээхтэр. Бу соторутааҕыта эһээтин аатын сүкпүт Миша Николаев химияҕа английскай тылынан ыытыллыбыт Бүтүн аан дойдутааҕы олимпиадаҕа кыайыылаах таҕыста.
Итинэн Николаевтар дьиэ кэргэни кытары кылгас билсиһиннэриибитин түмүктүөххэ. Түгэнинэн туһанан, аҕабыт, эһээбит курдук күндүтүк саныыр киһибитин Михаил Ефимович Николаевы үбүлүөйдээх бэлиэ күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит. Чэгиэн буолууну, доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну баҕарабыт!
Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru