Михаил Мишустин Уһук Илин нэһилиэнньэтин ахсаанын элбэтиигэ ханнык соруктары туруорда?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Михаил Мишустин Уһук Илин нэһилиэнньэтин ахсаанын элбэтиигэ ханнык соруктары туруорда?

Стратегическай сессияны бу боппуруоска ыыппыт. Дьэ, туох туһунан кэпсэппиттэрий? 

Сири-уоту сөптөөхтүк торумнааһын уонна сайыннарыы, олорорго сөптөөх инфраструктураны тэрийии – дьиэни, балыыһалары, дьыссааттары, оскуолалары тутуу – Уһук Илини сайыннарыыга уонна манна дьон олохсуйуутугар сүрүн тирэҕинэн буолуохтаахтар. Маннык соругу миниистирдэр кэбиниэттэригэр Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин туруорда.

Уһук Илин эрэгийиэнин сайдыытын кэскилин Бырабыыталыстыба Сүрүннүүр киинин стратегическай сессиятыгар дьүүллэстилэр. Маныаха дойду суолталаах эрэгийиэнин нэһилиэнньэтин хайдах элбэтэр туһунан боппуруос турда.

“Илиҥҥи экэниэмикэ форумугар Бэрэсидьиэн Уһук Илиҥҥэ нэһилиэнньэ элбиэхтээх диэн соругу туруорбута”, — диэн санатта Михаил Мишустин. – Биһиги сорукпут – баар инструменнар көдьүүстэрин сөпкө сыаналааһын, саҥа идиэйэлэри толкуйдааһын”.

Михаил Мишустин этэринэн, бу үлэҕэ сүрүн болҕомто Уһук Илин экэниэмикэтигэр уонна туризм өттүнэн уратытыгар ууруллуохтаах, оттон саамай сүрүнэ, дьон олороругар дьоһун усулуобуйаны тэрийии буолуохтаах. Бу олорорго сөптөөх эйгэ, үгүөрү хамнастаах үлэ миэстэлэрэ, хаачыстыбалаах мэдиссиинэ.

“Биһиги Уһук Илиҥҥэ олорор киһи туһунан дьиҥнээхтик толкуйдуохтаахпыт”, — диэн бэлиэтээтэ Михаил Мишустин.

2020 сыл балаҕан ыйыгар Бырабыыталыстыба Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин сорудаҕынан УИФуо социальнай-экэнэмиичэскэй бырагырааматын национальнай бырагырааматын бигэргэппитэ. Демография балаһыанньатын тупсарыы уонна дьон олоҕун таһымын үрдэтии – тутаах сыаллар испииһэктэригэр.

“Бүгүн Уһук Илиҥҥэ госөйөбүл нөҥүө 2 трлн солкуобай инвестиция кэллэ, 2030 сылга бу 11 трлн буолуоҕа, 80 тыһ. тахса үлэ миэстэтэ тэрилиннэ. 400 тахса предприятие тутулунна. Ол эрээри эрэгийиэн инникитэ – бу дьон. Онон биһиги иннибитигэр Уһук Илин олохтоохторун ахсаанын элбэтии соруга турар”, — диэтэ вице-премьер, УИФуо куратора Юрий Трутнев.

Стратегическай сессия кыттыылаахтара – вице-премьердэр, федеральнай биэдэмистибэлэр миниистирдэрэ, Уһук Илин эрэгийиэннэрин губернатордара, биллэр эспиэрдэр. Кэпсэтиигэ киирбит этиилэринэн Уһук Илин нэһилиэнньэтин элбэтии чопчу былаана торумнаныаҕа.

“Боппуруоһу тиһиктээхтик быһаарыахха. Бары этиллэр миэрэлэр сайдыы национальнай сыалларын кытта ситимнээх, тустаах бидэмистибэлэри кытта бииргэ чопчуламмыт буолуохтаахтар. Дьон манна олоруон баҕарар усулуобуйатын тэрийиэхтээхпит”, — диэн түмүктээтэ Михаил Мишустин.

РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0