Михаил Мишустин пресс-сэкирэтээрэ кини доруобуйатын туһунан кэпсээтэ
05.05.2020
COVID-19 дьаҥҥа сыстыбыт РФ премьер-миниистирин Михаил Мишустин доруобуйатын туруга этэҥҥэ, кини былаан быһыытынан эмтэнэ сытар, диэн премьер пресс-сэкирэтээрэ Борис Беляков кэпсээтэ.
edersaas.ru
Миниистирдэр кэбиниэттэрин баһылыга судаарыстыбаннай балыыһалартан биирдэстэригэр эмтэнэр. “Доруобуйатын туруга сүрүннээн этэҥҥэ”, — диэн РИА Новости Беляков этиитин цитаталыыр.
— Бырабыыталыстыба баһылыгын эмтэниитэ былаан быһыытынан, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ сүбэлиир эмтэринэн ыытыллар, — диэн премьер бэрэстэбиитэлэ кэпсээтэ.
Михаил Мишустин кэллиэгэлэрин кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэр.
Ксения Воронцова, “Российская газета” хаһыаттан
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат
Хаартыска: интэриниэттэн
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1