Михаил Мишустин онкологическай киин тутуутун түмүктүүргэ эбии үбү көрөрү өйөөтө
Ил Дархан Айсен Николаев РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустиҥҥа өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай киини тутууну билиһиннэрдэ. Эбийиэги түмүктүүргэ эбии 2,8 млрд солк. наадата этилиннэ, итинтэн 2 млрд солкуобайга анал оборудование атыылаһыллыахтаах.
«Кэлиҥҥи сылларга РФ бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылын саҥа эбийиэктэрэ тутулуннулар. Холобур, кардиологическай киин үлэҕэ киирдэ, онкологическай киин тутулла турар. Тутуу матырыйаалларын уонна тустаах оборудованиелар сыаналара үрдээбитинэн доруобуйа харыстабылыгар улахан суолталаах эбийиэк тутуутун түмүктүүргэ эбии үбү көрөргө көрдөһөбүт. Эбийиэк 77 %-н түмүктэнэн турар», – диэн Айсен Сергеевич быһаарда.
«Тутуу түмүктэниллиэн наада. Тустаах докумуоннары бэлэмнээҥ, сыл түмүктэниэр диэри экспертиза бигэргэниллиэҕэ. Биһиги көмөлөһүөхпүт», – диэн премьер-миниистир Михаил Мишустин өйүүрүн биллэрдэ.
Санатар буоллахха, саҥа кииҥҥэ симиэнэҕэ 210 киһи көрдөрүөҕэ, 180 куойкалаах буолар. Сылга, ортотунан, 4 тыһ. кэриҥэ эпэрээссийэ оҥоһуллуоҕа. Саҥа кииҥҥэ аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир мэдиссиинискэй оборудованиелар атыылаһыллыахтара. Саҥа эбийиэккэ эбии 653 үлэ миэстэтэ аһыллыаҕа.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1