Михаил Мишустин Дьокуускайга халаан уутун уонна ойуур баһаардарын содулларын туоратыыга аналлаах мунньаҕы ыытыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бүгүн Дьокуускайга кэлэр уонна ойуур баһаарын бохсууга, халаан уутун хоромньутун туоратыыга аналлаах мунньаҕы ыытыаҕа.

Ону тэҥэ, «Дьокуускай» IT-пааркаҕа сылдьан, резиденнэр бырайыактарын кытта билсиэҕэ, салгыы СӨ Ил Дархана Айсен Николаевтыын көрсүөҕэ.  Михаил Мишустин Саха сиригэр Горнай-Алтайтан кэлэр, бу ааспыт бээтинсэҕэ Алтайга уонна Арассыыйа үгүс эрэгийиэннэригэр  олохтоох туризмы сайыннарыы боппуруостарыгар улахан мунньаҕы ыыппыта.  Саха сиригэр ылбычча кэлбэтэ. Саха сиригэр баһаардар  турдулар уонна халаан уута нэһилиэнньэлээх пууннарга тахсан, хоромньуну оҥордулар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйын 14 күнүнээҕи туругунан ойуур баһаардара 69 тыһ. иэннээх сири сиэбиттэр. Бу сааскыттан Саха сиригэр барыта 517 ойуур баһаара турбута бэлиэтэммит. Санатар буоллахха,  атырдьах ыйын 12 күнүттэн  эрэгийиэҥҥэ ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ тохтотуллубута.  От ыйыгар  Дьааҥы улууһугар Дьааҥы өрүс халааннаабытын түмүгэр,  210 тэлгэһэ, 120 чааһынай дьиэ уонна элбэх кыбартыыралаах 69 дьиэ  ууга барбыттара. Билигин балаһыанньа этэҥҥэ.  От ыйын бүтүүтэ РФ бэрэсидьиэнигэр Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев Саха сиригэр кэлэн, Дьааҥы улууһугар тиийэн, балаһыанньаны билсибитэ уонна социальнай хабааннаах эбийиэктэри балаҕан ыйыгар диэри чөлүгэр түһэрэргэ сорудахтаабыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0