РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Михаил Котюков Дьокуускайга кэллэ
Бүгүн, ахсынньы 14 күнүгэр, РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Михаил Котюков Дьокуускайга кэллэ диэн Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Миниистир Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын учуонайдарын кытта Дьокуускайдааҕы научнай кииҥҥэ көрүстэ.
«Манна кэлбит сүрүн сыалбынан Саха сирин научнай тэриллиилэрэ «Наука» национальнай бырайыак туруорар соруктара олоххо киириилэригэр кыттыылара уонна ону билиһиннэрии буолар», — диир Котюков. Национальнай бырайыакка сурулларынан, научнай тэриллиилэр, үрдүк үөрэх кыһалара уонна эрэгийиэн сайдарыгар үлэлиир хампаанньалар бииргэ үлэлээһиннэрин оҥоруу буолар.
Салгыы «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр Михаил Котюков эдэр учуонайдары уонна үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарын кытта көрсүөҕэ, онтон Мамонт мусуойугар сылдьыаҕа.
Маны таһынан, Ил Дархан Айсен Николаев уонна Михаил Котюков П.И. Мельников аатынан ирбэт тоҥу чинчийэр институкка сир аннынааҕы, геокриология лабораторияларыгар сылдьыахтара.
Миниистир эрэгийиэн баһылыгын уонна наука үлэһиттэрэин кытта Саха сиригэр «Север» диэн наука-үөрэх киинин тэрийии боппуруостарын быһаарсыахтара.
edersaas.ru