Михаил Гуляев докторскай үлэтин дакаастаата

Ааптар: 
31.10.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка педагогическай уопсастыбаннаһы кытта көрүстэ.  Хас даҕаны сыл устата чинчийбит докторскай үлэтин ис хоһоонун, туохха олоҕуран суруйбутун кылгастык билиһиннэрдэ.

edersaas.ru


Тэрээһини университет ректора Евгения Михайлова салайан ыытта. Көрсүһүүгэ учуонайдар,  салайааччылар, тустаах тиэмэни сэҥээрэр биирдиилээн дьон кытыннылар. Санатан эттэххэ, бу сыл тохсунньу 10 күнүгэр “Диссернет” холбоһук ситимин салайааччыта Андрей Заякин РФ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр Михаил Гуляев педагогическай наука доктора учуонай истиэпэнин быһарга диэн үҥсүү суруйбута. Ол түмүгүнэн бэрэбиэркэ барбыта. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, Арассыыйатааҕы физическэй култуура, спорт, ыччат уонна туризм Судаарыстыбаннай университетын диссертационнай Сэбиэтэ, тустаах  докторскай үлэ научнай сыаннаһын биир санаанан бигэргэппитэ.

Научнай үлэлэри итинник хасыһан хаттаан бэрэбиэркэлээһин наада дуу, суох дуу диэн ыйытыыга педагогическай наука кандидата, дассыан, ХИФУ физическэй култууратын уонна спордун институтун дириэктэрэ Дмитрий Платонов маннык хоруйдаата:

Биир өттүнэн, Михаил Дмитриевич научнай үлэтин диэбэппин, чахчы мөлтөх үлэлэри көрөргө  наада курдук. Кэлин итиннэ улахан болҕомто ууруллар буолла, ирдэбил күүһүрдэ. Холобура, кандидатскай диссертацияны хайаан даҕаны аспирантураны бүтэрбит эрэ киһи көмүскүөхтээх. Ол аата, доктор аатын докторантураны бүтэрбит, сыратын ууран үлэлээбит киһи ылыахтаах. Ол иннинэ, эрдэ, соһуччу баҕайытык кандидат, дуоктор буола охсоллоро. Дьиҥэр, ханна да үлэлээбиттэрэ улаханнык биллибэт-көстүбэт дьон саарбахтааһыны үөскэтэллэрэ. Ол иһин ити курдук интэриниэтинэн көрөн бэрэбиэркэлээччилэр баар буолбуттара. Итиэннэ чахчы сыраларын уурбатах, мөлтөх үлэлэри булан тохтоттулар. Сорох чинчийэ сылдьар дьон итинтэн толлон көмүскээбэккэ үлэлэриттэн аккаастанар түгэннэрэ эмиэ бааллар. Арассыыйа үрдүнэн итинник элбэх түгэн таҕыста. Оттон Михаил Дмитриевич докторскай чинчийиитин бэйэтэ үгүс сыл үлэлээбит үлэтин уопутуттан, онно баар чахчыларга олоҕуран суруйбута. Сөпкө бэлиэтээтилэр, бу түгэн тахсыбыта холобур курдук буоллун. Сахалартан спортка (эт-хаан сайдыытыгар) докторскайы көмүскээбит баара-суоҕа биэс эрэ киһилээхпит. Онон, мин санаабар, бэрэбиэркэ наада. Ол эрээри, аҥаар кырыытыттан барыларын буолбатах. Кэлин кэскиллээх киһини “тэмтэритэ”, сарбыйа сатыыр курдуктар диэн көрөбүн. Ити сыыһа. Бэйэлэрин сыалларын-соруктарын толордуннар.

Бүгүн педагогическай уопсастыбаннас мустубута олус үчүгэй. Үлэлэрэ бэрэбиэркэҕэ барбыт дьонтон аан бастакынан, Михаил Дмитриевич  бэйэтинэн Москваҕа тиийэн, утарылаһааччылар иннилэригэр дакаастаата. Ити иннинэ бары кэтэхтэн ааһаллара. Тоҕо диэтэххэ, балаһыанньаҕа кэтэхтэн (заочно) көрүллүөн сөп диэн сурулла сылдьар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0