Михаил Готовцев кырдьаҕастарга пансионат арыйан үлэлэтэр

08.02.2019
Бөлөххө киир:

Эдэр сылдьан киһи хаһан да кырдьыа суох курдук сананар да, кырдьар саас кими да матарбакка, кэлбитэ эрэ баар буолар. Эн кырдьар сааһыҥ хайдах буолуой? Оҕолоруҥ, сиэннэриҥ ортолоругар үөрэ-көтө, уу нуурал олохтонуоҥ дуу, кыаммат буоллаххына, ханна да барар-кэлэр сириҥ суох буолуо дуу?

edersaas.ru

Киһи дьылҕата араас буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники кэмҥэ киһи олоҕо уһаата дииллэр эрээри, соччонон элбэх кыаммат, кырдьаҕас дьон соҕотохсу­йуу сорун билэр. Сорохторо оҕолордоох, сиэннэрдээх буолаллар эрээри… Хомойуох иһин, маннык кыһалҕа улаатан иһэр чинчилээх.

Бэйэтин харчытынан пансионаты туппута

Баһаарынай чаас быы­һааччыта Михаил Готовцев сүүрбэччэ сыл үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсан баран, 2009 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр баһаартан куттала суох буолуу инженеринэн үлэлии киирбитэ. Ол сылдьан онно олорор кырдьаҕастардыын кэпсэтэн, тугу баҕаралларын, туох туһунан ыраланалларын билбитэ. Интэринээт дьиэҕэ усулуобуйата, көрүүтэ-истиитэ үчүгэй, ол эрээри онно кинилэргэ чугас киһилиин алтыһыы, болҕомто, дьиэтээҕи сылаас эйгэ, киэһэ ахсын чэй иһэ олорон истиҥник кэпсэтии тиийбэтин бэлиэтии көрбүтэ. Кинилэргэ көмөлөһөр санааттан, чааһынай пансионат аһарга бы­­һаарыммыта.

Үлэтин таһынан кини дьиэ тутар дьарыктааҕа. Онон мунньуммут харчытынан 2016 сыллаахха Ильменскэй уулуссаҕа икки ­этээстээх таас дьиэни тутан саҕалаабыта. Эһиилигэр бүтэрэн, 25 миэстэлээх чааһынай пансионаты аспыта. Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин реестригэр киирэн, кинилэр хайысхаларынан өҥөнү оҥорон барбыта.

Ыаллаһан олоруу

Билигин пансионат 50 ­­миэстэлээх. Манна ханнык баҕарар ­улуустан кэлэн, бэйэлэрин хааччынан олорор кыахтара суох дьон киириэхтэрин сөп. Улуус социальнай көмүскэл управлениетыгар сайабылыанньа биэрдэхтэринэ, хамыыһыйа тэриллэн, олорор ­дьиэлээҕин, оҕолордооҕун, бэйэтин хааччынарын барытын үөрэ­тэллэр. Сороҕор оҕолордоох эрээри, атын дэриэбинэҕэ олорор буолан, соҕотохсуйан хаалбыттар кэлэллэр. Аны куоракка оҕолоругар көһөн кэлэн баран, кыараҕас ­дьиэҕэ сиэннэр аймалҕаннарыттан өй-мэй барбыт кырдьаҕастар кытта бааллар. Кинилэри өрөбүллэргэ оҕолоро дьиэлэригэр ылаллар.

Кырдьаҕастар манна хоско иккилии буолан олороллор. Бэйэ-бэйэлэрин кытары ыкса билсэн, дьукаахтаһыы сиэринэн ыаллаһан олороллор. Күҥҥэ түөртэ аһыыллар. Тэлгэһэҕэ тахсан, күүлэйдииллэр, сибэкки үүннэрэллэр, тэпилииссэҕэ, оҕуруокка үлэлииллэр, кууруссаны иитэллэр. Дьарыктаах, хамсанар киһи кырдьыыга бэриммэт, сыаллаах-соруктаах буоллаҕа.

Манна дьиэлэрин курдук сылдьаллар, хаһан баҕарар куоракка кэлэллэр-бараллар. Дьарык туһунан эттэххэ, Үһүс саас оскуолатын кытары хардарыта сылдьыһаллар. Сотору-сотору кэлэн кэнсиэртээн, күрэхтэһиилэри ыытан, сэргэхситэн бараллар. Кыанар өттө ол оскуолаҕа баран, араас дьарыктарга сылдьаллар. Ону тэҥэ, эстрада артыыстара эмиэ кэнсиэртииллэр. Холобур, Михаил бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Анастасия Готовцева уонна Алексей Потапов элбэхтик ыалдьыттыыллар. Алексей бэйэтэ сааһырбыт дьону, инбэлииттэри түмэн, бөлөх тэрийбитэ. Кинилэр кэлэн ыллаан-туойан бардахтарына, кырдьаҕастар олоххо тардыһыылара күүһүрэр.

Бэйэлэрин истэригэр кырдьаҕастар сүбэлэрэ үлэлиир. Суолталаах боппуруостарга түмсэн мунньахтыыллар. Ол курдук, биир да бырааһынньыгы көтүппэттэр. Сааһы, сайыны көрсө куруук айылҕаҕа тахсаллар, сир астыыллар, балыктыыллар.

Төрөөбүт күннээхтэри ыйга биирдэ эҕэрдэлииллэр, бэлэх биэ­рэллэр. Бэйэлэрэ баянистаах буолан, кэнсиэр да туруораллар. Онон биир иллээх кэлэктиип буолан, ыал курдук олороллор. Саамай сүрүнэ, кырдьаҕастар манна соҕотохсуйбаттар, бэйэ-бэйэлэрин кытта доҕордоһоллор, олохтон туора туран хаалбыт курдук санамматтар, аны тэрилтэҕэ курдук хааччахтамматтар.

3-с поликлиниканы кытта дуогабардаһан, нэдиэлэ аайы терапевт-быраас кэлэн көрөр, наада буоллаҕына, атын быраастарга ыытар. Пансионакка күнүстэри-түүннэри санитар дьуһуурунайдыыр, наада буоллаҕына, “Суһал көмөнү” ыҥырар. ЛФК бырааһа, психолог дуогабарынан кэлэн үлэлииллэр. Холобур, аан бастаан кэлбит киһи үөрэниэр диэри, син биир ыарахаттары көрсөр. Манна психолог сүбэтэ-амата көмөлөһөр.

“Биир күннээх быһаарыныы буолбатах…”

— Биллэн турар, кырдьаҕастары кытары үлэлиир ыарахан. Ол иһин маннык кыһалҕаны билбит, эбэтэр бу эйгэҕэ үлэлээбит дьон эрэ бу дьыалаҕа ылсаллар, —  диэн кэпсиир Михаил. —  Кырдьаҕас, кыаммат буолбут киһи кыра оҕотугар түһэн хаалар, түөһэйэр даҕаны. Киһилии сыһыаны, үчүгэй көрүүнү-хара­йыыны эрэйэр.

Билигин Дьокуускайга 6 чааһынай пансионат баар, ол онтон биирэ – биһиэнэ. Мин көрөрбүнэн, билиҥҥитэ элбиир кыахтара суох, тоҕо диэтэр, бары дьиэ куортамнаһан үлэлии олороллор. Онон туох эрэ тупсарыыга, саҥаны киллэриигэ барыах­таах үптэрэ куортамы төлүүргэ бара турар. Дьиҥинэн, судаарыстыба чааһынай пансионаттары элбэтэргэ интэ­риэстээх. Социальнай урбаан диэн саҥа тарҕанан эрэр. Саҥа сокуон таҕыстаҕына, өйөбүл күүһүрүө дии саныыбын. Холобур, кыра бырыһыаннаах кирэдьиит, тутууга көмө баар буолуон баҕарабын.

— Дьарыккын “бизнес” диэххэ сөп дуо?

—  “Бизнес” диэн этэргэ кэрэгэй. Барыс диэн суох. Дьонум биэнсийэлэриттэн 75%-н биэрэллэр уонна министиэристибэ кыбаартал аайы компенсацияны төлүүр. Биир киһиэхэ ыйга 35 тыһыынча солкуобай буолар, оттон судаарыстыбаннай интэринээт-дьиэлэргэ биир киһини хааччыйыы 60-70 тыһыынча солкуобайга тиийэр. Ол кинилэр үлэһиттэрэ да, оҥорор өҥөлөрө да элбэҕиттэн буолар. 4 үлэһити хамнастыыбын. Онон бу харчы аска, таҥаска, нолуокка, уокка, хому­наалынай төлөбүргэ, айаҥҥа, кирэдьиити, араас өҥөнү төлүүргэ, о.д.а. курдары бара турар.

Хас даҕаны урбаанньыт кэлэн, миигиттэн интэриэһиргээн ыйыта сылдьыбыттара. Кинилэр, бастатан туран, төһө барыс киирэрин ааҕаллар. Мин санаабар, бу эйгэҕэ киһи барыс туһугар буолбакка, атын сыаллаах үлэлиэхтээх.

Мин аҕам кыаммат дьоҥҥо көмөлөһөр, ылсар-бэрсэр идэлээх этэ. Сааһыран истэххэ, ол “идэтэ” биһиэхэ бэриллибит быһыылаах (күлэр). Оонньуута суох эттэххэ, үтүөнү оҥорбутуҥ уон оччонон эргийэн кэлэр диэни итэҕэйэбин. Кыайар-хотор, үлэлиир дьон кыаммат араҥаҕа көмөлөһүөхтээхпит дии саныыбын.

— Сахалар төрөппүттэрин тэрилтэҕэ туттаралларын аньыыргыыллар дуо?

—  Аныгы үйэ сиэринэн, киһи кыбыстара суох дии саныыбын. Арассыыйаҕа маннык көстүү киэҥник тарҕанан эрэр. Олоххо араас буолар. Сороҕор төрөппүттэрэ оҕолоругар мэһэйдээмээри, эбэтэр күнү быһа дьиэҕэ соҕотох олорумаары, саастыылаахтарын кытары алтыһаары, бэйэлэрин баҕаларынан кэлэллэр. Саастарыгар оҕоломмотох, кэргэннэммэтэх дьон да бааллар. Киһи ону туох диэн сиилиэй-сэмэлиэй?

Мин даҕаны быһаарыныым биир-икки күннээх буолбатах этэ. Уонча сыллаах толкуйтан тахсыбыт дьыала. Сүрүнэ, кэргэним, биэс оҕом өйөөбүттэрэ. Бу дьиэни тутарбытыгар 10-ча мөлүйүөн барбыта. Ону хайдах эргитэр туһунан толкуйдаабатахпыт даҕаны. Билигин да кыахтара баарынан көмөлөһөллөр. Кинилэр эмиэ аһыныгас са­­наалаах буоларга үөрэнэллэр.

Кырдьаҕастарбар эппиэти­нэс ылыннаҕым дии, онон салгыы үлэлиэхпит. Ыра санаабыт – элбэх миэстэлээх, бары өттүнэн хааччыллыбыт, аныгылыы пансионаты тутуу. Баҕалаах наһаа элбэх. Бу хаһыакка, саайтарга тахсыбытын кэннэ, төлөпүөнүм оргуйан олорор. Куорат мээригэр сирдэ биэр диэн сурук ыыппытым, эрэнэ кэтэһэбин. Хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ оҥордохпутуна, граннарга, куонкурустарга кыттыахпыт.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0