Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар туһаайан эппит Анал этиилэрин билигин киһи эрэ барыта кэпсэтэр, ырытыһар, күннээҕи сонун оҥостор. Бэҕэһээ ахсынньы 18 күнүгэр Ил Түмэн дьокутаата Михаил Эверстов эмиэ бэйэтин санааларын үллэһиннэ.
edersaas.ru
«Айсен Сергеевич бүддьүөккэ харчы тиийбэт, улахан дэписиит кэмигэр кэлбитэ даҕаны, «АЛРОСА» уонна Арассыыйа бырабыыталыстыбатын үрдүкү салалтатын кытта сатаан уопсай тыл булан кэпсэтэр, тылын ылыннарар буолан, дивиденд төлөбүрүн уларытан биэрэннэр, өрөспүүбүлүкэҕэ эбии 9,5 млрд солкуобай киирбитэ. 2,7 млрд солк. алмаастаах түөлбэ улуустарыгар түспүтэ.
Аны Бүлүү өрүс киртийбитин кэннэ «Москва харах уутугар итэҕэйбэт, «АЛРОСА» эмиэ диэн өйдөбүлүнэн үлэлии сылдьар улахан урбаан дьонун бэйэтигэр тардан, икки өттүттэн сөбүлэһэн, хампаанньа сыл ахсын 150 мөлүйүөнү төлүүрүн мээнэ киһи ситиспэт кэпсэтиитин ыытта. Киһитэ кини буолан. Онон Ил Дархаммыт баар кыһалҕаны киирэн-тахсан түргэнник быһаарар, эрчимнээх, сатабыллаах салайааччы быһыытынан бэйэтин көрдөрдө. Сахабыт сирин экэниэмикэтин өрө таһаарарга, дьон дохуотун үрдэтэргэ элбэх саҥа көрүүлэрдээх. Бу билигин Москваҕа Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуутун кэпсэтэ барда. Ол тутулуннаҕына олох суола дьыл кэмиттэн тутулуктаммакка, өрүү аһаҕас буолуо. Кини биир сиргэ олорбот, айантан айаҥҥа сылдьан, араас боппуруоһу уһата-кэҥэтэ барбакка үмүрүтэн иһэр дьүккүөрдээх», — диэн эттэ.
Михаил Ильич Ил Түмэҥҥэ төрөөбүт Кэбээйи улууһун уонна Үөһээ Дьааҥы олохтоохторун интэриэһин көмүскүүр. Кэбээйи диэки суол-иис суоҕун, дьон улахан сиртэн ойуччу олорорун, тутуу барбатаҕын аҕынна.
Көрсүһүүгэ кэлбит үөһээ дьааҥылар Сайдыы нэһилиэгэр сүүрбэччэ сыл саҥа оскуола тутуутун туруорса сатыылларын эттилэр. Онуоха дьокутаат оскуола тутуута былааҥҥа 2021 сылга киирэн, 385 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөхтээҕин хардарда.
«Земскэй доктор» диэн бырагырааманан биир мөлүйүөн харчы биэрэллэрин үрдүнэн, хоту улуустарга биэлсэр-акушер пууннарыгар эдэр быраастар тиийбэттэрин эттилэр. Тугунан да мончууктаа, үөрэхтэрин бүтэрбит исписэлиистэр хоту барбаттар. Ол иһин хотугу эргимтэҕэ сыл ахсын нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйыы турар.
«Эдэр кыргыттар хоту барбат биир сүрүн төрүөттэрэ онно табыһыттартан, балыксыттартан ураты үчүгэй хамнастаах, үөрэхтээх уолаттар суохтар. Хайа баҕарар кыыс кимиэхэ кэргэн тахсан, оҕо төрөтөрүн туһунан саныыр, кинилэр саастарыгар сөп түбэһэр уолаттар онно суохтар. Ол иһин баһылыктарга мин дьээбэрэ таарыйа этэн турабын, ыал буола илик уолаттар хаартыскаларын саайтка угуҥ, оччоҕо баҕар биир эмит кыыс таба көрөн кэлиэҕэ», — диир Михаил Ильич. Арктика сайдыытын сүрүннүүр министиэристибэ тэриллэн, дьэ хотугу норуоттар кыһалҕалара быһаарыллан барыаҕын, Ил Дархан Айсен Николаев манна тус болҕомтотун уурбута хайҕабыллааҕын, үтүө саҕалааһын хайаан да ситиһиилээх буоларыгар эрэнэрин биллэрдэ.
Ил Дархан этиитигэр Хотугу муора суолун тула тырааныспар ситимэ тутуллуохтаах, аан дойдуга улахан саппаастаах сир баайа туһаҕа тахсан, Арктикаҕа бырамыысыланнас сайдыахтаах диэтэ. Онон инникитин бу диэки үлэ миэстэтэ тэриллэн, дьон тардыһар, хамнастанар сирэ буолуохтаах.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru