Михаил Ершов: “Мексикаҕа ыһыахтаатыбыт, сэргэ туруордубут”

27.12.2018
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ Карибскай муора кытылыгар сахалар флеш-мобтуу, ыһыахтыы сылдьар видеолара тарҕаммыта. Маны тэрийбит Михаил Ершову көрсөн кэпсэттибит. Михаил – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр уопсастыбанньык, “Эллайаада” этнокултуурунай түмсүү дириэктэрэ.

— Михаил, туох сыаллаах Мексикаҕа сылдьан кэллигит? Сырыыгыт туһунан сиһилии билиһиннэр эрэ.

— Мин Сунтаар улууһун бэрэстэбиитэллэрин кытта Мексика Юкатан диэн штатыгар сылдьан кэллим. Онно Мексика бэрэсидьиэнин инаугурациятын чэрчитинэн култуурабытын билиһиннэрэр сыаллаах тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт. Бу Арассыыйа бэрэсидьиэнин гранын фондун өйөбүлүнэн ыытыллар тэрээһин буолар.

Мексика майя, тольтек уонна ацтек цивилизациялара төрүттэммит ураты үгэстэрдээх сир буолар. Саха култууратын уонна Мексика култууратын тэҥнээтэххэ, майгыннаһар өрүттэри булуохха сөп. Холобура, биһиги тоҕус халлаан баар, тохсус халлааҥҥа Аар Айыы Тойон олорор диибит. Оттон Мексикаҕа Чичен-Ица диэн сиргэ баар пирамидалара эмиэ тоҕус түһүмэхтээх уонна саамай үрдүгэр Күн таҥарата олорор диэн эбит. Аны халандаардара эмиэ биһиэнин курдук, ол эрээри чаһы стрелкатын утары ойууламмыт. Бу норуокка култуурабытын билиһиннэрии бииргэ үлэлиир дьонум баҕа санаалара буолар да диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.

Тэрээһиммитин Чичен-Ица, Коба уонна Тутум пирамидалар быһа охсууларыгар турар Вальядолид куорат дьаһалтатын уонна “Новое человечество” уопсастыбаннай тэриллиини кытта үрдүк таһымҥа ыыттыбыт. Биһиги сахалыы национальнай таҥаспытын-саппытын, иһиппитин-хомуоспутун быыстапкалаатыбыт, фольклорбутун иһитиннэрдибит, уус-уран уонна документальнай киинэлэри көрдөрдүбүт. Маны таһынан, ыһыах ыстыбыт уонна Аар баҕах Сэргэ туруордубут. Онон, Вальядолид уонна Канкун куораттар олохтоохторугар үгэстэрбитин – алгыһы, уруу малааһынын, төрүт оонньууларбытын көрдөрдүбүт, болҕомтолорун ыллыбыт.

“Новое человечество” уопсастыбаннай тэриллиини госпожа Эдит Сото Кудвин салайар. Кини былырыын Сунтаар ыһыаҕар сылдьан, норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыта, онтон быйыл Мексикаҕа биһигини көрүстэ. Эдит Сото Кудвин Вальядолид куоракка Чичимила диэн сири анаан атыыласпыт, манна Духуобунай сайдыы киинин тэрийэр былааннаах эбит. Кини көрдөһүүтүнэн, биһиги делегациябыт Аар-баҕах Сэргэни – доҕордоһуубут, духуобунаспыт, култуурабыт бэлиэтин туруордубут.
Түгэнинэн туһанан, тэрээһиҥҥэ көмөлөспүт Канкун куоракка Саха сириттэн тиийэн олохсуйбут Татьяна Корякинаҕа уонна Анфиса Филипповаҕа махталбытын тиэрдэбит.

— Сунтаар бэрэстэбиитэллэрэ барыстылар диэтиҥ, Сунтаар ыһыаҕын көрдөрдүгүт дуо?

— Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр култуураны, духуобунай сайдыыны, үгэстэри тарҕатыыны инники күөҥҥэ тутар аҕыйах улуус баар. Сунтаар бу улуустартан биирдэстэрэ буолар. 2016 сыллаахха улуус дьаһалтата уонна “Эллэйада” этнокултуурунай түмсүү Саха сирин норуоттарын төрүт култуураларын аан дойду таһымыгар таһааран үлэлииргэ сөбүлэһии түһэрсибиппит. Онон, улуус баһылыгар Анатолий Григорьевка, социальнай уонна имиджевай бэлиитикэҕэ баһылыгы солбуйааччыга Гаврил Еремеевка, култуура уонна духуобунай сайдыы начальнигар Мария Кобельяноваҕа, “Саха” НКИХ Сунтаардааҕы филиалыгар, Михаил Евсеевкэ (Кураһай), уран тарбахтаах маастарга Антонина Кириллинаҕа, “Одун” үҥкүү ансаамбылыгар (салайааччы Василий Васильев) уонна бары кыттыыны ылбыт дьоҥҥо махтанабын.

Сырыыбыт түмүгэр Вальядолид куорат уонна Сунтаар улууһа бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэристилэр. Мексикаҕа 33 киһи буолан сырыттыбыт, бу дьон бары бэйэлэрин үптэринэн баран кэллилэр.

— Сэргэ туруордубут диэтиҥ, ким оҥордой?

— Аар-баҕах Сэргэни “Үс Хатыҥ” комплекс дириэктэрэ, этнограф Вильям Яковлев эскииһинэн саподилла маһынан оҥорбуттара.

— Оттон олохтоохтор соһуйдулар дуо?

— Мексика олохтоохторо сүктэр кыыһы таҥыннарыы сиэрин-туомун, ыһыаҕы көрөн олус соһуйдулар. Ыһыаҕы туох баар быраабылатын барытын тутуһан тэрийдибит – сылгылары чаппараахтаан, ыҥыырдаан, кымыс иһэн, түптэ уматан о.д.а. Сэргэ төрдүгэр Сунтаартан аҕалбыт буорбутун куппуппут, сири аһаппыппыт. Олохтоохторго анаан алгыһы тылбаастаабыппытын сэҥээрбиттэрэ, мустубут дьону саламааттаах алаадьынан, кымыһынан күндүлээбиппит.

— Туох былааннардааххытый?

— Былааммыт элбэх. Кэлэр сыл сэтинньитигэр аны Австралия Сидней куоратыгар ыһыахтыыр былааннаахпыт, номнуо кэпсэтиини ыыппыппыт. Биһиги толкуйдуурбутунан, сирбит биэс континеныгар дойдубут доҕордоһуутун, духуобунаһын, култууратын бэлиэтиир сэргэбитин туруоруохтаахпыт. Манна тэлэһийэ сылдьар дьон сырыттахтарына дойдуларыгар чугаһаабыт курдук сананалларын уонна уопсайынан саха култуурата тарҕанарын туһуттан.

Сандал НИКАНОРОВ.

Хаартыскалар дьоруой архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0