Михаил Ефимович, 82 сааскынан!

13.11.2019
Бөлөххө киир:

Бүгүн – Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт күнэ

Байанайдаах сэтинньигэ

Боростуой ыалга,

Билиҥҥигэ холоотоххо,

Бэрт дьадаҥы дьоҥҥо

Боһуоннуун кытта

Бэрт мааны

Буолан айыллан,

Бэбээрэ ытаан,

Бөкүнүс-төкүнүс гыммыт

Биһирэмнээх күнүҥ үүнэн

Бүгүн аҕыһуон икки сааһыҥ

Буолбут үтүө күнүнэн

Барҕа мааны эҕэрдэни

Бар дьонуҥ эйиэхэ тиэрдэр!

Биэрибэйтэн онуска дылы

Биир да үһэ суох

Биэньиэр, хомсомуол буола

Бэрт үчүгэйдик үөрэнэн,

Буутуҥ этэ буһан,

Борбуйгун көтөхпүтүҥ.

Бырастыы гыныҥ миигин,

Баһаалыста, этэрбин-

Бары хайдах эрэ намтата ааттыыр

Бэтэринээрдэрин үөрэҕэр үөрэнэн

Бэртээхэй устудьуон буолан

Бүтэрбитиҥ Омскайы, кэлин

Бас-көс салалта үөрэхтэрин

Бэри-бэркэ

Бүтэртээҥҥин

Билиигэр билии эбиммитиҥ.

Биллэн турар,

Бастаан идэҕинэн

Бэрт кылгас кэмҥэ

Бугуһуйа  үлэлээҥҥин

Баарыҥ батарбатаҕа-

Бүргэһи куулга  кистээбэккин:

Бастыҥ-мааны майгыгын,

Баһылыыр-көһүлүүр өрүккүн,

Балаһыанньаны

Быһаара охсоргун,

Ботуччу

Бэриһиннэриилээххин,

Билиигин-көрүүгүн

Бэлиэтии көрөннөр

Билгэлээннэр, сэҥээрэннэр

Бултаах-алтаах,

Балыктаах Эдьигээн хомсомуолугар,

Баартыйатын салайааччынан

Бүк эрэнэн туран

Бастайаанна анааннар,

Бас-көс үлэҕэ

Бастакыгын сүрэхтэнэн,

Бар дьон көрүүтүгэр

Быктарбытыҥ дьоҕургун.

Бука, итинтэн саҕаланнаҕа

Биир да күнү көтүппэккэ

Баскыһыанньа да диэн өрөөбөккө,

Бокуойдана-сололоно түспэккэ,

Бэйэҥ тускун умнан туран

Булгуруйбат

Биир санаалаах-

Биһиккин ыйаабыт Сахаҥ сирин туһугар,

Бүттүүн саха норуотун туһа диэн

Билиигин-көрүүгүн, сатабылгын

«Бааргын барытын барыы»,

Будьурхай хойуу хара

Баттаҕыҥ

Бүүс-бүтүннүүтэ

Баата маҥан буолуор дылы-

Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри

Былааннаан, толкуйдаан,

Бырайыактаан, туруорсан

Болдьоҕо суох үлэлиир

Боотур

Бэрдэ буолаҥҥын

Бар дьоҥҥунаан сүбэлэһэ

Баһырхай ситиһиигэ тиэрдэ

Бэриниилээхтик  үлэлээһиниҥ.

Бииртэн биир

Былаас былааҕын аннынан

Быраабатын кирилиэһин дабайан,

Буолунайдык Үрдүкү Сэбиэккэ дьокутааттаан

Биһиги дьылҕабыт иннигэр

Быһаччы эппиэтинэһи сүгэн

Бастакы, аан маҥнайгы

Бирисидьиэммит буолаҥҥын

Бүтүннүү сахаҥ таҥаһын кэтэн

Баппаҕайгын Сокуоҥҥа

Баттыы ууран,

Бииргинэн сүрэххин туттан,

Бирисээгэ

Биэрэн, андаҕайан

Бөрөстүөлгэр олороргор,

Бүттүүммүт улаханнык  эрэнэн,

Быыбардааммыт үөрэ-көтө иккитэ талбыппыт,

Барытын чиэстээхтик толороҥҥун

Быр-бааччы этэҥҥэ олоробут күн бүгүн.

Биллэн турар ханна

Баҕар буоларыныы

Былдьаһыктаах

Быыһык

Булкуурдаах кэмнэргэ

Баара араас эн суолгар:

Бэрт да

Былдьаһааччы,

Баайсааччы,

Баһааҕырдааччы,

Бас баттах

Барааччы,

Бобооччу-хаайааччы,түһэн

Биэрээччи,

Боруоктаһыан,

Буортулуон,

Балыйыан

Баҕарааччы,

Билсээри-көрсөөрү

Батыаккаласпыттар,

Бэлэмҥэ

Бэһирбиттэр,

Босхоҕо

Баҕатыйбыттар,

Батары-өтөрү саҥарбыт

Бартыбыалгар ымсыырбыт

Бас-баттах

Барбыт

Балыыҥка,

Баламат дьоннор.

Барытын ааспытыҥ,

Барытын тулуйбутуҥ,

Буспутуҥ-хаппытыҥ

Буһурук куйаастарыгар,

Будулҕан тымныыларыгар

Бөҕүөрбэккэ

Бэйэҕин сүтэрбэккэ

Бэргэн эрчимэнэ

Буолбутуҥ.

Бука, саныыр санаам эттэҕинэ-

Биһиги сылаас тапталбыт,

Былыргы өбүгэлэриҥ өйөбүллэрэ,

Бөҕө –таҕа

Бигэ оҥоһууҥ, айылҕаттан анатыыҥ,

Баардыҥ,

Булугас сытыы өйүҥ

Быыһаатаҕа

Биһи дьолбутугар.

Былыргы түүр омук тобохторун

Бырааппытын көмүскээҥҥин

Биллэ-көстө сайыннаран

Былдьаппатыбыт тылбытын-өспүтүн.

Бастыҥабытын,

Бөҕөхпүтүн кэтэн,

Байбарылаах ырбаахыбыт тэлээрэ,

Битийдибит сахабыт үҥкүүтүн.

Бытарыйбатыбыт ыһыллан,

Баттаппакка-үктэппэккэ,

Батаах-үтүөх сылдьыбакка

Быһаарсабыт,

Биилээх эрбии тэҥэ эрийсэн,

Бодоруһан,

Билсиһэн,

Батыһан, доҕордоһон,

Байҕал тэҥэ өй-санаа күүстэнэн

Бииргэ үлэлиибит тас дойду ааттаахтарыныын,

Барааттаатыбыт, оһуохайдаатыбыт араас омуктуун,

Бигэтик “Мин сахабын” дэһэ

Биллэбит Аан дойду үрдүнэн.

Быралыйа сүппэппит туһугар,

Барҕара сайдарбыт туһугар,

Быһыы-майгы тыҥаабатын туһугар,

Быста-быста салҕанар тыа сиригэр

Быйаҥ-уйгу аллан

Байылыаттык олорорбутугар,

Балыыһалар, оскуолалар

Бааралаһан тутуллалларыгар,

Бөһүөлэктэр тупсалларыгар,

Болуоссаттар киэркэйэллэригэр,

Баайбыт сиртэн хостонон

Батарыллыбыт

Барыыһыттан

Быһаҕалаһан

Бырыһыана үлэлииригэр,

Бэрээдэккэ, сайдыыга,үөрэххэ

Бэйэбит

Баспытын

Бэйэбит

Билинэрбитигэр

Боччумнаахтык сыһыаннаһан

Болҕомтоҕун туһаайаҕын.

Бүттүүн Азия

Бэртэн

Бэрт

Быһый сытыы

Бүдүрүйбэт

Бөҕөс оҕолоро

Бары

Бииргэ мустан доҕордоһон,

Бэһиэлэйдиир,

Биэтэги

Былдьаһар

Бүөрэмньи сирдэринэн буолбуппут

Барыта эн толкуйуҥ, сатабылыҥ

Буоларын

Билинэбит

Бука бары.

Бастаан дьоллонон,

Бириис,

Бэлэх кууһан

Бэдийистээлгэ ыттан

Бөкүнүк-төкүнүк мэтээл кэтэн,

Былааҕа үөһэ тахсарын

Бычалыйбыт харах уулаах көрөн

Быллыгырыы сүрэҕэ тэппитэ,

Бука, иҥиэҕэ кини өйүгэр үйэ саас.

Бэдиктэрбит-кэлэр кэскиллэрбит

Булгуччу мэлдьи доҕордуу буоланнар

Бүттүүн Аан дойду үрдүнэн

Босхо-көҥүл Эйэлээх олоҕу тутуохтара.

Буолунай толкуйгуттан

Биирин-кэнникитин эттэххэ:

Байаан, хомус,

Балалаайка

Бары муусука таһаарар тэриллэр

Билиҥҥи киһиэхэ-оҕоҕо

Былыргы киһи

Былаайахтаах дүҥүрүн тэҥэ,

Батаһын өрө туппут

Бухатыыр куйаҕын тэҥэ,

Бэйэтин туллар тутааҕа буолуоҕа.

Быары-сүрэҕи хамнатар дириҥ иэйии

Бааллыбытын-хааллыбытын сүөрэн,

Бары ис кыаҕа арыллан,

Биэс салаалаах сулустуу

Бачыгырыы дьиримнии,

Былыттаах халлааммыт

Быыһынан көстөр

Буолунай өҥнөөх кустуктуу оонньуу

Билиитэ-өйө таһымнаан,

Буруустаммыт дьоннуу сып-сытыы,

Быһыы-майгы маанылаахтара буолан

Бэрт да дьоннор тахсыахтара.

Баһаам да элбэх үлэни

Быһаараҥҥын, суоттааҥҥын

Бары сыраҕын-сылбаҕын ууран

Буоһалаан салайан,

Бэриниилээхтик үлэлээҥҥин

Боруостаатыҥ айылҕаттан аналгын.

Биэтэкпит

Биллэрдэ

Биири-кыайыыны!

Биһириибит улаханнык киэн тутта,

Баһыыба, махтал-таптал модунун тиэрдэбит!

Буораҕа мэлдьи кураанах

Буулаҕа омук удьуора

Бүтүн үйэни сүгэһэр оҥостубакка,

Байааттары

Билбэккэ,

Бүгүҥҥүҥ курдук үлэлии-хамныы

Билиигиттэн-көрүүгүттэн

Бэрсэ-үөрэтэ,

Билиҥҥи норуоккун

Биир санааҕа түмэ

Бэртээхийэ дьиэ кэргэҥҥэр

Биһирэмнээх олоххо

Бэрт маанытык олороргор,

Барыта этэҥҥэ  эрэ буолуоҕар

Барҕа

Баҕабыт туолуохтун!

ДОМ! ДОМ!ДОМ !

 Бүлүү КЫЫҺА-Суруйдаана.

 13.11.2019с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0