МИХАИЛ ЧЕРОСОВ: “КИЛИИМЭТ УЛАРЫЙЫЫТА ДЬОН ОЛОҔОР ДЬАЙЫЫЛААХ!”
Бу сайын Арассыыйатааҕы экологическай уопсастыба Саха сиригэр килиимэт эспэдииссийэтин тэрийэн ыытарын туһунан бу күннэргэ билиннэ. Бу эспэдииссийэ туох төрүөттэн, туох сыаллаах кэлэрин туһунан Арассыыйа экологическай уопсастыбатын эрэгийиэннээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ, биологическай наука дуоктара, РНА СС Криолитозона биологическай кыһалҕаларын чинчийэр институтун үлэһитэ, РНА СС «Саха сиринээҕи научнай киин» федеральнай чинчийэр институт кылаабынай научнай сотруднига Михаил Черосовтан ыйыталастыбыт.
— Михаил Михайлович, бастатан туран, Арассыыйатааҕы экологическай уопсастыба диэн туох тэрилтэний?
— Арассыыйатааҕы экологическай уопсастыба кэмиэрчэскэй интэриэһэ суох уопсастыбаннай тэриллии. Бу платформаҕа дойдуга экология кыһалҕаларыгар бастыҥ исписэлиистэр, чинчийээччилэр түмсэллэр. Судаарыстыбаннай тэрилтэ буолбатах эрээри, былааһы кытта ыкса кэпсэтэр, улахан аптарытыаттаах түмсүү буолар. Федерация Сэбиэтин чилиэннэрин кытта сибээстээх, биллэр хаһыаттар, саайтар бу уопсастыба этиилэрин тута тарҕаталлар. Онон бу эспэдииссийэ үлэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата сокуоннары уларытыыга этиилэригэр улахан көмөлөөх буолуоҕа.
— Иккис ыйытыы, биллэн турар, килиимэт эспэдииссийэтин туһунан. Туох сыаллаах-соруктаах тэрилиннэ?
— Аан дойдуга килиимэт уларыйыытыттан тахсар экология кыһалҕалара ордук күүскэ Арктическай эрэгийиэннэргэ көстөллөр. Онон дойдубут экологияны чинчийэр уопсастыбата Саха сиригэр болҕомтотун уурбута оруннаах. Бу иннинэ маннык эспэдииссийэ Архангельскай уобаласка ыытыллыбыта, бэрт элбэх научнай чинчийиилэр ыытылланнар, элбэх билии түмүллүбүтэ. Бу билиилэргэ олоҕуран, Арассыыйа таһымыгар этиилэр киллэриллиэхтэрэ, ырытыы үөскүөҕэ.
Саха сиригэр эспэдииссийэни тэрийии төрүөтэ – былырыыҥҥы өҥүрүк куйаас сайын, үтүмэн элбэх ойуур баһаардара. Чинчийии бырагыраамата бэрт киэҥ – ирбэт тоҥу, баһаар кэнниттэн тыа өрүттэр тэтимин чинчийии, уу хаачыстыбатын үөрэтии, дендрохронология ньыматынан урукку сыллары үөрэтии уонна да атын научнай сыаллар эспэдииссийэ кыттыылаахтарын иннигэр тураллар. Былырыын умайбыт сирдэри Горнай улууһугар чинчийиэхтэрэ, Чурапчыга ирбэт тоҥ туругун үөрэтиэхтэрэ, Хаҥалас улууһугар, Дьокуускай аттыгар киһи айылҕаҕа дьайыытын үөрэтиэхтэрэ. Ону таһынан, тус бэйэм кытаанах бөх харайыытын кыһалҕатын үөрэтэргэ этии киллэрбитим.
Сотору бу уопсастыба бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн сайыҥҥы тэрээһини бэлэмниир үлэни ыытыахтара.
— Эспэдииссийэ түмүгэ туох дьайыылаах буолуон сөбүй?
— Түмүллүбүт чахчылары холбоон, кэлэр сылларга айылҕа уларыйыылара туохха тиэрдиэхтэрин сөбүн үөрэтиллэр. Ону таһынан, эппитим курдук, экологическай уопсастыба чилиэннэрэ дойду салалтатын кытта таһаарыылаахтык үлэлииллэр – бу дойдубут сокуоннарыгар уларыйыылары киллэрии туһунан туруорсууларга өҥөлөөх буолуон сөп. Уонна, биллэн турар, экология кыһалҕаларын уопсастыба дьүүлүгэр таһаарыы хаһан баҕарар улахан көдьүүстээх.
— Михаил Михайлович, экология кыһалҕаларынан дьарыктанар учуонай быһыытынан туох дии саныыгын, айылҕа улахан уларыйыыта баар дуо, Саха сиригэр?
— Уларыйыылар баалларын туһунан өр кэмнээҕи кэтээн көрүүлэр туоһулууллар. Ааспыт үйэ 70-с сылларыттан Саха сирин сыллааҕы орто кыраадыһа -12С кыраадыстан -10С кыраадыска тиийэ үрдээбитэ көстөр. Бу сыыппараҕа сэрэхтээхтик сыһыаннаһыах тустаахпыт – бастатан туран, сылыйыы кыһыҥҥы күннэргэ ордук сыһыаннаах, ол эбэтэр, кыһыммыт сымнаабыт, оттон сайыҥҥы күннэр биллэрдик уларыйбатахтар. Манна научнай эйгэҕэ диспут билигин даҕаны бара турар, кыһыҥҥы температура үрдээһинэ ирбэт тоҥ туругар дьайарын туһунан. Үгүс мерзлотоведтар улахан дьайыы суоҕунан ааҕаллар. Ол эрэн, экологияҕа дьайыыны чинчийии ирбэт тоҥ туругун үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммат. Холобур, биир саарбаҕа суох уларыйыы – сылаас ареаллартан кыыл, көтөр хоту ареалларга тарҕаныыта. Саха сиригэр эрдэ үөскээбэт харамайдар баар буолбуттар, олохтоох кыыллар урут көстүбэт сирдэригэр тиийэр буолбуттар. Бу сир-уот экологическай туруктаах буолуутун хамсатар, ардыгар куһаҕан түмүктээх дьайыы буолуон сөп.
— Сайыҥҥы кыраадыс улаханнык уларыйбатах буоллаҕына, тоҕо сылтан сыл өҥүрүк куйаас турар буолла? Ааспыт сайыннааҕы куйаас килиимэт уларыйыытын содула дуо?
— Сыллааҕы халбаҥнааһыны барытын “килиимэт уларыйыытыгар” сыбыыр сыыһа. Күн-дьыл туруга — “погода” биир эмэ сыл, эбэтэр хас да сыл үргүлдьү атын сыллартан тосту атын көрдөрүүлэри биэриэн сөп. Кыһын-сайын уларыйыытын таһынан хас да сыллаах килиимэт кэмнэрэ бааллар. 11 сыллаах, 33 сыллаах, 100 сыллаах, тымныы-сылаас халбаҥнааһыннара “период” диэн ааҕыллар. Сороҕор бэйэ-бэйэлэригэр хатыһан, улахан куйааһы эбэтэр тыйыс тымныыны хас да сыл тутуохтарын сөп. Бу маны барытын учуонайдар чинчийэллэр, билгэлииргэ үөрэнэллэр. “Өҥүрүк куйаас ааҥнаата” диэн өйдөбүл үөскээбитэ хас даҕаны төрүөттээх. Бастатан туран, дьон элбэҕи билэр-көрөр буолла, информация тарҕаныыта күүһүрдэ. Урут ханнык эрэ улууска кураан сайын турдаҕына, ол улуус иһинээҕи сонуна эрэ буолара. Билигин ханна эрэ ураты турук баарын туһунан дьон тута билэр кэмэ буолла. Ол эрэн, дьон урукку кэмнээҕи чинчийиилэри, статистиканы соччо билбэт, ол иһин “бу билигин хаһан да буолбатах алдьархай ааҥнаата” диэн санааҕа ылларар.
Ол да буоллар, хас да сыл хатыланар ойуур баһаардарын, килиимэт сүдү уларыйыытыгар киллэриэххэ сөп. Улахан иэннээх сиргэ тарҕанар ойуур баһаардара, биллэн турар, аан дойду уопсай килиимэтигэр дьайаллар. Итиччэ улахан содуллаах быһылааннар айылҕаҕа өр кэмнээх уларыйыылары киллэрэллэр, ол аата, килиимэт уларыйыытыгар туспа дьайыылаах көстүүлэргэ киирсэллэр. Ол да буоллар, аһары күүркэтэр эмиэ сыыһа. Билигин омук учуонайдарын ортотугар “Арассыыйа ойуурун умайыыта урут буолбатах иэдээн” диэн, түрүлүөн таһаара сатыыллар. Дьиҥэр, ааспыт сылларга Австралияҕа, Америкаҕа, Канадаҕа буолбут баһаардарын сабыдыала тэҥнэммэт улахан. Онон, кыһалҕа баарын билиниэҕиҥ, ол эрэн, олус айманар сыыһа.
— Килиимэт уларыйыыта бу билиҥҥи олохпутугар, экэниэмикэҕэ биллэр дьайыылаах дуо?
— Дьайыы баара саарбаҕа суох. Саамай судургу холобур – ааспыт сыллааҕы ойуур баһаардарын бохсууга элбэх үп баранна, үгүс үлэ ыытылынна, саахаллар таҕыстылар. Оттон буруо дьон доруобуйатыгар өр кэмнээх дьайыыта өссө дириҥ чинчийиини ирдиир.
Ирбэт тоҥ кэбирээһинэ элбэх сиргэ дьон олоҕор дьайыылаах буолла. Холобур, Чурапчыга урукку аэропорт сирин ирбэт тоҥо ирбитэ саҥа тутуллубут кыбартаалга кутталлары үөскэтэр. Өлүөхүмэҕэ ардах элбээбитэ сир сиҥниитин, аппа үөскээһинин Нөөрүктээйи чугаһыгар элбэппит.
Өр кэмнээҕи билгэлээһиннэргэ олоҕуран эттэххэ, ирбэт тоҥ энчирээһинэ күүһүрдэҕинэ, тутуллар таас дьиэлэр хамсаабаттарын туһугар сыбаайалары уһатыы кыһалҕата үөскүөн сөп. Уһун сыбаайаны туттуу, биллэн турар, дьиэ сыанатын үрдэтэр. Онтон сылтаан уопсастыба социальнай олоҕо эмиэ уларыйар.
Кураан сыллар элбээтэхтэринэ, тыа хаһаайыстыбата айгырыыр. Былырыын үгүс улуустары тас эрэгийиэннэртэн от атыылаһан хааччыйыыга үтүмэн элбэх үп бараммыта. Онон килиимэт уларыйыыта бу билиҥҥи олохпутугар, экэниэмикэҕэ биллэр дьайыылааҕар саарбахтыыр сыыһа.
— Килиимэт уларыйыытыгар сыһыаннаах үлэ Саха сирин научнай эйгэтигэр ыытыллар дуо?
— Арассыыйа экологическай уопсастыбата Саха сиригэр килиимэт эспэдииссийэтин тэрийэригэр биир суолталаах төрүөтүнэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сайдыылаах научнай бааза баара буолар. Килиимэти үөрэтиинэн Саха сиригэр хас да институт үлэһиттэрэ дьарыктаналлар. Саха сиринээҕи Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт научнай эйгэҕэ элбэх арыйыылары киллэрбитэ, саха тыллара научнай терминологияҕа киирбиттэрэ. Холобур, “алаас”, “булгунньах” диэн өйдөбүллэр наука терминнэрэ буолбуттара. Кыыл миграцията, температура халбаҥнааһына, сир туругун уларыйыыта уонна да атын көстүүлэр үөрэтиллэ, чинчийиллэ тураллар.
— Михаил Михайлович, санааҕын үллэстибиккэр махтанабын, буолаары турар Арассыыйа наукатын күнүнэн эҕэрдэлиибин! Эспэдииссийэ үлэлии кэллэҕинэ, өссө кэпсэтэр инибит?
— Махтал. Хайаан даҕаны билсиэхпит.
Егор Карпов, edersaas.ru