Уралга, Исеть өрүс үрдүгэр, “Каменные ворота” диэн сиргэ бу күннэргэ, Бастакы канаал үлэһиитинэн, “Угрюм-река” диэн Вячеслав Шишков аатырбыт арамаанынан номоххо киирбит сериалы хаттаан уста сылдьаллар. Режиссер – Юрий Мороз.
Өссө 1968 сыллаахха режиссер Ярополк Лапшин маннык ааттаах 4 сиэрийэлээх киинэни устубутун оччотооҕу Сэбиэскэй Сойуус дьоно бука бары, күөх экраҥҥа букатын “сыста сытан” көрбүттэрин аҕа көлүөнэ, биллэн турар, өйдүүр… Оннук буоллаҕа — аатырбыт кырасаабысса-артыыска Людмила Чурсина оонньообута дии! Оттон 16 сиэрийэлээх бу саҥа сериалга Анфиса оруолун эдэр эрээри, биллиилээх Юлия Пересильд (“Битва за Севастополь”, “Палач”, “Людмила Гурченко” уо.д.а.) толорор дииллэр.
Михаил Михайлович уонна Сысык киинэ уһуллуутун кэмигэр.
Бу киинэҕэ уһулларга биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыттан икки артыыһы ыҥырбыттар – СӨ үтүөлээх артыыһа Михаил Апросимовы уонна, эмиэ киинэҕэ уһулла уопуттаах, Тамара Обутованы.
Михаил Михайловиһы тоҥус оҕонньорун — Джагда аҕатын оруолугар бигэргэппиттэрэ. Джагданы Москватааҕы Экспериментальнай тыйаатырга үлэлиир, омугунан бурятка кыыс Сысык Хаптасова оонньуур.
Михаил Апросимов от ыйын 16-22 күннэригэр хайыы үйэ бэйэтин оруолун толорон, киинэҕэ уһуллан кэллэ, оттон Тамара Обутова дьэ бу күннэргэ Уралга тиийбит буолуохтаах.
Артыыс Михаил Апросимовы Дьокуускайга көтөн кэлээтин кытта, сарсыныгар көрсөн, кэпсэтэ түстүм.
— Миэнэ 4 эрэ көстүү – аан бастаан, кытылга туран, аллараа өрүһүнэн дьон устан иһэрин көрөбүн… Онтон тордоҕум таһыгар кэлбиттэригэр кэпсэтэбит. Сарсыныгар Прохор базатыгар тиийэбин. Прохор Громовы Александр Горбатов диэн, Вахтангов тыйаатырын эдэр артыыһа, икки миэтэрэ уһуннаах уол оонньуур. Кини миигиттэн көмүстээх сири ыйыталаһа сатыыр, ону мин эппэппин… Барыта син табыллан иһэр курдук. Арай биирдэ – онно барыта хайалаах сир – этэрбэһим халтархайа бэрт буолан, кыратык халтарыйан ыллым. Уоннааҕыта этэҥҥэ. Режиссер, атын да үлэһиттэр бэрт ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар. “Михаил Михайлович” диэнтэн атыннык ыҥырбаттар.
Прохор Громовы эдэр артыыс Александр Горбатов оонньуур.
Екатеринбурга көтөн тиийээппин кытта көрсөннөр, киин куораттан 90 килэмиэтирдээх Каменск-Уральский диэн куоракка илтилэр. Онно тиийэн гостиницаҕа сынньанан баран, салгыы 7-8 биэрэстэлээх сиргэ Исеть өрүс үрдүгэр тиийдибит. Дьэ манна киинэ уһуллар. Киһи-киһитин билсибэт – оннук элбэхтэр. Таҥаспын бастаан атыҥырыах курдук буолтум да, оттон, анал үөрэхтээх худуоһунньук оҥордоҕо… Саха бакаа соҕотохпун. Киинэҕэ тоҥуһу оонньуубун. Сүрүннээн нууччалыы кэпсэтэбит, ол быыһыгар мин, режиссерум этэринэн, “шибко”, “однако”, “моя-твоя” диэн тыллары кыбыталаан биэрэбин. Салгыы Тамара Обутова кэлиэхтээх, кини, арааһа, эбээннэр дуу, эбэҥкилэр дуу олохторун көрдөрүүгэ кыттыахтаах, бакаа чуолкайын билбэтим. Уопсайынан эттэхпинэ, тэрээһиннэрэ туох даҕаны олус үчүгэй!, — диэн санаатын үллэстэр Михаил Михайлович.
Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйа киинэтигэр Михаил Апросимов бу иккис оруола. Бастакыта – “Белый шаман” (Санкт-Петербург). Саха киинэтигэр эмиэ кэккэ оруоллардаах.
“Ага”-ны норуокка көрдөрбүт киһи…
Оттон, өссө саамай биллибитэ – Болгария режиссера устубут “Ага” (“Нанук”) киинэтигэр — сүрүн оруол! Саха артыыһа Михаил Апросимов быйыл 2019 сылга “Болгарская золотая липа” киинэ-бэстибээлгэ “Бастыҥ эр киһи оруола” бириис хаһаайынынан буолла. Уопсайынан, “Ага” киинэ уонтан тахса аан дойду киинэ-бэстибээллэригэр сүрүн бириистэри хомуйан, аатырда-сураҕырда. Биир дойдулаахтара, мэҥэ хаҥаластар, Майа ыһыаҕар анаан-минээн ыҥыраннар, Михаил Михайловиһы чиэстээтилэр-бочуоттаатылар. Улуус баһылыгын илиититтэн талааннаах артыыс Бочуотунай грамотаны уонна кыһыл көмүс чаһыны бэлэх тутта.
— Быйыл, Тыйаатыр сылыгар, биир дойдулаахтарым бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан анаан-минээн ыҥырбыттарыгар олус махтанабын, — диир Михаил Михайлович астынан туран.
Айар үлэтигэр былааннарын туһунан кэпсэтиигэ кини: “Эһиил, 70 сааспын көрсө, 3-с кинигэбин бэчээккэ таһаардарбын. Уонна биир баҕарар баҕам – “Ага” киинэбин норуокка көрдөрбүт киһи!” — диэтэ.
Оттон биһиги Михаил Михайловичка, бу эппит санаалара хайаан даҕаны туолалларыгар, өссө саҥа, сонун оруоллары, айар үлэтигэр саҥа ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!
Быһаарыы
Апросимов Михаил Михайлович. 1974 сыллаахха Москватааҕы М.С.Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены бүтэрбитэ. 25 сыл устата Ньурба тыйаатырыгар үлэлииригэр 60-тан тахса оруолу толорбута. 1999 сылтан П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа. Тыйаатыр сүрүн репертуарыгар үгүс оруолу толорон кэллэ: А.Софронов “Дьадаҥы Дьаакып” — Уйбаан оҕонньор, “Олох оонньуура” – Дьэкиим, Ч.Айтматов “Хаарыан хампа күөх кытылым” — Арҕаан, “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхо – Арсан Дуолай, И.Гоголев “Хара кыталык” — Ойуун, А.Чехов “Три сестры” — Чебутыкин, В.Шекспир “Илиир Хоруол” —Эмчит, Ф.Буляков “Ньургуһун иккистээн тылыннар…” — Абдулла, Н.Якутскай “Төлкө” — Ньукулай, о.д.а. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа. Икки кинигэ ааптара. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Татьяна МАРКОВА.