Ил Дархан сорудаҕынан 2018 сылга омук гражданнарын тутуу, туһалаах баайы-дуолу хостооһун, тырааныспар, үөрэҕирии, тыа хаһаайыстыбатын уонна доруобуйа харыстабылын салааларыгар үлэлэтэри бобор туһунан саҥа ыйаах бырайыага оҥоһулунна. Бу туһунан Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччыта Степан Москвитин иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, Егор Борисов национальнай үлэ ырыынагын араҥаччылыыр уонна үлэтэ суох ахсаанын аҕыйатар сыалтан, миграннарга туһааннаах ыйааҕы бу саас таһаарбыта.
Туһааннаах кэмитиэт салайааччыта Бырабыыталыстыба мунньаҕын кэмигэр иһитиннэрбитинэн, тутуу салаатыгар 9 тыһыынча кэриҥэ омук граждана үлэлиир. Маны таһынан, миграннар 15%-ра атыы-эргиэн салаатыгар, массыына өрөмүөннүүр тэрилтэлэргэ, 7%-ра оҥорон таһаарар уонна туһалаах баайы-дуолу хостуур хампаанньаларга, 6%-ра гостиницаларга, эрэстэрээннэргэ үлэлииллэр.
Бүгүҥҥү туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 16 579 омук граждана үлэнэн хааччыллан олорор. Тас дойдуттан кэлбит омуктар 25,5% Таджикистан, 19,9% Кыргызстан, 17,6% Узбекистан, 12,4% Армения олохтоохторо.
Оттон ыйаах туһунан этэр буоллахха, билигин ымпыгын-чымпыгын үөрэтэн, ырытыы бара турар. Маны таһынан, ыйаах бырайыагын бырамыысыланнай хампаанньалар көрүүлэригэр ыыппыттар.
Анивера АКИМОВА. «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru