Миэхэ, эйиэхэ, киниэхэ туһалаах кинигэ таҕыста

Ааптар: 
20.03.2019
Бөлөххө киир:

Ким эрэ үбүлүөйүгэр, төрөөбүт күнүгэр, идэлээх бырааһынньыгар эҕэрдэ суруйаары гыннаххына чугас дьоҥҥун суруй диэн түбүгүрдүмэ. Маны барытын биир кинигэттэн – соторутааҕыта “Бичиккэ” тахсыбыт Клара Ксенофонтова “Эҕэрдэлэр. Баҕа санаалар. Анабыллар” диэн эҕэрдэ суруктар халыыптарын  кинигэтиттэн булуоххун сөп.

edersaas.ru

Ааспыт нэдиэлэҕэ үлэлиир оскуолатыгар кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста. Биһирэми үөрэтэр оҕолорун төрөппүттэрэ, бииргэ үлэлиир дьоно көҕүлээн тэрийдилэр. “Маҥнай сүрэхтиир эҥин туһунан толкуй суоҕа. Онтон арай, толкуйдаан көрбүтүм, бу оскуолаҕа үлэлии кэлиэхпиттэн үһүс кинигэм күн сирин көрбүт эбит. Киһи сөбүлүүр кэлэктииптээх буоллаҕына, үлэтэ ордук таһаарыыланар диэн этэллэрэ чахчы.

Сороҕор саха тылын учууталларынан билэр-билбэт, букатын харахтаан көрбөтөх дьоҥҥор эҕэрдэ суруйтараллар. Ол иһин кимиэхэ баҕарар туһалаатын диэн санааттан бу кинигэбин суруйдум. Мунньа, тиһэ сырыттахха үлэ түмүгэ көстөр эбит. Онон оҕолор, эһиги эмиэ өрүү илиигитин ыһыктыбакка үлэлээҥ, хаһан эбит хайаан даҕаны ситиһиини аҕалыаҕа”, — диэн үөрэнээччилэригэр сүбэтин, төрөппүттэргэ, бииргэ үлэлиир дьонугар махталын тиэртэ.

Кинигэҕэ “Оҕо аймахха эҕэрдэ”, “Дьоро күннэргэ”, “Бэлиэ бырааһынньыктарга”, “Идэлээхтэр күннэригэр”, “Анабыллар”, “Баайга-дуолга салайар, чэгиэн туругу баҕарар баҕа санаалар”, “Дьыл кэминэн, ыйдарынан, нэдиэлэ күннэринэн, саҥа күнүнэн санааны көтөҕөр эҕэрдэлэр” диэн бастар киирбиттэр. Дьэ, манна оҕо төрүөҕүттэн ханнык баҕарар бырааһынньыкка, үбүлүөйгэ, оннооҕор дьыл кэминэн, нэдиэлэ күннэринэн эҕэрдэҕэ тиийэ барыта хабыллыбыт. Холобура, биисинэс тэринэр киһиэхэ туох диэн сөптөөх тылы тиһэн, уустаан-ураннаан эҕэрдэ этиэ, сурукка тиһиэ этигитий? Ааптар маныаха сөптөөх тыллары булбут:

Ырыынак кэллэ,

Ыар олох ыкта диэбэккэ,

Ытыһы тоһуйан олорбокко

Ыпсарыылаах өйгүтүнэн,

Ылыннарыылаах тылгытынан

Сүүрэн-көтөн тиргиллэн,

Кэлэн-баран элэстэнэн

Кэскиллээх дьыалаҕа ылыстыгыт,

Киэҥ аартыкка үктэннигит!

Үс үйэ тухары

Үллэ турар үптэниҥ,

Аҕыс үйэ тухары

Алла турар баайданыҥ!

Ааптар хомоҕой тыллаах хоһоон ньыматынан эрэ буолбакка, сурук халыыбынан эмиэ тиһэр. Холобура, кыһыл көмүс сыбаайбалаахтарга: “Күндүтүк саныыр ытык-мааны дьоммутун … кыһыл көмүс уруугут күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!…

Бу күн саҥаттан ыал буолбут кэриэтэ сананыҥ, эһиги иннигитигэр олох кустук араас өҥүнэн оонньуурун умнумаҥ. Алта оҕону үөрэхтээх, үлэһит оҥорон, сиэннэргитин, хос сиэннэргитин киһи бэрдэ гынарга дьулуһаҕыт. Эһиги эйэҕэс, ыалдьытымсах сиэргит, үлэттэн дьоллонуугут, үөрүнньэҥ майгыгыт чугас дьоҥҥутугар үтүө холобур буолар…

Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун, кырдьыы кыттыспатын, чэмэлкэй күн, үөрүү, дьол, оҕо чаҕаархай күлүүтэ тулалаатын! Сэттэ уоҥҥутугар диэри сиэттиһэ, аҕыс уоҥҥутугар диэри ахтыһа, тоҕус уоҥҥутугар диэри тоҕоноххутуттан тутуһа сылдьыҥ!”, — диэн ааптар суруйбут эҕэрдэтин халыыбыттан быһа тардан киллэрэбин.

Үөрэнээччилэрэ бүтүн кылааһынан тахсан кинигэттэн анабыллары ааҕан иһитиннэрдилэр, «Кэскил»-«Юность Севера» хаһыаттар эрэдээктэрдэрэ Евдокия Иринцеева, оскуола дириэктэрэ Михаил Уйгуров, учуутал Александр Чиряев, төрөппүттэр эҕэрдэлэрин тиэртилэр, бэйэлэрин үҥкүүлэрин, ырыаларын бэлэхтээтилэр. Төрөппүт уола, “Туймаада” ансаамбыл ырыаһыта,  ырыа айааччы, аранжировщик Серафим, Валерий Ноев аатырбыт “Кыыс Амма” ырыатын толордо. Ону тэҥэ, ийэтин тылларыгар, бэйэтин матыыбыгар “Кыһын” диэн ырыаны бэлэхтээтэ. Бу, бары бэркэ сөбүлээн истэр ырыабыт, сүрэхтии мустубут кинигэбит ааптара Клара Ксенофонтова тылларыгар суруллубутун, үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ эрэ тиийэн истэн соһуйдубут.

“Бичик” кинигэ кыһатын үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин салайааччыта Марина Макеева уонна эрэдээктэр Саргылаана Константинова, Клара Ксенофонтова курдук түргэн-тарҕан туттунуулаах, эппиэтинэстээх, барытын хонтуруолга тута сылдьар ааптары кытта үлэлиир судургутун бэлиэтииллэр уонна эҕэрдэлээн туран, “Бичик” кинигэ кыһатын аатыттан сэртипикээти туттардылар.

Миэхэ, эйиэхэ, киниэхэ – барыбытыгар туһалаах, көмөлөөх «Эҕэрдэлэр. Баҕа санаалар. Анабыллар» кинигэни «Бичик» маҕаһыыннарыттан буолуоххутун сөп.

Ыспыраапка

Клара Борисовна Ксенофонтова — Дьокуускай куораттааҕы 12-с нүөмэрдээх оскуола саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Саха-Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда стипендиата.

2015 сыллаахха “Бэргэн этиилэр”, 2017 сыллаахха “Оҕолор өйтөн суруйуулара” үлэлэрин түмэн кинигэлэрин таһаарбыта. Уонна бу, соторутааҕыта “Эҕэрдэлэр. Баҕа санаалар. Анабыллар” кинигэтэ бэчээттэннэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0