Миэдиктэргэ төлөбүрү Ил Дархан хонтуруоллуоҕа

Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ахсынньы 10 күнүттэн төлөнүөхтээх, сэтинньи 1 күнүгэр киирбит  саҥа быраабыланан миэдиктэргэ төлөнөр эбии төлөбүрү тус хонтуруолугар ылла.

Эрэгийиэн

Хотугу эбии  төлөбүрдэр уонна бу төлөбүрдэргэ эбии төлөбүр хааллара ситиһилиннэ. Бэлиэтээн эттэххэ,  маннык өйөбүлү COVID -19 утары үлэлии сылдьар мэдиссиинэ үлэһиттэрэ  ылыахтара.

«Биһиги эрэгийиэннээҕи эбии төлөбүрдэргэ төлөбүрдэри хааллардыбыт. Бу улахан суолталаах. Мэдиссиинэ үлэһиттэрин өйүөхтээхпит, кинилэр ноҕуруускаларыгар бу сөптөөх көмө. Бу туһунан РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир  Путин куруук этэр. Эбии төлөбүр схематынан ахсынньы 10 күнүттэн мэдиссиинэ үлэһиттэрин тус счеттарыгар төлөбүрдэр түһүөхтэрэ. Өскөтүн, мэдиссиинэ үлэһиттэрэ  ыйытыылаах буоллахтарына, мин эбэтэр бырабыыталыстыба  социальнай ситимин тус аккаунугар суруйуохтарын сөп. Бу боппуруоһу тус бэйэм хонтуруоллуубун», — диэтэ.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0