Мичийэ мичээрэ (кэпсээн)

Ааптар:  Ираида Коркина-Чугдаара
07.11.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

— Бу кыыс “вайфаай” киириэҕиттэн сүрэҕэ суох буолан бүттэ! Иһит сууйбута буолан баран хоһугар дьылыс гынан хаалбыт, бөҕүн да хомуйбатах! – биэс уонча саастаах Дора диэн дьахтар ботугуруу-ботугуруу куукуна муостатын харбаата.

Ити кэмҥэ хаппахчы саҕа кыараҕас хос иһигэр Мичийэ кыыс суотабай төлөпүөнүн хасыһа сытта. Кини дьахтар мөҕүттэр саҥатын истимээри наушник кэттэ, ырыа холбоото уонна өһүөнү одуулаата. Эргэ дьиэ хараарбыт истиэнэтэ туланы эбии хараҥардар курдук. Арай кырыарбыт түннүк дуомуттан кыл саҕа сырдык сиидэлэнэн киирэр.

— Таах-сибиэ ол сыл иитэ ыларга сөбүлэһэн, бу билигин хаарыаннаах олоҕум күндү мүнүүтэлэрин бостуой барыы сырыттаҕым. Ааспыт сылларбын ханнык эрэ атын дойдуттан кэлбит оҕоҕо бараатаҕым. Барытын киниэхэ ылыахха наада — суотабай буоллун, аһа-үөлэ, таҥаһа-саба буоллун…

Бу саҥаран баран тохтообот уратылаах Дора – Мичийэ саҥаһа. Кини өссө даҕаны элбэҕи мөҕүтүннэ. Сорҕотун кыыс истибэтэ даҕаны, арҕааҥҥы дойду тэтимнээх музыкатыгар уйдаран умна да быһыытыйда быһыылаах. Уопсайынан даҕаны Дора кыйаханыытын күн аайы кэриэтэ истэр буолан үөрэнэн да хаалбыт курдук. Таайын Ньукулай кэргэнэ уруккаттан итинник тугу санаабытын, сөбүлээбэтэҕин барытын этинэ сылдьар соччото суох майгылаах.

Кыыс биллэн турар төрөппүттэрдээх этэ. Аҕата буолуохсут куруук арыгылаан тахсара, биир да соххор кэппиэйкэни аҕалбата, күнү күннээн атастарын кытта сүтэн хаалар этэ. Ону тулуйумуна, Мичийэ ийэтэ Светлана аһыы утахха ылларбыт эриттэн арахсан, кыысчаана түөрт саастааҕар бу дойдуну булбута. Оҕотун илдьэ чугас улууска убайа Ньукулай олорор нэһилиэгэр тиийбитэ. Онтон атын сиргэ барар кыаҕа суоҕа, бииргэ төрөөбүт иккиэйэх эрэ этилэр. Саҥа сиргэ дьахтар дьиэ куортамнаспыта уонна оскуолаҕа поварынан үлэлии киирбитэ.

Олох син ньир-бааччы бэйэтин кэминэн устан испитэ.  Ньукулай кинилэргэ күүс-көмө буолан отторун-мастарын тиэйэрэ, ууларын-хаардарын дьаһайара. Арай, бу маны барытын Дора эрэ сөбүлээбэт этэ. Ол эрэн Светлана сэргэх буолан саҥаһын майгытыгар кыһаммакка кинилэргэ Мичийэтинээн ыалдьыттыы тиийэллэрэ. Кыыс Ньукулайдаах уолаттарын кытта оонньуура, оттон ийэтэ дьиэлээх хаһаайкалыын остуолга олорон дьахтар аймах сиэринэн ону-маны элбэҕи сэһэргэһэллэрэ.

Биир маннык күн Мичийэни Ваня диэн Ньукулайдаах кыра уоллара аһары хаадьылаабыта. Анарааҥҥыта түмүгэр иннигэр түбэспит оонньуурунан оройго биэрбитэ. Уолчаан маккыраччы ытаабытыгар ийэтэ сүүрэн тиийэн туох буолбутун билээт, кыра кыыһы күүскэ мөхпүтэ. Светлана маҥнай утаа син истэ сатаан баран: «Оҕо буоллаҕа дии, хантан билээхтиэй», — диэн кыыһын көмүскэһэн быһаара сатаабыта. Дьэ мантан Дора өрө оргуйа түспүтэ, тугу саныырын барытын эппитэ, анарааҥҥыта Мичийэни куһаҕаннык ииппит аатырбыта, кэргэнэ арыгыһыта, онтон билигин кинилэр эрэ көмөлөрүнэн киһи-хара буола сылдьаллара кытта ахтыллыбыта.

Бу аймалҕаны Мичийэ ийэтэ тулуйумуна, кыыһын кытта сып-сап хомунан атахха биллэрбиттэрэ. Онтон ыксаллаахтык суолу туораан истэхтэринэ Светлананы массыына эмискэччи үнтү көтөн кэбиспитэ… Дьолго Мичийэни кыранан таарыйбатах этэ. Светлана буоллаҕына улахан эчэйиини ылан өйүн сүтэрбитэ, реанимацияҕа аҕыйах күн сыппыта уонна күн сириттэн күрэммитэ…

…Мичийэ оччугуйа бэрт буолан ийэтин сүтүгүн чэпчэки соҕустук аһарыммыта. Кини ол ыар күн Ньукулай хоһугар киирэн кэлбитэ, чоҕулуйбут хап-хара харахчааннарынан тугу да өйдөөбөтөхтүү кинини эйэҕэстик тобулу одуулаабыта. Бииргэ төрөөбүт балтын аһыйан хараҕын уутун кыатамматах эр киһи кыысчааны көрөн, сүрэҕэ ытырбахтаабыта.

«Күн сиригэр тулаайах хаалахтаата… барахсаммын Мичийэбин бэйэбэр ылар эбиппин», — диэн быһаарыныыны Ньукулай ылыммыта.

Онтон ылата кыысчаан таайын аахха иитимньи оҕо буолбута. Бу билигин Мичийэ номнуо уон биэс сааһа, саҥа тыллан эрэр кэрэчээн сибэккигэ кубулуйда, өйдүүн-санаалыын да ситтэ.

Ардыгар Ньукулай уолаттара Ваня уонна Миша кини баарыгар-суоҕугар кыһаллыбатаҕа буолаллар. Биирдэстэрэ кыыстан икки сыл улахан, кырата биир сыл балыс. Биирдэ эмит кыынньаан тылларын көрдөрөллөр, аһылыкка ыҥыралларыгар хоһун истиэнэтин тэбэн ааһаллар. Быһата, туораталлар, аанньа ахтыбаттар.

Дьиҥинэн, туораттан көрдөххө, эйэлээх дьиэ кэргэн курдуктар ээ. Ол эрэн ити барыта сымыйа көстүү. Дора уолаттарыгар эрэ умса түһэр, кыыс эрэйдээх киниттэн үтүө тылы истэрэ ахсааннаах, куруук били кыыһырымтаҕай маачахаттан мөҕүллэр остуоруйа тулаайах кыыһын курдук. Арыый атына диэн, саҥаһа Мичийэни биирдэ эмит оргууй аҕай оройуттан сыллаан ылар идэлээх уонна: «Тоойуом, куһаҕан майгылаах саҥаскын бырастыы гын», — диир.

*****

Дора куукуна муостатын харбаан бүтэн баран саалаҕа тэлэбиисэр көрө кэллэ. Бу кэмҥэ Мичийэ суотабай төлөпүөнүгэр эрийдилэр, звонок аныгылыы музыката дьиэни биир гына ньиргиэрдэ. Саҥас эмиэ кыыһыран киҥир-хаҥыр тылынан быраҕаттаныа диэн кыыс ыксалы кытта сып-сап ыла оҕуста.

— Алуо…

— Мичийэ, ватсаапкын тоҕо көрбөккүн? Эйиигин улуус иһинэн ыытыллар хайыһар күрэҕэр кытыннарабыт, сарсыҥҥаттан бэлэмнэнэ кэлээр.

Физкультура учуутала Иван Гаврильевич ити курдук этиэхтээҕин этэн баран төлөпүөнү ууран кэбистэ. Мичийэ хардарбакка да хаалла. Соһуйбута бэрдиттэн интэриниэккэ баар кылааһын бөлөҕүн өҥөйөн көрдө. Онно бастаан  нэһилиэктээҕи хайыһар күрэхтэһиитэ буоларын туһунан эппиттэр, кылааһын салайааччыта оҕолоруттан ким кыттыан сөптөөҕүн туоһуласпыт, ол кэнниттэн үксүлэрэ кэриэтэ Мичийэ барсыан сөбүн туһунан суруйбуттар.

Кыыс оскуолаҕа барыан баҕарбат курдук, тоҕо диэтэр, кинини үгүс оҕо «мулатка-шоколадка» диэн хаадьылыыр үгэстээх. Дьиҥинэн, Мичийэ тупсаҕай көрүҥнээх ээ, хара уһун намылыйбыт суһуохтаах, кыаһаан дьүһүннээх, чох курдук чоҕулуйбут ыйаастыгас харахтаах уонна уурбут-туппут курдук обуйук уостардаах. Ити арааһа, маннааҕы оҕолордооҕор чыҥха атын тас дьүһүннээҕэ оруолу оонньообут быһыылаах. Бу улууска тоҕо эрэ дьоно-сэргэтэ үксэ бааһынай хааннаахтар, сырдык дьүһүннээхтэр, нуучча курдук сандаарыччы көрбүт киэҥ харахтаахтар. Кинилэр майгылыын-сигилилиин, туттардыын-хаптардыын да биһиги сэмэй кыыспытынааҕар атыттар, сытыылар-хотуулар. Эбиитин киэҥ-холку,  айдаана-куйдаана суох нус-бааччы сылдьар оҕолору, кинилэр харахтарынан «не от мира сего» үөрэнээччилэри араастаан кыынньыыр идэлээхтэр. Мичийэ буоллаҕына, ити ураты оҕолортон биирдэстэрэ этэ, аҕыйах саҥалаах, чуумпу, үөрэҕэр үчүгэй, аҕыйах дьүөгэлээх…

Cарсыныгар Мичийэ этиллибит бириэмэтигэр оскуолаттан чугас турар алааска хайыһарга дьарыктана тиийдэ. Иван Гаврильевич кэлэ илик эбит. Арай, ханнык эрэ уол хонууну биир гына сыыдамнык хайыһардаан бэттэх иһэр. Чугаһаан истэҕин ахсын таҥаһыттан-сабыттан сылыктаан көрбүтэ, били оскуола актыбыыһа, сытыы-хотуу майгылаах, бэтиэхэ аргыстаах онус кылаас уола Эдик буолан биэрдэ. Сааскы тымныы дьыбартан сирэйэ кытарбыт, киэҥ хараҕын уһун кыламаннара кырыарбыт. Уол түргэн үлүгэрдик субу элээрдэн кэллэ.

— Оксиэ, Мичийэ, мулатка-шоколадка, тугу гына кэллиҥ?

— Хайыһардыы… эн миигин итинник диэмэ эрэ!

Кыыс өһүргэнэн тэйиччи соҕус барда. Бу кэмҥэ Эдик тыын ылан баран салгыы хайыһарынан айанната турда. Мичийэ төһө даҕаны кинини сөбүлээбэтэр, ыраахтан уол имигэс туттунуутун сөҕө көрдө. Бэркэ да хайыһардыыр эбит!

— Мичийэ, дорообо! Мин эйиэхэ бу хайыһар наборун аҕаллым, — диэбитинэн илиитигэр хайыһар, торуоска уонна бачыыҥка тутуурдаах физкультура учуутала тиийэн кэллэ,

— Здравствуйте, Иван Гаврильевич. Ити Эдик Соколов тоҕо манна кэллэ?

— Кини уолаттарга кыттар. Көрөҕүн, хайдах курдук астыктык сатыырын? Эн киниттэн холобур ылыахтааххын. Кини курдук сыыдам буоларга дьулуһуохтааххын. Былырыын бастаабыта дии.

Мичийэ итини истэн баран өһүргэммит санаата сүппүккэ дылы буолла. Төһө даҕаны анарааҥҥыта куруук кыыһы дьээбэлиир буолтун иһин, спорка дьоҕурдаах толуу уоланы хараҕынан хайҕаан ылла. Уонна оттон уолчаан атыттартан уратыта диэн наһаа өрө барбат, син оттомноох соҕус буолан ылар ээ.

Сотору буолаат, эдэр хайыһардьыт оччугуй алааһы эргийэн тиийэн кэллэ, учууталын көрсөн дорооболосто.

— Эдик, бу Мичийэни батыһыннаран илдьэ бар. Бастаан аргыый аҕайдык бараарыҥ. Сүрүнэ, сөпкө туттуоххутун наада… – дии-дии Иван Гаврильевич иккиэннэрин үөрэтэн-такайан барда.

Дьэ, кытаанах дьарык саҕаланна… Сылайыы-элэйии да буолла. Мичийэ Эдигы кэнниттэн батыһан хайыһарынан айаннаан истэ. Уола түргэн да эбит, киһи кинини ситэригэр сыра-сылба да бараныыһык. Эчи эрчимнээҕин, киэҥ-куоҥ туттунуулааҕын!

Арай, эмискэ эриллэҕэс суол кэлбитигэр Мичийэ халтарыйан сууллан түстэ, хайыһара тоҥуу хаарга батылынна.  Тура сатаата даҕаны, атаҕа таҥнары эриллибит буолан кыаммата, хайыһара даҕаны сүгүн хамсаппат. Аны тоҥуу хаар кыырпахтара кыыс моонньугар, илиитигэр киирдилэр. Ыччуу, дириҥ да хаар эбит.

Маннык булумахтанан тура сатыы сыттаҕына, Эдик начаас элээрдэн кэллэ уонна илиитин уунна. Мичийэ киһи эрэ буоллар, көмөлөһүннэрдэ, ол эрэн ыксаабыт аатыгар буолан, эмискэ сыыһа хамсанан аны уоллуун иккиэн хаарга суулуннулар. Кыыс киниэхэ куустарбытынан түспүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалла.

Эдик бу түгэҥҥэ Мичийэ буспут моонньоҕон курдук хап-хара чаҕылхай харахтарын, нарыннык чочуллубут муннутун, кыаһаан иэдэһин иэйэ көрөн ылла. Оттон кыыс буолбут «эриэхимэй быһылаантан» кыбыстан, хайдах буолуон билбэккэ, тура сатаан хамсанна. Илиитигэр тымныы хаар киирэриттэн сылтаан: «Ыччуу», — дии-дии син булумахтанан туран кэллэ. Маны барытын туораттан уол көрө сатаан баран, ис-иһиттэн күлэн сыһыгыраата.

«Эмиэ киһини күлүү гынан эрэҕин! Тур, салгыы барыах…” – диэтэ кыыс. Уол буоллаҕына, турар санаата суох курдук, үрүҥ тиистэрин килэтэн күлэ олордо. Мичийэ син тулуйа сатаан баран Эдигы хаарынан бырахта. Уол соһуйда. Күлэрэ тохтоото. Тура биэрээт, кыыһы бэйэтин хаарынан ыста. Анарааҥҥыта төттөрү хардаран баран, хайыһарынан иннин хоту элээрдэ турда. Куотар эрэ санаалаах буолан, хата, бэркэ түргэтээтэ. Ыраахтан учууталлара Иван Гаврильевич ытыс таһынар тыаһа иһилиннэ. Оттон аттынааҕы суолунан сотору буолаат, Эдик сурулаан кэллэ уонна хаарынан ыһыахтанна.  Мичийэ маннык «оонньууттан» хайдах эрэ сүргэтэ көтөҕүлүннэ уонна күлэ-күлэ уолу бэйэтин хаарынан тамнааттаан баран, куотан элэс гынна.

Киһи эрэ буоллар, Эдик кыыһы ситэн ааста. Бу сырыыга хаарынан ыспата, ол эрэн кэннин хайыһан Мичийэ сырдык мичээрин, мэник-тэник көрүҥүн эйэҕэстик одуулаан ылла. Маҥнайгы дьарык бу курдук сэргэхтик, көрүдьүөстүк ааста. Аны биир нэдиэлэнэн сааскы сынньалаҥ үүннэҕинэ күрэх саҕаланыахтааҕа.

*****

…Сарсыҥҥы күнүгэр Эдик Мичийэни оскуолаҕа көрсөн баран, олус үөрэ санаата. Маҥан көрүдүөр устун дыгыйан иһэр үп-үрүҥ булууһалаах, тобугунан уһун тэлээркэй дьууппалаах кыыһы адьас атын хараҕынан көрдө. Кэрэ да эбит ээ Мичийэ, аанньал курдук… Кыыс дьүөгэ кыыһын кытта тугу эрэ кэпсэтэ сылдьан күлэн ылбытыгар мичээрэ олус кэрэ, истиҥ буолла. Астыгыан! Эмискэ ол үөрбүт эриэккэс көрүҥэ утары хараҥа таҥастаах онус кылаас уолаттара тиийэн кэлбиттэригэр дьүһүн кубулуйа түстэ. Сирэйин умса туттан, тэйиччи соҕус туораан биэрдэ. Тоҕо диэтэр, кинилэр Мичийэни куруук дьээбэлиир идэлээхтэр.

— Наша мулатка-шоколадка! Көр эрэ бу диэки, «селфилыахха”!  Мулатканы кытта мин хаһан даҕаны “селфилыы” иликпин, – Костя диэн уһун соҕус уҥуохтаах саамай сытыы-хоту уоллара Мичийэҕэ чугаһаан баран суотабай төлөпүөнүн хостоото.

Кыргыттар кинилэртэн куотан көрүдүөрү төттөрү өттүнэн хаамтылар. Ону ол диэбэккэ, Костя эккирэтэн тиийэн, Мичийэни кытта хаартыскаҕа түһээри суолун бүөлээтэ.

«Туораа эрэ суолбутуттан, туох ааттаах сырыы аайы Мичийэни буулаан тахсаҕытый?» — диэтэ кыыс дьүөгэтэ Марина.

Маны барытын туораттан көрө туран Эдик сөбүлүү санаабыт кэрэ куотун били киинэлэртэн көтөн түспүт дьоруой курдук көмүскэһиэх санаата киирдэ. Бытаардыллыбыт каадырга көстөрүнүү Костяны сүүрэн тиийэн охсон түһэрэр, онтон анарааҥҥы уолаттарын барыларын начаас сутуругунан дөйүтэлээн кээһэр, оччоҕо Мичийэ үөрэн киниэхэ чугаһыыр, уол кыысчааны кууһан ылар уонна харах харахтарын одуулаһа турар түгэннэригэр бытаан ырыа тыаһаабытынан барар… Эдик бу курдук санаабытын хараҕар ойуулаан көрө турдаҕына, уруок саҕаланар звонога тыаһыы биэрдэ. Оҕолор бары үмүөрүһэн кылаастарынан тарҕастылар.

Биология уруога. Учуутал кэпсиирин Мичийэ болҕойон истэр. Эмискэ  төлөпүөнүгэр кып-кыратык иһитиннэрии кэлбит тыаһа иһилиннэ. Көрбүтэ – Эдик киниэхэ сүрэх ыыппыт уонна: «Мин эйиигин хайыһар кэннэ дьиэҕэр атаарыахпын син дуо?» — диэбит. Кыыс бу маны ааҕаат, сүрэҕэ тэлибирээн мөхсө түстэ. Хаһан да бу маныаха майгынныах дьикти иэйии киирэ илигэ, бадаҕа. Оннооҕор учуутал тугу этэрэ кулгаах нөҥүө киирэн биир өттүнэн тахсан хаалла. Сүрэхчээнин тыаһа аралдьытар курдук. Туох диэн хоруйдуоҕун билбэккэ мунаахсыйа олордоҕуна иккистээн сурук кэллэ: «Мичийэ, тоҕо эппиэттээбэккин?». Бу суругар уол эйэҕэс чэмэлкэй куолаһа иһиллэргэ дылы гынна.

— Мичийэ Федорова, истэҕин дуу суох дуу? Төлөпүөҥҥүн тыытыма!– диэтэ эмискэ учуутала Мария Петровна.

Кыыс суотабайын сэрэнэн тэтэрээтин кэннигэр кистээтэ уонна суруммута буола олордо. Сотору буолаат, хас да төгүл төлөпүөнүгэр иһитиннэрии кэлэр тыаһа иһилиннэ.

— Федорова, түксү! Төлөпүөҥҥүн ылан арааран кэбис! Сөп буолуо, уруокка олороҕун дуу ханна олороҕун дуу?

Хайыаҕай, Мичийэ барахсан «Самсунг» аппаратын ылан арааран кээстэ…

Уруок кэнниттэн Мичийэ кылааһын иһигэр Эдик бэйэтэ бэйэтинэн киирдэ. Тохсус кылаас кыргыттара бары соһуйан ах баран хааллылар. Уолаттар кимиэхэ кэлбит буоллаҕай диэбиттии чуумпуран маныы олордулар. Эдик онно эрэ кыһаллыбакка,  кыыска хааман тиийдэ, аттыгар олордо уонна уун-утары көрөн баран:

“Иван Гаврильевич хайыһардыыр миэстэбитин уларытаары гынар. Заалга киниэхэ ол ону быһаарса барар үһүбүт”, — диэтэ.

Кыыс соһуйбуттуу паартатыттан туран кэллэ.

— Оччоҕуна бара сылдьыах…

Иккиэн ол кэннэ саҥата-иҥэтэ суох кылаастан тахсан бардылар. Били хайыһарга бастаан дьарыктана тиийэригэр Мичийэ уол кэнниттэн батыһан испитин курдук бүгүн эмиэ киһитэ ханна барар да, ол диэки хааман истэ. Кыыс долгуйбута бэрт буолан, хайа диэки тиийбиттэрин да өйдөөбөтө быһыылаах. Иннигэр арай кирилиэс кэллэ, ону дабайдылар, онтон эмиэ биир, ол кэннэ үһүс кэллэ. “Бээ эрэ, физкультура учууталын кабинета таас оскуола иккис этээһигэр баар этэ ээ! Эбэтэр атын кылааска баар буоллаҕа дуу?  Ол эрэн кабинетыгар баар буолуохтаах этэ буолбатах дуо?”  — диэн санаалар эмискэ кыыска көтөн түстүлэр. Оннук толкуйдуоҕун икки ардыгар Эдик тохтуу биэрдэ.

Мичийэ өйдөөн көрбүтэ – үһүс этээстэн оскуола үрдүгэр тахсар баһаарынай кирилиэскэ кэлэн тураллар эбит. Уол бу кэмҥэ эргиллэ биэрдэ, кыыс чаҕылыйбыт хараҕын одуулуу-одуулуу:

— Мичийэ, этиий, эйиигин хайыһар кэннэ атаарарбын сөбүлэһэҕин дуу суох дуу? – диэн сибигинэйэн кэриэтэ ыйытта. Долгуйбута куолаһыгар кытта биллэр курдуга.

Кыыс маны эрэ кэтэспэтэх буолан соһуйан тэйэ түстэ, уол кинини учууталга аҕалбатаҕын сэрэйдэр даҕаны билбэтэх-көрбөтөх курдук тутунна. Оччугуй сүрэҕэ субу тахсан барыах курдуктуу өрө тилигирээтэ. Оттон уол буоллаҕына, кинини тобулу одуулуур, кэнниттэн тыгар сырдыкка күлүгүрэн киппэ соҕус быһыыта-таһаата көстөр. Мичийэ буолбут быһыыттан-майгыттан олус да симиттэ санаата.

— Эдик, оттон учууталбыт?..

— Учууталбыт кабинетыгар… Баһаалыста, мин эйиигин атаарыым? – диэн баран уол Мичийэ тэтэрбит иэдэһин ыарыыта суохтук хам тутан ылла.

Һуу, тугуй бу? Киинэ курдук! Дьиҥнээхтии буолла дуо, бу? Кыыс долгуйан чэчэгэйин диэкиттэн итии көлөһүн «сарт” гына саккыраата, тула барыта хараҥарбыт курдук буолла…

— Сөп, атаараар… оттон… мин кылааспар бардым! – диэтэ даҕаны Мичийэ түргэн-үлүгэрдик кирилиэһинэн аллара сүүрэ турда.

Кылааһын таһыгар кэлэн баран тохтоото, утары кыргыттара туралларын көрөн уоскуйа быһыытыйда, оргууй тыын ылла уонна туох да буолбатаҕын курдук туттан кылаас иһигэр киирдэ. Бу кэмҥэ бааһынайа баһыйбыт сырдык дьүһүннээх, кылаас кэрэчээнэтэ, кинини кытта паартаҕа бииргэ олорор кыыһа Айыына киирбит киһитэ сирэйэ-хараҕа уларыйбытын бэлиэтии көрдө.

— Мичийэ, хайа, туох буоллуҥ?

— Ээ суох…

— Эн миигиттэн кистээмэриий, туох эрэ буолбуккун быһыылаах дии. Эбэтэр Иван Гаврильевич туох эрэ диэни мөхтө дуу? – Айыына күп-күөх харахтарынан аттытыгар олорор кыыһын батары көрдө, хайаан да эппиэттэтэн баран тэйитэрдии сананна.

— Айыына, туох да буолбатым…

Мичийэ бу күн сүгүн үөрэммэтэ, кини хараҕын иннигэр Эдик номоҕон дьүһүнэ, арылхай харахтара, били күлүгүрэн көстүбүт модьу-таҕа быһыыта-таһаата көстө турда, оннооҕор кулгааҕар уол сэмэйдик сипсийбит тыллара иһиллэргэ дылылар.

Бу курдук уһаан-тэнийэн төрдүс уруок бүттэ. Аны икки хаалла. Оскуола үрдүнэн орто уонна улахан кылаас оҕолоругар омурҕанныыр кэм тигинээн кэллэ. Мичийэ буоларын курдук бэркэ тапсан алтыһар Марина диэн дьүөгэтин кытта остолобуойга бардылар.

Онтон Айыына тахсан иһэн харчытын илдьэ барыахтааҕын умнан кылааска төннөн киирдэ. Тиийэн суумкатын хасыһа туран өйдөөн көрбүтэ – Мичийэ төлөпүөнэ паарта үрдүгэр кытыы хаалан хаалбыт эбит. Эмискэ ол тэрилгэ иһитиннэрии кэлэр тыаһа иһилиннэ. Айыына билэ-көрө сатыыр баҕата баһыйда, тулуйбакка суотабайы ылан көрө түспүтэ – Эдиктан сүүрбэттэн тахса сурук бөҕө кэлбит эбит. Ол быыһыгар сүрэх ойуулара бааллар. Кыыс ити уол ыыппытын ааҕыан баҕарда даҕаны туттунна. Онто да суох туох туһунан суруйуулар кэлбиттэрэ биллэр.

Айыына ити кэннэ санаарҕаан хаалла. Тоҕо диэтэр, кини Эдигы сөбүлүүр этэ. Оттон билигин Мичийэ кини сүрэҕэр киирбитин билэн баран хайдах эрэ санаата түстэ, бука, күнүүлээтэ быһыылаах. Оо, күнүү диэн баар буолар эбит соччото суох дьикти иэйии! Кыыс остолобуойга тиийэн аһын атыылаһан баран кыргыттарыгар тиийдэ. Сүгүн-саҕын аһаабата даҕаны, хараҕыттан Эдигы араарбата. Анарааҥҥыта буоллаҕына Мичийэни кэтиир эбит, өссө эбиитин бэйэ-бэйэлэрин көрсөн ыла-ыла имнэнсэр курдуктар.

******

Күннэр устан ааһан испиттэрэ. Бу кэм тухары Мичийэлээх Эдик тэҥҥэ хайыһарга дьарыктаммыттара. Уол кыыһы дьиэтигэр атаарара. Ол эрэн анарааҥҥыбыт сэмэйэ бэрт буолан долгуйан улаханнык сэһэргэспэт, арай, хаамсан иһэр киһитин кэпсээниттэн олус истиҥник күлэн чаҕаарара. Онтон  кыыс дьиэтэ субу кэллэҕинэ кыратык тохтоон тураллара. Мичийэ аҕыйах тылынан  кэпсэппитэ буолан баран, олбуоругар дьылыс гынан хаалара.

Бу маны барытын Дора ардыгар түннүгүнэн, сороҕор таһырдьа сылдьан кэтээн көрөрө. Биирдэ кыыстара дьарыгыттан кэлиэн иннинэ Ньукулайга маннык диэтэ: «Дьэ, балтыҥ аны уолламмыт. Бачча эдэр сылдьан ол-бу буолан эрэр! Тоҕо эн кинини иитиигэ кыттыспаккын?»

— Улахан иитии наадата суох курдук, хата кимнээҕэр сэмэй, үтүө балтылаах курдук санана сылдьабын… — Мичийэ таайа оһох иннигэр оргууй олорон куолаһын соноппокко намыыннык саҥарда.

— Аны кини ыаматын иитэрбит буолуо аҕыйах сылынан. Билиҥҥи оҕолор бары олох уустугун билбэккэ эрдэ эр-ойох буолаллар.

— Олох уустугун кини да билэн сырыттаҕа. Эрдэ ийэтэ өлөн, билигин аны эн мөҕөргүн-этэргин, сирэй-харах анньаргын тулуйа сылдьар.

— Өссө диэ!? Ол мин оччо куһаҕан майгылаах маачаха буоллахпына, тоҕо миигин тулуйан олороҕутуй? Үүрэн кэбис да бүттэҕэ дии, атах балай ыраах баран хаалыам, миигин уонна “Мчстар эрэ көрдөөн өлө сытарбын буллаххытына атыны туойар инигин! – диэн Дора эмиэ буоларын курдук ытаан-соҥоон, элэ-была тылларын этэн киирэн барда.

Ньукулай маннык буолуохтааҕын билэр буолан кэргэнин тиийэн уоскутардыы кууһан ылла. Төһө да киҥнээх майгылаах дьахтары ойох ылан олордор, олоххо талан ылбыт аналын, сүрэҕин аҥарын маннык харах уутунан суунан бардаҕына аһынар ээ. Ол курдук Ньукулай үтүө сүрэхтээх көнө, улгум киһи. Ардыгар балтын Мичийэ барахсаны көмүскэһэн арахсан хаалыан баҕарар санаалар киирдэллэр даҕаны, дьиэ кэргэн ийэтэ суох тутахсыйыа, олох кураанахсыйыа дии саныыр. Оттон уонна оҕолордоохтор эбээт, Дора кинилэргэ олус да кыһанар ээ.

*****

…Номнуо бээтинсэ буола оҕуста. Сарсыҥҥы күнүгэр хайыһар күрэҕэ буолуохтаах этэ. Мичийэ буоларын курдук оскуолатыгар хомунан тахсан барда. Сааскы сынньалаҥ нэдиэлэтэ чугаһаабытын биллэрэн таһырдьа күн чаҕылыйа тыгар, киһи хараҕын утары көрбөт гына саататар. Оскуолаҕа таҥас ыйыыр көхө аттытыгар кыыс балачча тура түстэ. Кинини Эдик кэтэһээр диэбитэ. Субу кэмҥэ Айыына аҕылаан-мэҕилээн киирэн кэллэ, мэнээх төлөпүөнүн хасыһа турар кыыһы хараҕын кырыытынан көрө-көрө: “Мичийэ, тоҕо эн барбаккын? Хойутаан хаалыаҥ дии. Чэ, кэл, барыах”, — диэтэ.

— Эн бара тур сөп? Мин сотору тиийиэм.

Айыына иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии таҥаһын ыйаат тахсан барда. Чочумча буолаат раздевалка иһэ уу-чуумпу буола түстэ, оҕолор бары номнуо кылаастарынан тарҕаспыттар. Сотору уруок саҕаланыа. Соҕотох хаалбыт кыыс ыксаан барда, кэтэспит киһитэ кэлбэтэ быһыылаах.

Онтон сотору буолаат: “Мичийэ!” – диэн эйэҕэстик саҥараат, Эдик кыыска субу хааман кэллэ.

Уол илиитигэр бакыат иһигэр тугу эрэ тута сылдьар. Онтукатын оргууй утары уунна. Кыыс саҥата-иҥэтэ суох ылан арыйан  көрбүтэ – «Рафаэлло» диэн минньигэс ас! Мичийэ туох диэн саҥарыаҕын булбата, арай уун-утары чаҕылхай харахтарынан көрөн ылан баран оргууйдук: «Махтал», — эрэ диэтэ уонна истиҥник мичээрдээтэ.

Субу түгэҥҥэ Эдик ыксары кэллэ уонна хараҕын быһа симэн баран кыыс тэтэркэй уостарыттан уураары гыммыттыы чугаһаан истэ… һуу, бу тугуй? Мичийэ оччугуй сүрэхчээнэ тахсан бараары гыммыт курдук өрө тэптэ, имэ тэтэрдэ, сүүһүттэн долгуйбут иэйиитин арыйардыы көлөһүн дуома саккыраан ылла. Уол даҕаны долгуйара бэрт ээ. Кини нарын кыысчаан иннигэр субу саба барыйан турарыттан бэйэтин туттумматах уолан көҥүллүк төлө барбытыныы сананна. Ол эрэн, кини Мичийэ тэтэркэй уосчаанын диэки хайдах барбытын бэйэтэ да билбэтэ быһыылаах… Маҥнайгы таптал уоттаах, долгутуулаах түгэнин оҕолору уруокка ыҥырар звонок мэһэйдээн кэбистэ…

Кыыс өйдөммүттүү кэннин диэки хардыылаата, суумкатын уонна уол биэрбит бакыатын хаба тардаат, кылааһын диэки куйаара турда. Эдик буоллаҕына өй-төй булунан кэрэ түгэни мүлчү куоттарбыт улахан тыаска абара да санаатар, эмиэ көрүдүөргэ таҕыста.

******

…Мичийэлээххэ английскай тыл уруога саҕаланна. Барыта кэминэн баран истэ. Арай, аттытыгар олорор Айыыната биир кэм суотабай төлөпүөнүн хаһыста, онтон тохтоото, учуутал быһаарарын истибитэ буола олордо уонна дьиибэ баҕайытык Мичийэ диэки күп-күөх харахтарынан кынчарыйан ылла… чаас аҥара ааста..

…сотору кэминэн сорох уолаттар туохтан эрэ сылтаан күллүлэр, кыргыттар сибигинэстилэр.  Аны туран туох дэһэллэрэ иһиллибэт.

— Чуумпуруҥ эрэ оҕолоор, туох буоллугут?!

Учуутал уруогу уйгуурдубут үөрэнээччилэри буойда. Киһи эрэ буоллар син уоскуйдулар… Уруок бүттэ.

Мичийэ истиҥ дьүөгэтинээн Маринаны кытта көрүдүөр устун хаамыстылар. Ол баран истэхтэринэ ойоҕосторугар биир улахан кылаас кыыһа: «Мулатка шоколадка, былааһы ылбыккын дии!» — диэтэ. Мичийэ тугу даҕаны өйдөөбөтө, муодарҕаата. Ити кыыс дьүөгэлэрин кытта элбэх буолан суотабай төлөпүөнү өрө мыҥаан баран тураллар эбит, тугу эрэ дэлби интириэһиргээбиттэр, күлсэллэр, онтон Мичийэ диэки хайыстылар.

— Эһиги тугу көрөҕүт? Туох буолла кыргыттаар? – Марина кинилэргэ тиийдэ, бары кэрэхсээн одуулуу-одуулуу күлсэр төлөпүөннэрин өҥөйдө уонна сирэйэ соччото суохтук уларыйа түстэ.

— Марина! Тугу көрдүҥ? – Мичийэ кыргыттар диэки супту хааман тиийдэ.

Бу кэмҥэ биир кыыс төлөпүөн экранын кини диэки хайыһыннарда. Кыыспыт көрө түспүтэ доҕоор, Мичийэ Эдиктыын сыллаһан эрэр хаартыскалара баар эбит! Били сарсыарда «Рафаэллоны» биэрбитин кэннэ уол уураары гыммытын ким эрэ хаартыска түһэрэ охсубут! Бу кыбыстыыны, саатарын иккиэн долгуйан харахтарын быһа симпиттэр, оттон уол субу кыыска чугаһаабыт! Мичийэ бу үлүгэри көрөн баран хараҕар тулата барыта хараҥаран хаалла, туох диэн этиэҕин, туох диэн саҥа таһаарыаҕын билбэккэ кыбыстыаҕынан кыбыстан сирэйин саба бүөлэннэ, хараҕын уута бычалыйан кэллэ, бөтө бэрдэрдэ уонна тугу барытын умнан туран киирэр аан диэки элээрэ турда.

…сүүрэн иһэн хараҕын кырыытынан тугу да өйдөөн көрбөтө, арай, оскуолаҕа баар дьон бары, оҕо буоллун, учуутал буоллун бары кинини сиилээбиттии, сорохтор күлүү гыммыттыы көрөр курдуктар!.. оннооҕор кыра кылаас кыргыттара кини раздевалкаҕа киирэн тас таҥаһын ыла турдаҕына: “Бу сылдьар били кыыс, оруобуна ол онно кэллэ”, — диэн сибигинэһэ туралларын истэн ааста.

Мичийэ таһырдьа тахсаат иннин хоту сүүрэн тэлэмээттэннэ. Кэннигэр оскуолата бырааһайдаспыттыы хаалла. Хайдах эрэ килбэчийбит түннүктэриттэн оҕолор күлсэр саҥалара, уолаттар «мулатка-шоколадка соруоха» диэн үөхсэллэрэ иһиллэр курдукка дылы буолла. Аан Дойду тиэрэ эргийбиттии тулата кытта барыта ытаспыт-соҥоспут курдук аны хойуу хаар күүдэпчилэнэн түстэ, хахсаат тыал иһиирэн барда.

Кыыс ытаан-соҥоон, өйүгэр эҥин араас буолары-буолбаты барытын санаан көрө-көрө олбуорун иһигэр киирдэ. Уонна ханна барыай? Барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэрии үүтэ буолла. Хайыаҕай, хараҕын уутун соттон, сирэйин кистии туттан баран дьиэтигэр киирдэ.

Иһирдьэ уу-чуумпу. Дора ханна эрэ тахсыбыт. Кыыс хоһугар киирдэ, таҥаһын-сабын устан оронугар сытынан кэбистэ, сымнаҕас сыттыгын ыбылы кууста. Син сыта түһэн баран арыый уоскуйда уонна суотабай төлөпүөнүн ылан ситимин арыйан көрдө. Манна «9-с «в» кылаастар», «Оскуола актива», «Тохсустар» уонна «Оскуола бары кылаастара» диэн группаларга кини Эдиктыын уураһан эрэр курдук хаартыскалара дэлби кэлбит аҕай! Анныгар кинини ким эрэ үөхпүт, ким эрэ көмүскэспит, сорох хайҕаабыт суруктара кэлитэлээбиттэр… кыыс маны көрөн баран өссө төгүл курутуйда, сүрэҕэ айманна, олус да кыбыһынна… уонна ити бөлөхтөртөн барыларыттан тахсан барда… соторунан киниэхэ Эдик эрийдэ… төлөпүөҥҥэ уол мичээрдээбит хаартыската тахсан кэллэ. Мичийэ уһуну толкуйдаабакка төлөпүөнүн ылан арааран кэбистэ.

«Барыта эйиигиттэн, барытыгар эн буруйдааххын», — дии санаата Мичийэ хараҕын уутун сотто-сотто. Онтон улам-улам сымнаҕас сыттыкка бигэнэн утуйан хаалла…

Өр дуу өтөр дуу сытта быһыылаах, эмискэ кини хоһун аанын ким эрэ тэбиэлиир тыаһыттан уһукта түстэ.

— Дьэ дьаабы киһигин дии, маннык балтылаахпыттан кэлэйдим… – диэн баран убайа Миша быдьардык саҥарда уонна хоһун диэки ааста.

— Хайа нохоо, туох буоллуҥ Миисээ? – Дора куолаһа куукунаттан иһилиннэ.

— Мичийэ дьэ соруоха, д… (үөҕэр) эбит. Оскуола барыта биллэ. Ааранан мин кыбыстан өлө сыстым. Ыксааммын ити кыыһы дьонум иитиэх ылбыттара, онон дьиҥнээх балтым буолбатах диэтим… – дии-дии Миисэ ийэтигэр тиийдэ.

Бу кэмҥэ тастан Ваня киирдэ. Онтон үһүөн тугу эрэ сибигинэстилэр. Уолаттар төлөпүөннэрин ылан Дораҕа туттардылар. Бу үлүгэри көрөн баран ийэлэрэ таах туруо дуо, «эһэ тириитин” кэтэн, уордайыаҕынан уордайан биирдэ хардыылаат Мичийэ хоһугар көтөн түстэ уонна кыыһы баттахтаабытынан барда.

— Дьэ бэйикэй, бачча улахан сааскар диэри иитиллэн кэллиҥ, бу дуо махталыҥ?! Бу дуо, иэһиҥ?! Маннык күүлэйи, уолаттары кытта оонньоһор эрэ санаалаах чэпчэки олоҕу батыһар оҕолоохпутуттан кэлэйдим! Ким эйиигин маннык буоларга үөрэттэ?! Таах сибиэ ийэҥ  ыаматын бэйэбэр чугаһатаммын, таах сибиэ ол күн эйиигин ыларга сөбүлэһэммин!!! – дии-дии кыыһы баттаҕыттан тууллаҥната-тууллаҥната оронуттан туруорда.

Бу үлүгэрдээх саба түһүүттэн Мичийэ ытыы-ытыы босхолоно сатаата, илиитинэн саҥаһын сарайбыт тарбахтарын баттаҕыттан өһүлбүтэ буолла, онтон хайдах эрэ сыыһа бэрдэрэн хостон ойон тахсаат киирэр ааны былдьаста. Ыйанан турар сонун, бэргэһэтин хаба тардаат таһырдьа ыстанан таҕыста. Дора илиитигэр кыыс аҕыйах сүүмэх баттаҕа хаалан хаалла…

Оо, олох! Курус да күнү уунар эбиккин…

******

Оскуолаҕа уруоктар бүппүттэрин кэнниттэн Эдик дэлби санаарҕаан дьиэтигэр тиийдэ. Ити Мичийэлиин түспүт хаартыскалара хайыы-үйэ нэһилиэги бүтүннүү биир гына ситиминэн тарҕаммыт кэмэ этэ. Хайыай? Буолла да буоллаҕа дии.

Дьонун кытта киэһээҥҥи аһылыктарын омурҕанныы олордохторуна Мичийэ сүппүтүн туһунан айдаан ситими биир гына толордо. Баччалааҕы көрөн-билэн баран Эдик ситэ аһаабакка эрээритин тас таҥаһын таҥнаат таһырдьа ойон таҕыста.

«Мичийэ, ханна бааргыный?» — диэн иһигэр ботугуруу-ботугуруу уол биир кэм тулатын көрүтэлээн иннин хоту хааман истэ. Хараҕын иннигэр кыыс кэрэ мичээрэ туой хомойбут көрүҥэ субу-субу көстөр. Чочумча буолаат Эдик төлөпүөнэ тыаһаата. Марина куолаһа төлөпүөн анараа өттүгэр иһилиннэ.

— Эдик, привет, Маринабын… Мичийэ мин эбээбэр баар, ханна баарбын этимэ диэбитэ. Гынан баран дьон бары кинини көрдөөн наһаа айманан эрэллэрин иһин мин эйиэхэ эрийдим. Баһаалыста, Мичийэ таайын кытта кэлэ сылдьыҥҥытыый. Күнү быһа ытаан таҕыста. Дьиэбэр барбаппын диир, эбиитин өлүөхпүн эрэ баҕарабын диир. Мин араастаан уоскута сатаатым…

Уол иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии Мичийэ дьиэтигэр сүүрдэ уонна онно начаас үлүгэр тиийээт тохтоото.  Маҥнай утаа киириэҕин саллан баран, эр санаатын ылынан дьиэ диэки хаамта. Ол тиийэн баран Доралаах Ньукулай этиһэр саҥаларын истэн тохтоото.

«Бардым, бэйэм көрдүөм! Аны оҕобун эн куһаҕан илиигэр чугаһаппаппын!” – дии-дии Ньукулай күүлэ аанын хайыта быраҕан таһырдьа тахсан кэллэ уонна Эдик турарын көрөн соһуйа биэрдэ.

— Николай Михайлович, мин Мичийэ ханна баарын билэбин…

— Ханна баарый? Тарҕаммыт хаартыскаҕытыттан сылтаан улахан да айдаан, түрүлүөн таҕыста, баҕар… оттон… таптал да буолуо…  ол эрэн бачча кыраҕытыттан ол-бу буолаҥҥыт… бардыбыт чэ!

— Мичийэ Марина эбээтин дьиэтигэр баар үһү…

Эдик бүгүҥҥү буолбут быһылаантан бэйэтин олус да буруйдаах курдук сананар буолан үгүһү кыайан саҥарбата.

******

Эдик уонна Ньукулай Марина эбээтин дьиэтигэр чугаһаабыттарын кэннэ кэтэспит курдук Мичийэ дьүөгэтэ утары сүүрэн таҕыста.

— … Мичийэ утуйа сытар. Дьиэҕэ эбээлээх бааллар.

Эргэ мас дьиэ кыараҕас ис бараана ичигэс салгынынан, бурдук аһын минньигэс сытынан көрүстэ. Аантан чугас соҕус остуолга Лида диэн Марина ийэтэ алаадьы астыы турар эбит. Оттон кыра уҥуохтаах, хатыҥыр, былаатын бобуонньуктуу бааммыт Маайыс эмээхсин тигинэччи оттулла турар оһоҕу булкуйа туран киирбит дьон диэки хайыста.

— Оо, өссө ыалдьыттар кэллилэр. Тукаларыам, наһаа улаханнык саҥарсымаҥ, кыыскыт утуйа сытар. Барахсан, дэлби ытаан-соҥоон ахан биэрдэ. Оҕом дьүөгэтин олус да аһынан сүрэҕим ытырбахтаата. Киириҥ, ааһыҥ… хата элбэх буолан чээйдиэхпит…

Марина киирбит дьону түгэх хоско илтэ уонна быыһын аргыый сэгэтэн аста. Ороҥҥо Мичийэ барахсан токуруйуоҕунан токуруйан, суорҕаны бүрүнэн баран утуйа сытаахтыыр эбит. Хараҕын уута дэлби хаппыт, сирэйэ кыратык испит, киһи эрэ аһыныах сүрдээх курутуйбут, хомойбут көрүҥнээх…

— Чэ бээ, утуйдун. Биһиги бары чээйдии барыах… – диэтэ сибигинэйэн дьиэлээх эмээхсин.

Бары куукуна диэки хаамсан истэхтэринэ: “Таай Ньукулай, эн дуо?” – дии-дии Мичийэ хос иһиттэн оргууй тахсан кэллэ.

Николай Михайлович кинини тиийэн кууһан ылла. Бу түгэҥҥэ, оо, Сир Ийэ барахсан сылаас эйэҕэс салгына төттөрү эргийэн кэлбит курдук буолла. Оннооҕор буолбут быһыы-майгы умнулла быһыытыйда ээ!.. чочумча чуумпу бүрүүкээтэ…

Бу маны барытын Эдик туораттан одуулуу туран бэйэтин туора киһи курдук сананна уонна үөдүйбүт уоскулаҥы уйгуурдумаары оргууй дьиэттэн тахсан барда… Таһырдьа туолбут ый туох эрэ кистэлэҥи сипсийэр курдук сандаарыччы тыгар.

*****

…Сарсыҥҥы күнүгэр хайыһар күрэҕэ буолла. Туох да буолбатаҕын курдук кэрэ да күн үүннэ. Күн чаҕылыччы тыгар, үөрбүт-көппүт  оҕо-аймах бөҕөтө тоҥ хаардаах алааһы толору мустубут. Бастаан кыргыттар сырсыакалаһар буоллулар. Эдик бириэмэтигэр сөпкө кэлэн, хайыһарын туппутунан күрэхтэһэр дьон быыһыгар турунан кэбистэ. Оттон Мичийэ ханна баарый? Бэҕэһээҥҥи курус күн кэннэ кэлиэ дуо?.. Бу кэмҥэ син тэйиччи соҕус Мичийэ киэнин курдук чаҕаарар саҥа иһилиннэ. Уол эргиллэн көрбүтэ кыыс хайыһарын кэтэн бэлэм турар эбит, кинини өйдөөн да көрбөт курдук.

Соторунан күрэх саҕаланна. Хонууну биир гына кыргыттар сырсыакалаһан күөрэҥнэстилэр, хайыһардар кыппый хаардыын аалсар тыастара иһилиннилэр. Бириэмэтигэр биэтэккэ биир-биир түргэнник сурулаабытынан бастакынан атын оскуола кыыһа, онтон иккиһинэн биһиги Мичийэбит тиийэн кэллилэр! Кыыспыт миэстэлэспит үөрүүтүттэн халлааннаан көтүөҕүн кыната эрэ суох курдуга. Кинини эҕэрдэлии диэн  оҕолор тула үмүөрүстүлэр, Эдик буоллаҕына арыый тэйиччи тэпсэҥнии турда.

— Эдик! – эмискэччи  Мичийэ чугдаарар куолаһа иһилиннэ.

Уол  иһиттиэм истибэтиэм диэбиттии хайыһа түспүтэ кыыс кини диэки оргууйдук хааман иһэр эбит. Хап-хара чох харахтарынан эйэҕэстик одуулуу-одуулуу  чугаһаата.

— Мичийэ, эҕэрдэлиибин…

Уол үгүһү кыайан эппэтэ, арай кыыһы туох баар куһаҕантан, хоргутууттан быыһыан-харыстыан баҕарбыттыы оргууй аҕайдык кууһан ылла. Онтон Мичийэ дьол түгэнин амсайбытыныы мичээрдээн күлүмнээтэ. Оксиээ, Мичийэ мичээрэ сааскы күн сарыалын курдук кэрэ да эбит ээ!…

*****

P.S. Иитимньи оҕолору көрөр-истэр тэрилтэ (ол эбэтэр опека) Дора соччото суох быһыытын туһунан тугу да билбэтэҕэ. Мичийэлээх кэпсии да сорумматахтара. Арай Ньукулай кэргэниттэн арахсан барбыта. Балтынаан Мичийэлиин уонна саҥа кэргэнинээн (Марина ийэтин кытта) саҥа дьиэҕэ көспүттэрэ (дьэ бу туспа кэпсээн, интэриэһиргиир буоллаххытына, салгыы суруйуом). Онон кыргыттар биир дьиэҕэ олорбуттара. Онтон Марина эбээтэ кыыска дьиҥнээх эбээ курдук истиҥ сыһыанын бэлэхтээбитэ. Мичийэ оскуолатын, онтон үрдүк үөрэҕин бүтэрэн, Эдик Соколовка кэргэн тахсыбыта.

+1
34
+1
0
+1
13
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1