Бэйиэт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Вениамин Миронов бүгүн төрөөбүтэ 85 сылын туолар.
edersaas.ru
Вениамин Павлович Өлүөхүмэ улууһугар I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Дабаан с. төрөөбүтэ.
Саха судаарыстыбаннай педагогическай институтун бүтэрбитэ. Булуҥ уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар, Дьокуускайдааҕы анал оскуолаҕа нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтээччинэн, «Эдэр хомуньуус» хаһыакка уонна “Гостелерадио” литературнай салаатын эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.
Кини хоһоонноро аан маҥнай 1960 сыллаахха «Үргэл» эдэр хоһоонньуттар хомуурунньуктарыгар бэчээттэммиттэрэ. «Саһаҕа» диэн бастакы кинигэтэ 1969 сыллаахха Сэмэн Данилов салайыытынан тахсыбыта. Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, «Хотугу сулус» сурунаалга, хомуурунньуктарга, нууччалыы тылынан «Полярная звезда», «Огонек», «Юность», «Молодая гвардия» сурунаалларга, «Истоки», «Поэзия», «Вдохновение» альманахтарга, «Литературная газета», «Литературная Россия» хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ. 1983 сыллаахха «Современник» кинигэ кыһата «Созвездие Рыси» диэн ааттаах хоһооннорун хомуурунньугун таһаарбыта.
Вениамин Миронов олоҕун аргыһа Анна Дмитриевна Слепцова 2002 сыллаахха суруйан хаалларбыт ахтыытыттан
“Кэргэмминээн биир олоҕу отут сыл олордум. “Кинилиин дьоллоох этиҥ дуо диэтэллэр?” – диэтэллэр, тыыннааҕар, баҕар, кырдьыга, “билбэтим” диэм эбитэ дуу? Оттон күн сириттэн сүтэрэн баран санаатахпына, төһө да поэт киһи быһыытынан кэргэни мунчаардар эгэлгэтэ элбэҕин да иһин, бигэтик этэбин, кинилиин олоҕум дьоллоохтук ааспыта.
Дьолум буолар – поэты таптаабытым. Дьолум – олоҕум аргыһыныын үс оҕону төрөтөн, эһээ-эбээ дэтэр дьолу үллэстибиппинэн.
Кини олорон ааспыт олоҕо күлүгэ суох, сырдык, ыраас. Киһи да быһыытынан сирдэрбитин өйдөөбөппүн. Өрүү сытыары-сымнаҕас, баара-суоҕа биллибэт, олус холку, наҕыл, букатын аҕыйах саҥалаах киһи. Дьөрү омуна суох, ыйы ыйдаан да кэпсэппэккэ, харахпытынан өйдөһөн сылдьарбыт үгүс дьону сөхтөрөрө. Ол курдук, биирдэ Улуро Адо: “Бу эһиги хаһан эмэ кэпсэтэр дьоҥҥут дуу, суох дуу?” – диэн бэркиһээн, күллэрэн турардаах.
Туохха да долгуйбат курдуга кэргэнэ киһиэхэ бэрдэ суоҕа эрээри, кэргэнниилэр тус-туһунан майгылаахтара кэлин биир буолар дииллэрэ оруннаах эбит. Ол курдук, сытыы-хотуу, күлбүт-үөрбүт бэйэм, арааһа, Мөрүөнэппэр майгылыырым элбээбит курдук.
Дьиэҕэ-уокка, дьиэ кэргэҥҥэ аҕыйах саҥалааҕын да иһин, таһыттан киирбити күлэ-үөрэ, саҥа аллайа көрсөрө. Кини хатыламмат эйэҕэс мичээрдээх киһи этэ. Ол мичээрэ кини ис дууһата кэрэтин, оҕолуу ырааһын кэрэһилиир. “Доҕоор, эн миигин хатыламмат мичээргинэн сүүйбүтүҥ”, — диэтэххэ, эчикийэ харыстаан мүчүк эрэ гынар буоллаҕа.
Кини ордук табыллан сэһэргэһэр дьоно аарыма кырдьаҕастар. Ол да иһин буолуо, киниэхэ аналлаах өйдөбүнньүк дьиэ тутулларыгар олох да тыал таарыйдаҕына сууллуох айылаах тайахтаах кырдьаҕастар эмээхситтэринээн дьиэ акылаата буолар мастара тыаттан киирэн биэрбэтигэр ыксаан, дьиэлэриттэн биирдии маһы соһуох буолан, мэктиэлэрин биллэрбит сурахтаахтара киһини сөхтөрөр, үөрдэр. Вениамин дойдутун кырдьаҕастарын олус ытыктыыра, бэйэлэрэ да, бу дьон, Өлүөхүмэ айылҕатыныы хатыламмат ыраас дууһалаах, мындыр өйдөөх киһи астынар кырдьаҕастара уолларын кутун ылан, өлүөн аҕыйах хонук хаалбытыгар күн сирин көрбүт “Тыа барахсан” диэн кинигэтигэр киирдэхтэрэ. Бу кинигэни Пицундаҕа бэлэмнэһэ олорон тылын-өһүн сөҕөрүм уонна: “Доҕоор, бу кинигэҕэр анал тылдьыт баар буоллаҕына табыллыыһы”, — диэбиппэр киһим: “Ээ, буолуо даҕаны, түөлбэ тыла кыттыстаҕа”, —— диэхтээбитэ.
Сайылыгын отун-маһын, киһи сөҕүөх, арыт сүөргүлүөх да курдук, олох орто дойдутуттан “арахсан”, сис туттан туран олоотуур, одуулуур эбэтэр олох да сөһүргэстээн, ачыкытын устан, тугу эрэ ылҕыырдыы көрөр-истэр, имэрийэн ылар. “Аня, сардаанабыт тыллыбыта кэрэтин эриэхсит. Оттон хараспыт сибэккитэ хойуутун. Ас бөҕө биэрииһи”, —— ити курдук мин хайа иннибинэ билбит-көрбүт буолара. Иэйиитэ киирдэҕинэ, “дөйөр” идэлээх, арыт тугу эрэ ботугуруурдуу халыҥ уоһа имиллэҥнии олорор, кими эрэ кытта сэһэргэһэрдии эйэҕэстик мичээрдии, күлэрдии тутта олорор буолар. “Мөрүөнэп¸ кимниин сэһэргэһэр буолаҕын? Үллэһин эрэ”, — диэтэххэ өйдөнөн, кыбыстыбыттыы, кэтэҕин ытыһынан сууралаат, ол ытыһын араарбакка сыыйа сирэйигэр аҕалаат, сирэйин ууннары тардардыы ытыһыгар уоһугар диэри сотон түһээтин, аны салгыы халыҥ уоһун үмүрүччү тутаат, сөмүйэтинэн уоһун соттор уонна эмиэ ытыһа кэтэҕэр атаарыллар. Бэйэтэ, ити курдук, айылҕаттан дьикти айылгылаах буоллаҕа, оҕонньорум барахсан.
Олоҕор, дьиэ кэргэҥҥэ хаһан даҕаны улаханнык саҥарбыта суох, оҕолорун биирдэ да мөҕөн көрбөккө улаатыннарбыта. Дьээбэлээн, мин оҕолоро оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр: “Хаһыска үөрэнэллэрин билэҕин? – диэтэхпинэ, сыыһа-халты эппиэттээн, оҕолорун күллэрэрэ. Ити гынан баран, ханна эмэ сырыттаҕына, мэлдьи илии тутуурдаах, оҕолоругар кэһиилээх буолара. Уолламмытыгар олус үөрэн, Байбааскы диэн ааттаан, аат биэрэ охсон, хата хамнаһын сыыһын ордорбокко “сууйан”, кураанах көрсөн турардаах. Онно буруйдаммыт сирэйиттэн, киһи мөҕүөн оннугар аһыныах курдуга…
Кэннибэр хаалларарым – оҕолорбуттан, сиэннэрбиттэн ураты, киниэхэ уонна хотуммар, кини ийэтигэр Анна Иннокентьевнаҕа махталбын биллэрэр өйдөбүнньүк музей дьиэ. Доҕоро Ньукулай Буоһукап этэринии, “Доҕорбут Бэниэмин, салгыы үлэлии кэллиҥ бу дьиэҕэ” уонна Вениамин бэйэтэ эппитинии:
“Кини далыгар ситэн силигилээн
үүнүө хойдо
үтүө санаа
үрүҥ чараҥа –
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн,
Салҕанар өбүгэтин кэриэс алгыһа”.
Оннук буолуохтун бу дьиэ сырдык анала, ырата диэммин “поэзия үүтээнин” доҕотторунуун Терентий Халыевтыын, Үс Ньукулайдыын – Босиков, Рыкунов, Максимов буолан, 1993 с. тохсунньу 23 күнүгэр үөрүүлээхтик астахпыт.
Олоҕум аргыһа, доҕорум Вениамин:
“Мин даҕаны хойут
Бүтэр тиһэххэ
Ибир тыыным саҕыллыа
Үүнэр ыччакка” –
Диэн эппит кэс тыла хоһоону таптааччыларга тиийэр буолла”.
ЫСПЫРААПКА:
Анна Дмитриевна СЛЕПЦОВА, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна.
Орто үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр оҕо литэрэтиирэтин саҥалыы үөрэтии кууруһун ааптара, “Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитии” сурунаалга хас да ыстатыйаны суруйбута. Кырачааннарга анаан “Мэнигийээн”, “Ким буолуохха?” кинигэлэрдээх. “Бичик” кинигэтигэр тахсыбыт “Марк уонна Матрена Слепцовтар” кинигэтэ уопсастыбаннас киэҥ сэҥээриитин ылбыта. Ону таһынан “Театрга анаммыт олох”, “Сырдык сылаас мичээринэн”, “Олоохуна кыыс хотуттара” кинигэлэр ааптардара.
“Забота-Арчы” хаһыакка “Сиэннэрбэр саха суруйааччыларын сэһэргиим” рубрикалаах.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” edersaas.ru