Биһиэхэ бүгүн Гаврил Менкяров ыалдьыттыыр. «Үүттээх чэй эбэтэр кофе иһэҕин дуо», — диэбиппэр, көннөрү итии чэйи ордордо.
– Ганя, эн киинэҕэ Айыы уолун оттон театрга абааһы уолун оонньообутуҥ. Икки ураты оруолу тэҥҥэ биирин сыанаҕа, иккиһин киинэҕэ оонньуур хайдаҕый?
- Киинэҕэ даҕаны, испэктээкилгэ даҕаны оонньуур иккиэннэрэ умсугутуулаах. Ол эрээри, тэҥнээн көрдөххө, киинэҕэ кыракый сыана . Оттон театр киэҥ. Испэктээкил киинэ буолбатах, телевизоры улаатыннарар курдук кнопканы баттаан дьон саҥатын улаатыннарбаккын. Манна туох баар эмоцияҕын сыанаттан биэрэҕин, дьоҥҥо тиэрдэҕин. Этэргэ дылы, 15-с эрээккэ олорор киһи эн саҥаҕын, ытыыргын истиэхтээх. Театр тыыннаах. Артыыс испэктээкил хас турдаҕын ахсын саҥалыы оонньуур. Оонньуур оруолун онус оонньооһунугар, дьэ, ситэри өйдүөн, толору арыйыан эмиэ сөп. Оттон киинэ биирдэ, режиссер хайдах устубутунан, монтажтаабытынан хаалар.
– Олоххо баар буола сылдьыбыт киһини уонна айымньы геройун оонньуур ыарахан этэ дуо? Хайа оруол эйиэхэ ордук чугаһый?
– «Дьикти саас» айымньыны оскуолаҕа сылдьан сөбүлээн аахпытым. Гассан — харахпар урут оҥорон көрбүт уобараһым. Ол иһин кинини хайдах бэйэм ылыммыппынан арыйарга дьулуспутум. Оттон Александр Самсонов соторутааҕыта олоро сылдьыбыт киһи. Бу ырыаһыт уол уобараһын арыйыы уустук этэ. Кини ырыаларын урут убайдарым истэллэрэ. Онон Айыы уолун кинилэринэн билэр этим. Хомойуох иһин, хаһан даҕаны тыыннаахтыы көрбөтөҕүм. Ол да иһин киинэҕэ уһулларбар Александр Самсонов туһунан ахтыылары, видеоҕа устуулары ылан барытын көрбүтүм, үөрэппитим. Кинини дьон өрүү күлэ-үөрэ сылдьар, бэһиэлэй киһи быһыытынан өйдүүр, билэр эбит. Киинэҕэ кини соҕотох сылдьара, санааргыыра үгүс. Киинэбитигэр Александр Самсонов ис дууһатын арыйарга кыһаммыппыт диэхпин сөп. Оттон кини дууһата, сүрэҕэ ыар санааҕа ылларан муунтуйарын, айманарын чугас дьонуттан ураты, ким даҕаны билбэт этэ. Ийэтэ Марфа Иннокентьевна киинэни көрөн сөбүлээбитэ.
Айыы уолун туһунан киинэҕэ уһулла сылдьан, эмискэ биири өйдөөн кэлбитим. Оҕо сырыттахпына, «Ласковый май» диэн киинэ көстүбүтэ. Тоҕо эрэ Юра Шатунову көрө олорон, эмискэ, «хаһан эрэ Айыы уолун туһунан киинэ уһулуннаҕына, арай мин ол оруолу оонньуум?» диэн санаа күлүм гынан ааспыта.
- Эн Гассан прототиба Ил Дархан Егор Афанасьевич Борисов буоларын билэр этиҥ дуо? Билэн баран хайдах сыһыаннаспыккыный?
- Кырдьыгынан эттэххэ, киинэҕэ уһулларбар Гассан Егор Борисов прототиба буоларын билбэт этим. Киинэ уһуллан бүппүтүн кэннэ, Егор Борисов оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро, бу айымньы прототиптара буолалларын билбитим. Бу кылааһы кытта анаан көрүһүннэрбиттэрэ уонна онно ким прототиба ким буоларын кэпсээбиттэрэ. Гассан уобараһа элбэх түмүллүбүт уобарастан таҥыллан суруллубут диэн эппиттэрэ.
- Оҕо сылдьан Гассан этиҥ дуо?
- Мин оҕо сылдьан сүрдээх мэник уол этим. Үгүстүк бииргэ үөрэнэр кыргыттарбын дьээбэлиирим. Алын сүһүөх кылаастарга дьоһун Гассантан букатын ыраах киһи этим. Арай, улаатан 11-с кылааска тахсан баран, баҕар, Гассан уобараһыгар чугаһыы, боччумура сылдьыбытым буолуо.
- «Дьикти сааска» бастакы килбик таптал көстөр. Ол таптал ньургуһун курдук намчы, ыраас. Эн бастакы тапталыҥ итиннэ майгынныыра дуо?
- Оҕо сылдьан билбит иэйиигин таптал курдук саныыгын. Кэлин санаатахха, барыта оҕо оонньуута эбит. Дьиҥ таптал ыал буоллахха, оҕо төрөтөн дьиэ кэргэн тэриннэххэ үөскүүр дии саныыбын. Мин кэргэним, олоҕум аргыһа Мария Үөһээ-Бүлүүттэн төрүттээх кыыс. Ыал буолбуппут икки сыл буолла. Бииргэ сылдьыбыппыт номнуо сэттис сыла. Тапталбыт туоһута кыысчааммыт Мичийэ баар.
- Олох олоруу хонууну туорааһын буолбатах. Үп-харчы тиийбэтэ, дьиэ-уот кыһалҕата билиҥҥи эдэр ыал сүрүн кыһалҕата. Эдэр ыалы кыһарыйар күннээҕи кыһалҕалары эһиги ыал хайдах быһаараҕыт?
- Чахчы, дьиэ-уот кыһалҕата бүтүн Россия үрдүнэн улахан кыһалҕа. Кэргэним устудьуон, бэйэм театр үлэһитэбин. Биһиги бэйэбит бас билэр дьиэбит суох. Онон куортамнаан олоробут. Олох ыарахаттарын өйөһөн-өйдөһөн туоруу сатыыбыт. Театр уопсайыгар киирээри ааспыт күһүн эмиэ сайабылыанньа биэрбитим даҕаны, билиҥҥитэ, хамсааһын суох. Билигин ипотекаҕа киирии уустуктардаах. Ас-үөл өттүнэн төрөппүттэрбит көмөлөһөллөр.
Мин артыыс буоламмын, ардыгар сарсыарда дьонум утуйа сыттахтарына үлэбэр барабын уонна эмиэ утуйа сыппыттарын кэннэ түүн кэлээччибин. Кэргэним маннык үлэлиирбин өйдүүр, тулуйар. Атын киһи эбитэ буоллар, кыыһырыа этэ.
- Эдэр аҕа оҕо иитиитигэр кимнээҕи холобур оҥостуоҥ этэй?
- Төрөппүттэрбин. Ийэлээх аҕам иккиэн культура эйгэтигэр сыһыаннаах дьон. Ийэм Альбина Кирилловна идэтинэн хореограф, аҕам Семен Гаврильевич агроном идэлээхтэр. Төһө даҕаны аҕам тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин үлэһитэ буоллар, ыллыыр, оһуохайдыыр. Сааһыран баран өссө алгысчыт буолбута. Мин оҕо эрдэхпинэ, төрөппүттэрим оскуолабар баар бары куруһуокка барытыгар сырытыннараллара. Ол сылдьан ордук тугу сөбүлүүрбүн, туохха дьоҕурдаахпын билбит эбиппин. Тустуунан, буоксанан, дуобакка дьарыктанан, драм куруһуокка сылдьан, ырыаҕа уһуйуллан, этэргэ дылы, барытыгар кыра кыратык сылдьан бэйэбин тургутуннаҕым. Артыыс буоларбын билбит курдук, драм театр куруһуоктарга үгүстүк оонньуурум. «Мэник Мэнигийээни», «Куһаҕан Хоочугуру» оонньообутум.
- Дьоҥҥо тугу бырастыы гыммаккыный?
- Түгэниттэн буолуо…Бырастыы гыммаппын диэн күүстээх этии. Оннооҕор үлэбитигэр, артыыстыырбытыгар омсолоох геройбут үтүө өрүттэрин, оҥорбут быһымах быһыыларын арыйарга дьулуһабыт. Оруолбутун көмүскүүбүт. Ханна баҕарар, туохха баҕарар киһи бырастыы гынар быһаарыыны булуон сөп. Субу олорон эмискэ этэр уустук.
Олоҕун кэрчиктэрэ:
1990 сыллаахха тохсунньу 4 күнүгэр Бүлүү куоратыгар төрөөбүтэ.
2008 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейи бүтэрбитэ,
2013 сыллаахха Дьокуускайдааҕы АГИИК институтугар артыыс үөрэҕин бүтэрбитэ.
2013 сыллаахтан «Олоҥхо» театрыгар үлэлиир.
Кэргэннээх, кыыс оҕолоох.
Гаврил Менкяров аан бастаан «Көҥүл боотурдар» диэн сахалыы күлүүлээх киинэҕэ оонньоон киэҥ эйгэҕэ биллибитэ. Онтон «Дьикти саас» диэн Далан романыгар Кеша Попов -Гассан оруолун оонньообута. 2013 сыллаахха «Айыы Уола» диэн ырыаһыт Александр Самсонов-Айыы Уола туһунан киинэҕэ сүрүн оруолу толорбута. Николай Абрамов олоҥхотунан «Удаҕан кыргыттар» испэктээкилгэ абааһы уола буолбута.
Сэмсэ тыл.
Александра Попова- Долгура, үөрэппит учуутала, эдэр бэйиэт:
– Ганя оччоттон дьону түмэр дьоҕурдаах, ыллыыр-туойар талааннаах оҕо этэ. Кылааһым оҕолорун илдьэ үгүстүк театрга сылдьар этибит. Билигин үөрэппит оҕом сыанаҕа оонньуурун долгуйа көрөбүн. Ганя киэҥ көҕүстээх, дьиҥ сахалыы куттаах киһи. Кириитикэни холкутук ылынааччы. Бу артыыс сүрүн хаачыстыбата дии саныыбын.
Ульяна ЗАХАРОВА.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.