“Мэник санаалар” таабырыннара…

25.08.2020
Бөлөххө киир:

Галина Александровна Трушкова-Калисфена «Мэник санааларым» диэн дьээбэ-хообо хоһооннорун курдук хоһооннору мээнэ киһи суруйарга санаммат даҕаны.

edersaas.ru

Күһүҥҥү кырпай да кыра былыта суох күп-күөх халлааҥҥа күлүмнэс Күн Хотун мин эрэ баарбын диэбиттии күүлэйдиир балаҕан ыйын алтыс күнүгэр, Трушкова Галина Александровналыын, ааҕааччы эйгэтигэр биллэр аатынан Калисфеналыын, номнуо үтүө үгэс буолбут “Тобуруокап көмүс күһүнүгэр” эрдэттэн үлэһэн түргэн сырыылаах таксига олордубут. Куораттан тахсыачча буолан истэхпитинэ, Галинам төлөпүөнэ өрө тырылыы түстэ уонна: “Кинигэҥ Орск куораттан кэллэ, кэлэн ыл”, – диэтилэр. Галинам хата дойдубар буруолуу сылдьар кинигэбин илдьэ барыам диэн харахтара чаҕылыһа түстүлэр. Таксист уолбут, биһиги үөрүүбүтүгэр, бэл улгумнук сөбүлэһэн ыскылаакка кинигэ ыла тиийдибит. Эдэр дьоннорунан көмөлөһүннэрэн, икки дьоҕус дьааһыктары таксига киллэрэн баран Калисфена кырааска сыттаах биир кинигэни хостоон миэхэ уунна.

Бэйэни күлүү – сэдэх көстүү

Мин сэрэнэн илиибэр ылан аатын аахпытым ”Мэник санаалар” диэн эбит. Кинигэ аатын маҥнай атыҥырыы санаатым, хайдах эрэ Калисфена “Мин күһүҥҥү киһибин” уонна “Санаам араас өрүттэрэ” диэн олох, таптал туһунан дьоһуннаах лирическэй хоһооннорун астына аахпыт, билбит буоламмын, лиирикэҕэ сөбө суох аат дуу дии санаатым. Ол эрээри, ити – кыл түгэнигэр эрэ. Мин ханнык да кинигэни маҥнай бүтэһик сирэйгэ баар “Иһинээҕитин” ааҕан ханнык туох айымньылар айыллыбыттарын киирбиттэрин тута көрө үөрэммит буоламмын, бүгүн илиибэр олус сонун ис хоһоонноох кинигэни тутан турарбын өйдөөбүтүм, мэктиэтигэр долгуйбутум. Тоҕо диэтэххэ, ааптар бэйэтин туһунан көр-күлүү тылынан хоһоон суруйара олох сэдэх көстүү буоларын билэбин. Эр дьон хоһоонньуттар, баҕар, суруйаллара буолуо, онтон кэрэ аҥаар маннык суруйара олох суоҕун кэриэтэ эбээт. Калисфена тута “Күндү дьүөгэбэр Светланаҕа…” диэн буруолуу сылдьар кинигэни миэхэ суруйан бэлэхтээтэ. Олус үөрдүм, махтанным… Биһигини Үөһээ Бүлүүгэ саахымат хонуута холбообута, аны кыргыттарбыт бииргэ гимназияҕа үөрэнэн сиэттиһиннэрбиттэрэ, ситимнээбиттэрэ. Онон, Галиналыын дьүөгэлэспиппит ыраатта. Ол туһунан туспа кэпсээн…

Билсиһии кинигэ аатыттан саҕаланар

Чэ эрэ, кинигэбитин арыйыаҕыҥ. Ханнык баҕарар уус-уран айымньыны кытта билсиһии кинигэ аатыттан саҕаланар. Онон, кинигэ аата хаһан баҕарар дуоспуруннаах ааҕааччыны сонурҕатар, толкуйдатар. Хас биирдии киһиэхэ кинигэ аатын кэннигэр «саһар» туох эрэ саҥа умсугутуулаах баарын таайан түргэнник ааҕа охсор санаа баһыйар. Калисфена кинигэтигэр оруобуна 40 дьээбэлээх-хооболоох хоһооннору холбоон, тыыннаан “Мэник санааларым” диэн ааттаабыт. Калисфена кинигэтин ааҕан, ырытан баран хоһооннору маннык үс бөлөххө араартыахха сөп эбит дии санаатым:
I. Бэйэтин туһунан көрдөөх хоһооннор.
II. Эҕэлээх, киһини толкуйдатар хоһооннор.
III. Тыыннааҕымсытан көрдөрөр хоһооннор.

Бэйэтин туһунан көрдөөх хоһооннор …

Муударай дьон “Не забывайте, что хорошая шутка о себе предполагает хороший вкус” диэччилэр, чахчыта да оннук. Бэйэтин туһунан Калисфена:

«Кута-мата пампушкабын,
Добуччу хохотушкабын
Ыллатыаҕым гармошкабын
Уонна көрдөөх частушкабын…»,
диир.

Бу строкалары аахтахха, Галина Александровна бэтиэхэлээх күлүүтэ, дьоһуннаах саҥата, үөрэн дьээбэлээхтик симириктээн көрөрө, кэчигирэспит тиистэрэ, астык кута-мата бэйэтэ харахпар бу көстөн кэлэр. Ити эппитигэр ааптар өссө эбэн ааҕааччыны “Үтүөмсүйбүт уорганнар” тустарынан билиһиннэрэр:

«Үтүөмсүйбүт органнар,
Миигиттэн бэрт буоланнар,
Өрө үтэ сылдьаллар,
Куоталаһа сырсаллар.
Мэммээлэрим остуолга
Кинилэр эрэ буолан
Мин оннубар, дьэ хата.
Ыйаналлар ким-хайа.
Ааны аһан киирэрбэр
Мин кэлбиппин биллэрэн,
Мээчик курдук мөтөллөн
Урут анньан көстөллөр…»

Билэрбит курдук, чэпчэки сытыы, көрдөөх юмор, ирония ханнык баҕарар айымньыны сэргэхситэр, ааҕааччыны ааптары кытта ордук чугаһатар, ситимниир аналлаахтар.

Онтон “Дьээбэ – хообо” диэн хоһоонугар:

«Мин таансыга барбаппын,
Отойун баҕарбаппын,
Онтукаҥ мэһэйдэрдээх
Бэрт элбэх эрэдээктээх…
…………………………………
Ыйааһыммын кыайбакка
Ыараан олох кыаммакка
Соһуллуоҕум. Кыһалҕа…
Атаҕын үктүөм алҕаска…»

Калисфена маннык бэйэтин күлэр көрдөөх хоһоонноро ааптар уобараһын бэккэ арыйаллар, кини олоххо, тулалыыр эйгэҕэ сыһыанын, ыраас, күүстээх санаатын ырылаччы көрдөрөллөр.

Эҕэлээх, киһини толкуйдатар хоһооннор

Калисфена тулалыыр эйгэтин, дьону-сэргэни болҕомтолоохтук кэтээн көрөр кыраҕы хараҕа, дьон майгытын-сигилитин анаан үөрэтиитэ, дьон омсолоох өрүттэрин өһүргэппэккэ эрэ сарказм, ирония уонна юмор көмөтүнэн күлэн, ардыгар ааҕааччыны күллэрэн, сэргэхситэн, сытыы тыллаах хоһоонноругар эҕэлээх этиилэрэ ааҕааччыны астыннарар, толкуйдатар эбиттэр.

«Сүүс хаамыы” диэн хоһоонугар “холустуой “( сарказм) диэн тылы туттан ааҕааччыны тото күллэрэр:

«Сүүс хаамыы дьиэҕиттэн тэйдиҥ эн,
Хайаан да хааннарыҥ ботуччу
Сүүрэлээн, тымыргын кэйиэлээн
“Холустуой” буолаҕын булгуччу».

Эбэн эттэххэ, «сарказм» диэн тыл үөскээбит сиринэн Былыргы Греция буолар.

Күннээҕи олохпут балысхан сайдыыта, биллэн туран, үөрдэр даҕаны, хомотор даҕаны. Ол эрээри, “Кэмсиин кэриэс” хоһоону аахтахха санаабыт түһэр:

«Кылбачыгас ытарҕалаах
Кырааскалаах-таймалардаах
Кыракый тату оһуордаах.
Кып-кыһыл лаах тыҥырахтаах
Кыймырыыт курдук уолаттар
Кыйбыҥныы хаамсар буолбуттар…»

Дьэ чахчы да билиҥҥи үйэҕэ кыймырыыт уолаттар элбээн иһэллэрэ бар дьону хомотор олохпут көстүүтэ буолла.

Онтон Калисфена “ Кэлэйэбин” диэн хоһоонугар: борустуой кыра, кыаммат дьоҥҥо тойон буоллулар даҕаны дьону үрдүнэн көрөр, сэнэбиллээхтик сыһыаннаһар, мин аҕай дэммит улахамсык, сирэй көрүмсэх дьону үгэргээн хоһуйан суруйар.

“Туохтарынан ордоннор
Дьон улаатымсыйарый?
Киһиттэн чорбойоннор
Тугу дьодьуйалларый?
Кыракый да “бартыбыал”,
Түөрэккэй “кириэһилэ”
Киһи туһугар сыһыан
Хайдаҕын өйдүүр билгэ…

Уонна бары да өллөхпүтүнэ «Ордук-хоһу миэтэрэ биэрбэттэрэ буолуоҕа» диэн сытыы сарказм көмөтүнэн түмүктээн кэбиһэр.

Тыыннааҕымсытан көрдөрөр хоһооннор

Калисфена хамныыр харамайы, айылҕа көстүүлэрин, хамсаабат эйгэни киһилии быһыылаан, майгылаан, сирэйдээн көрдөрөр,
холобур:

«Кини миэхэ эйэргиир,
Сонунун кэпсиир-ипсиир.
Бэрт истиҥник мичээрдиир:
“Калисфенаа, биллим”, – диир
Алдан суолун аартыгар
Ааһан иһэн таарыйа
Моҕотойдуун “кэпсэттим,
Доҕорбунаан иллэстим”.

Онтон “Туһалаах дьарыгы” ааҕан баран ааптар хайдах курдук көмпүүтэри саахыматтыыр табаарыс гынан киһилии кэпсэтэрин сөҕөбүн эрэ:

«Дөрүн-дөрүн балыйабын,
Төттөрү-таары хаамабын.
Хата киһим кыһаллыбат,
Адьас даҕаны аахсыбат.
………………………………….
Өскө наһаа ыктаҕына,
Тутан сиэри гыннаҕына,
Олох да кыһаллыбаппын,
Тута уоттан араарабын».

Калисфена дьээбэ-хообо хоһоонноругар эпитеттар, сэргэх уобарастар, тэҥнэбиллэр ааҕааччыны үөрдэллэр, күллэрэллэр: “сүүрбэ уолтан мин маттым”, «халлааммыт олох “иирдэ”, “саҥа күн миигин кууһар”,”сылаас дьылҕаҥ сүүскүн ууруо, “ күөдьүйүө сүрэҕэр кулуһун”, “көөчүктүүр хоонньута олуһун”,” сирэйбин өтүүктээбит”,” интернеттиин сиэттиһэн”,“бүтэй сымыыт кэриэтэ мин төкүнүкпүн”, ” бэрэскилии бөкүнүкпүн,”собо тылыныы минньигэстэй буолуом этэ”,” күөспүт үллэн кыыһырыа” уо.д.а.

Бары билэргит курдук, Галина Александровна 1 разрядтаах саахымаччыт, Бүлүү зонатыгар доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин ортотугар иннин кимиэхэ да биэрбэтэх күүстээх чөмпүйүөн-саахымаччыт. Аны өрөспүүбүлүкэҕэ кимиэхэ да суох баай саахымат кэллиэксийэлээх: Турция, Англия, Индия, Греция, Арассыыйа уо.д.а дойдуттан кэлбит дьикти уран оҥоһуулаах саахыматтардаах.

Калисфена күөх сайын устата даачатыгар үлэлээн-хамсаан соло булааччыта суох, ол эрээри, түгэн эрэ көһүннэр, “табаарыстарын” кытта кэпсэтэн, кинилэр быһыыларын-майгыларын үөрэтэн, көрдөөх хоһооннору айан оҕолорун, сиэннэрин, чугас дьонун үөрдэн, күллэрэн ылааччы:

Бөтүүк

«Дьэ, бу туохха тиэтэйэн
Турбута да эрдэтэ…
Дьүөгэлэрин тэпсэртэн
Суох ээ атын үлэтэ.
Онтулара тэптэрэн,
Бучургууллар “кэпсэтэн”

Топпут кумаар

Топпут кумаар олорбут.
Томтойбутуон обургу!
Иһэ хаанынан туолбут,
Сатаан көппөт буолбут.
Куртах диэн көрүллүбэт,
Очоҕос да көстүбэт,
Туох туһаҕа ананан
Дыыгыныыгын, сатана?»

Тэмэлдьигэн

«Тыҥ хатыыта лыаҕы кытта
Тэмэлдьигэн кыттыста,
Түүнү быһа мэниктээн
Тиэрэ көрбүт киһиргээн.
Тэлибирии үҥкүүлүүр,
Тэрэҥэлии дьиримниир.
Түннүкпүн өр тоҥсуйда,

Тур, таҕыс диэн кучуйда».

Ааптар тойон бөтүүгү, топпут кумаары, тэрэҥэлэс тэмэлдьигэни кытары киһилии кэпсэтэр, санаа атастаһар. Бу маннык тыыннааҕымсытыыны, (олицетворение) уус-уран уобараһы айар ньыма быһыытынан, Калисфена бэргэнник, сөптөөхтүк туһаммытын бэлиэтиир наада.

Калисфена бу кинигэтигэр кииирбит үгүс хоһоонноро силлабическай хоһооннор, сэттэлии-тоҕустуу сүһүөхтээхтэр. Холобур, “Халыана кэпсээнэ” диэн хоһооно тоҕустуу сүһүөхтээх, кэлиҥҥи сүһүөхтэрэ дьүөрэлэһэннэр, хоһоон тылын-өһүн тупсараллар, ордук этигэн оҥороллор:

«Кэрэ кыыс таһаатын былааһа
Кэрэмэс көрүҥэ кучуйуо,
Бүрэ кыыс эйгэтин ырааһа
Бүк эрэл олоххо угуйуо.
Тапталтан хал буолбут талба кыыс

Майааччы оҥостон дььэбэлиэ,
Тас көлдьүн көрүҥэ, дьэ сытыы!
Мончууктаат олох да мэлитиэ.
Көйгө кыыс кыыбаҕа ылбатах
Күөдьүйүө сүрэҕэр кулуһун!
Көрүнньүк сыһыаҥҥа ыспатах
Көөчүктүүр хоонньута олуһун!»

Бу хоһоон дьээбэлээхтик эрэ буолбакка, өссө өрө күүрүүлээхтик суруллубут буолан, ааптар элбэх күүһүрдүү бэлиэтин сатабыллаахтык туттар, санаатын тоһоҕолуур эбит.

Онтон «Сааһырбыт сыллаһыы” диэн үс куплеттаах дьоҕус биир хоһоонугар элбэх туочуканы үс төгүл туттар: «Уҥар таалар түгэни умнубуппут түргэнин…»

«Дьоһун сааһым туоллаҕа, бэлиэр кырдьыы буоллаҕа…» Бу хоһооҥҥо элбэх туочука строка кэнниттэн туруутунан ааптар санаа ситэри этиллибэтэҕин бэлиэтиир.

Саха литературатыгар киэҥник тэнийбит аллитерация ньыматын аныгы эдэр хоһоонньуттар улаханнык туһаммат буолан эрэллэр уонна бары биир кээмэйгэ, биир халыыпка кутуллубут хоһооннору айаллар… Баҕар, ити көстүү төрөөбүт тылларын дириҥник билбэттэриттэн эбитэ дуу, айыллыахтаах хоһоону кытта хоно сытан өр эллэһэн бодьуустаспаттарыттан эбитэ дуу. Онтон Калисфена бу кинигэтигэр чахчы туруору аллитерацияны кыайа-хото туттар, хас биирдии тылга кичэллээхтик ”оҕотун курдук” сыһыаннаһар:

«Тымырдарга хаан тыгарын
Тыыхайдыырын тухары
Тыыппахалаах санаа киирэн
Тыбыыраллар эр дьон “иирэн”.
Тойон сааһын туоллаҕына,

Тэтиэнэхчэй буоллаҕына,
Тэһииркээбит уолан тэҥэ
Тииһигирэн туран кэлэр.
Туора хаампыт суолун ирдээн
Туһах иитэн дуу илимнээн,
Туһата суох ол, саараама,
Тымтык тута да сатаама…»

Калисфена дьээбэ-хообо хоһоонноругар эпитеттар, сэргэх уобарастар, тэҥнэбиллэр ааҕааччыны үөрдэллэр, күллэрэллэр: “сүүрбэ уолтан мин маттым”, «халлааммыт олох “иирдэ”, “саҥа күн миигин кууһар”,”сылаас дьылҕаҥ сүүскүн ууруо, “ күөдьүйүө сүрэҕэр кулуһун”, “көөчүктүүр хоонньута олуһун”,” сирэйбин өтүүктээбит”,” интернеттиин сиэттиһэн”,“бүтэй сымыыт кэриэтэ мин төкүнүкпүн”, ” бэрэскилии бөкүнүкпүн,”собо тылыныы минньигэстэй буолуом этэ”,” күөспүт үллэн кыыһырыа” уо.д.а.

Бу айымньылары барытын аламаҕай, киэҥ-холку майгылаах, олоҕу киэҥник анааран көрөр муударай саха дьахтарын уобараһа сибээстиир, ситимниир. Билигин олохпут түргэн тэтиминэн сайдар кэмигэр тулалыыр эйгэҕэ сыһыан эмиэ уларыйар, дьон омсолоох быһыыта-майгыта сытыырхайар, эмиэ сүнкэн уларыйыылар бараллар.
Ол иһин,  Калисфена дьээбэ-хообо хоһооннордоох «Мэник санааларын” ааҕа олорон, сорох дьон бэйэлэрин быстах итэҕэстэрин, мөкү быһыыларын билинэн көннөрүнүөхтэрэ, майгыларын-сигилилэрин тупсарыныахтара, бэйэлэрин олохторун олохтоохтук оҥостуохтара диэн эрэнэ саныыбыт.

Онон, түмүктээн эттэххэ, Калисфена хоһоонноругар сарказм, ирония уонна юмор, ол эбэтэр бэйэ даҕаны, олох даҕаны күлүктээх көстүүтүн күлүү гынар, үгэргээн этэр уус-уран ньымалары олус сөптөөхтүк туһанар. Юмор, билэргит курдук, литератураҕа көр-күлүү формата. Бэрэпиэссэр Варвара Окорокова суруйбутун курдук “Олох быстах итэҕэстэрин сымнаҕастык, эйэлээхтик критикалаан, сонньуйан, хаадьылаан күлүү. Чэпчэки, сытыы, көрдөөх юмор ханнык баҕарар айымньыны сэргэхситэр, ааҕааччыга дьайар кыаҕын күүһүрдэр”. Оннук буоларын Галина Александровна Трушкова-Калисфена олох туһунан дьээбэ-хообо хоһоонноругар көрдүбүт, таабырынын таайдыбыт.

Бу буолар буоллаҕа дьиҥнээх поэзия ааҕааччыга тиийэр күүһэ, аптаах абылаҥа.

«Саха сирэ», edersaas.ru анаан

Светлана ЕГОРОВА-ТУЛУЙХААНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1