Мэҥэ Хаҥалас Догдоҥотугар оскуола арыллыбыта 108 сыл буолла

Ааптар: 
15.02.2020
Бөлөххө киир:

Аныгы кэмҥэ тыа сиригэр нэһилиэк сайдыыта оскуоланы кытта быһаччы уонна быстыспат сибээстээх. Ханна даҕаны, ханан даҕаны устуоруйаны норуоттан тахсыбыт чаҕылхай дьон оҥорор.

edersaas.ru

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Догдоҥо нэһилиэгэ баай ис хоһоонноох устуоруйалаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска киэн тутта ааттыыр дьоннооҕунан аатырар. Ол курдук, саха норуотун номоххо киирбит дьоруойа Василий Слободчиков-Баһылай Манчаары, Догдоҥо нэһилиэгэр үөрэхтээһини тэрийбит  Иван Скрыбыкин-Атаҕа суох Учуутал, Иннокентий Захаров-Майаҕастыырап бэйиэт, олоҥхоһут  Николай Степанов-Ноорой — Догдоҥоттон төрүттээхтэр.

Олох таһыма үрдээн, култуурата сайдан, үөрэх ирдэбилэ күүһүрэн истэҕин аайы, хас биирдии нэһилиэк бар дьонунан киэҥ туттуута, ааспыт кэми үйэтитии үтүө үгэскэ кубулуйар. Үүнэр көлүөнэҕэ  төрөөбүт дойдуларын туһунан кэнэҕэс үйэлэргэ билэ, ытыктыы сылдьалларын инниттэн, устуоруйаны оҕо саастарыттан үөрэтии — сүрүн сорукпут.  Оҕолор оскуола саастан дойдуларын устуоруйатын билэ уонна интэриэһиргии улааталларын ситиһиэххэ наада.

2014-2018 сылларга Догдоҥо нэһилиэгэр дьокутааттыы сылдьан, оскуола төрүттэниитин дьиҥнээх устуоруйатын булан ылбытым. Догдоҥо нэһилиэгэр үөрэхтээһин саҕаланыыта 1912 сылтан ааҕыллара мөккүөрэ суох чуолкай.  Сурукка киирбитинэн,  Догдоҥо нэһилиэгэр үөрэхтээһини саҕалаабыт киһинэн Иван Скрыбыкин-Атаҕа суох учуутал биллэр. Өссө чуолкайдаан эттэххэ, кини 1911 сылга дьиэтигэр хамнаһа суох аҕыйах оҕону үөрэтэн көрбүт. Онтон 1912 сылтан, оччотооҕуга «Үөрэх Суута» диэн тэрилтэттэн көҥүл ылан, хамнастаах учуутал буолар. Оскуола турбут сирэ — II Мөҥүрүөн нэһилиэгин Быдай аҕатын ууһун сиригэр «Ытык-Биэ» диэн алаас. Манна кини аҕатын ампаар дьиэтин ылан, оскуола аспыт. Оскуолаҕа иккис учууталынан Майа Таҥаратын дьиэтин үлэһитэ Николай Верещагин кэлбит. Бу оскуола 114 үөрэнээччилэнэ сылдьыбыт. Ыраах сиртэн сылдьар оҕолорго анаан интэринээттээх эбит. Оскуолаларыгар эбии киэҥ көрүдүөрдээх, хоруобуйалаах 11х8 м2 иэннээх эбии дьиэни тутан кэҥэтэн биэрэллэр. Бу оскуола 1961 сыллаахха Сотоҕо көһөрүөхтэригэр дылы толору үлэлээбит.

2019 сыллаахха Догдоҥо нэһилиэгин олохтоохторо оскуолалара төрүттэммитэ 75 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбиттэрэ.

Оттон устуоруйа чахчыта, ити үөһээ бэлиэтээн аһарбытым курдук, олох атын. Онон, 2022 сылга Догдоҥо нэһилиэгэр үөрэхтээһин саҕаламмыта 110 сыла бэлиэтэниэхтээх.

Быйыл Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сыла. Өбүгэлэрбит олорон ааспыт кэмнэрин ахтан ааһыы, үүнэр көлүөнэҕэ устуоруйаны кырдьыктаахтык тиэрдии, нэһилиэк, улуус сайдыытыгар сыраларын уурбут дьоммут үтүө ааттарын тилиннэрии, кинилэргэ сурукка тиһэн, үйэлээх махталы тириэрдии — Сахабыт сирин  олохтоохторун бүттүүнүн соруга.  

edersaas.ru саайтка анаан

Зиновий ИГНАТЬЕВ,

Мэҥэ Хаҥалас улууһун

уопсастыбаннай түмсүүлэри түмэр

сүбэ салайааччыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0