Киэҥ-нэлэмэн иэннээх Саха өрөспүүбүлүкэтин сирин-уотун араастаһыыта улахан. Холобур, илин эҥээр улуустар кураантан эмсэҕэлиир буоллахтарына, Бүлүү эргинээҕилэр уонна хотугулар сирдэрин ууга ылларан эрэйдэнэллэр.
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Мелиорация уонна тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сирдэри уунан хааччыйыы управлениета» судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтэ ходуһа, бааһына сирдэрин төрдүттэн тупсаран оҥоруу, нүөлсүтүү итиэннэ ууну түһэрии үлэлэрин иилээн-саҕалаан ыытар.
Михаил Лоскин, управление салайааччытын бастакы солбуйааччы:
— Биһиги управлениебыт сүүрбэ биир улууска 38 нүөлсүтэр ситими, уон үс улууска 107 куурдар ситими, тоҕус улууска 190 гидротехническай тутуу эбийиэктэрин, ол иһигэр Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы уонна Таатта улуустарын уунан хааччыйар «Өлүөнэ – Туора Күөл», Уус Алданы уунан хааччыйар «Өлүөнэ – Мүрү» курдук магистральнай водоводтары, Тааттаҕа Киэҥ Эбэ, Намҥа Таастаах күөл ситимнэрин көрөр-истэр. 2013 сылтан бааһыналары төрдүттэн тупсаран оҥорууга балачча улахан үлэни ыытар. Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа, Чурапчыга салаалардаахпыт, 222 бастайааннай үлэһиттээхпит, сайыҥҥы өттүгэр дуогабарынан эбии дьону ылан үлэлэтэбит.
Күн бүгүҥҥү туругунан, халытыы ньыматынан 9 тыһ. 587 гектар ходуһа нүөлсүтүлүннэ: Мэҥэ Хаҥаласка (2 тыһ. 48), Ньурбаҕа (2 тыһ. 952), Дааҥьыга (2 тыһ. 45), Үөһээ Бүлүүгэ (1,5 тыһ.), Сунтаарга (420), Өлүөхүмэҕэ (350), Горнайга (148), Бүлүүгэ (124) гектар сир. Бу ходуһалартан гектартан ортотунан 15-20 сэнтиниэр үүнүү ылыллар.
Төһө даҕаны өрөмүөнү эрэйдэллэр, өссө сэбиэскэй былаас саҕана тутуллубут эбийиэктэр: Мэҥэ Хаҥаласка 1,5 тыһ. гектар сири нүөлсүтэр кыамталаах Хорообут ситимэ итиэннэ Ньурба, Үөһээ Бүлүү нүөлсүтэр ситимнэрэ көдьүүстээхтик туһаныллаллар.
Министиэристибэ быйылгы сыл от ыйын 31 күнүгэр бигэргэппит боротокуолун чэрчитинэн, Үөһээ Бүлүү улууһугар Ороһуга, Балаҕаннаахха, Намҥа 116 гектар быраҕыллыбыт сир саҥаттан таҥастанан, чөлүгэр түһэрилиннэ. Маннык үлэ атын улуустарга саҥа саҕаланна. Нэһилиэнньэлээх пууннарга туттар ууну хачайдааһын үлэтэ Нам Таастааҕар түмүктэннэ, Ытык Күөлгэ, Төҥүлүгэ уонна Уус Алдан нэһилиэктэригэр бара турар. Ростехнадзор ирдэбилинэн, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр, Матта водохранилищетыгар, уу таһыма үрдээһинин биллэрэр ситими оҥоруу бүтэр кирбиигэ киирдэ. Бэс ыйын 28 күнүгэр 20 гидротехническай тутуу страховкаланна.
Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru