Ханна баҕарар тиийдэххэ, уулусса аата эрэ барыта Ленин, Карл Маркс, Октябрьскай, Советскай буолар. Ол иһин да буолуо, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Суола-Мэлдьэхси нэһилиэгэр командировкаҕа сылдьан баран, Афанасий Чугунов уонна Владимир Птицын курдук билэр дьонум аатынан уулуссалар баалларын билэн баран, соһуйбутум аҕай. Буолаары буолан, бу уулуссалары кинилэр төрөөбүт дойдуларын — Суола-Мэлдьэхситин туһунан бэргэн тыллара кытта суруллубут истиэндэлэр киэргэтэллэрэ ураты көстүү этэ.
— Биһиги нэһилиэкпитигэр аан бастаан бэйэбит биир дойдулаахпыт, Саха сиригэр суут бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Павел Криговорницын аата 1969 с. иҥэриллибит. 2000 сылтан нэһилиэк кэҥээн, саҥа уулуссалар элбээн иһэллэр. Ол иһин билигин уулуссаларбытыгар ытык дьоммут ааттарын иҥэрэн эрэбит. Ол курдук, Аҕа дойду сэриитин кыттылаахтара Петр Андросов, Иннокентий Колесов, Гаврил Степанов, нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторо, Тыа хаһаайыстыбатын институтун профессора Афанасий Чугунов, аан дойду дуобакка президенэ, попечителэ, өрөспүүбүлүкэ счетнай палататын аудитора Владимир Птицын ааттарынан уулуссалар нэһилиэкпитин сураҕырда тураллар.
Улуустааҕы Олоҥхо ыһыаҕа Мэлдьэхси нэһилиэгэр ыытылларынан сибээстээн, мин депутаттарга олохтоох хамыыһыйа аатыттан биллиилээх биир дойдулаахтарбыт уулуссаларыгар кинилэр бэргэн этиилээх истиэндэлэрин туруорарга санаабын тиэрпитим. Онон бу этиим Олоҥхо ыһыаҕар олоххо киирэн, билигин аатырбыт биир дойдулаахтарбыт мэтириэттээх, киэн туттар дьоммут төрөөбүт дойдуларыгар тапталларын туһунан бэргэн этиилэрин, алгыстарын истиэндэлэрэ нэһилиэкпитин киэргэтэр, — диэн кэпсиир Суола-Мэлдьэхси нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, олохтооҕо, оскуола музейын салайааччыта Надежда Андросова.
Маны таһынан, суол аартыгар нэһилиэк историята кэпсэнэр анал стела оҥоһулунна. Онон кэлэр-барар ыалдьыт кэлбит сирин туһунан толору өйдөбүлү ылар.
Тупсарыы сылыгар Суола-Мэлдьэхси нэһилиэгэ биир үтүө көҕүлээһинэ атын өрөспүүбүлүкэ бары нэһилиэктэригэр холобур буолуон сөп.
Елена ПОТОЦКАЯ