Биһиэхэ, академик Афанасий Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатын интэринээтигэр, 2013 сылтан араас улуустартан кэлэн, оҕолор дуобакка утумнаахтык дьарыктаналлар.
Кинилэри СӨ үтүөлээх тириэньэрэ Василий Куприянов бэлэмниир.
Соторутааҕыта 6-с кылаас үөрэнээччитэ Проня Говоров Турцияҕа баран, дуобакка классическай оонньууга аан дойду чөмпүйүөнэ буолан кэллэ.
Оттон интэринээт оҕолоро төрөппүтэр көмөлөрүнэн Челябинскай куоракка Арассыыйа тыатын оскуолаларын дуобакка күрэхтэһиитигэр ситиһиилээхтик кытыннылар: 2-с кылаас үөрэнээччитэ Алик Завгороднай, 4-с кылаас үөрэнээччитэ Айтал Винокуров түргэн оонньууга чөмпүйүөннээтилэр.
Тэтимнээх оонньууга 4-с кылаас үөрэнээччитэ Настя Стручкова, 6-с кылаастан Нарыйаана Николаева эмиэ чөмпүйүөннээтилэр. Бу көрүҥҥэ Алик Завгороднай, Айтал Винокуров боруонса мэтээли, улахан дьону кытта оонньууга Нарыйаана Николаева боруонса мэтээли тутары ситистилэр.
Оҕолор дуобакка ситиһиилэниилэрэ – СӨ үтүөлээх тириэньэрэ Василий Куприянов кинилэрдиин дьаныардаах дьарыгын үтүө түмүгэ буолар. Оҕолор сайдалларыгар, араас күрэхтэһиилэргэ кытталларыгар көмө буолар төрөппүттэрбитигэр эмиэ олус махтанабыт.
Надежда Андросова,
Мэҥэ Хаҥалас.