Мэлдьэхсигэ “Чугуновскай ааҕыылар”

Бөлөххө киир:

Кулун  тутар  15  күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси нэһилиэгэр, академик Афанасий Васильевич Чугунов төрөөбүт сиригэр,   научнай-практическай кэмпириэнсийэ үрдүк таһымнаахтык барда.

edersaas.ru

Тэрээһини А.В. Чугунов  аатынан оскуола  үөрэнээччилэрэ   Ж.Неустроева матыыбыгар Афанасий Васильевич  бэйэтэ суруйбут агро-оскуолаларын гимининэн астылар. Манна “Нооҕой сиэттэрэ” бөлөх А.В. Чугунов хоһооннорун аахта, ”Ыллаа-туой, оҕо саас” күөн-күрэс дипломаннара “Саха таптыыр” уолаттар ансаамбыллара, “Кэрэ эйгэ ыллыгынан”, “Бриллиантовые нотки” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус дипломаннара “Тэлээрис”оҕо үҥкүү ансаамбыла эҕэрдэ кэнсиэри көрдөрдүлэр.

Нэһилиэк баһылыга В.Г. Никифоров, академик А.В Чугунов, СӨ үөрэҕин  министиэристибэтин мэтэдииһэ М.В. Сивцева, улуустааҕы үөрэҕирии салаатын агро-оскуолалары кытта үлэҕэ исписэлииһэ  Н.П.  Пахомов, оскуола дириэктэрэ  Л.Д.Сыромятникова эҕэрдэ  тыллары эттилэр.

“Чугуновскай агро-ааҕыыларга” Томпоттон, Чурапчыттан, Тааттаттан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан — барыта 23 оскуолаттан 149 оҕо кытынна.

Ыалдьыттар бастаан  А.В. Чугунов  аатынан мусуойу, үөрэх кыһатын мусуойун, оскуолаҕа чэлгийэ  үүммүт сибэккилэри кэрэхсии  көрдүлэр.

Экспердэр  алта хайысханан  үлэлээтилэр: “Растениеводство, переработка продукции животноводства” – Биология институтун  ст. научнай  үлэһитэ А.П. Аржакова, эбии үөрэхтээһин мэтэдииһэ О.С. Андреева, үөрэхтээһин туйгуна  И.Н. Тастыгин,  “Ветеринария, биология, экология” – биологическай наука кандидата П.Н Федорова, Мэлдьэхси оскуолатын биологияҕа учуутала Л.Д. Степанова, Госэконадзор ст. госиниспиэктэрэ Е.М.Осипов.  “Животноводство” хайысхатыгар тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата, ЯГСХА доцена Л.Н.Захарова, Учууталлар учууталлара  Л.В. Кычкина, уо.д.а.

Кыайыылаахтар кимнээхтэрий? Ол курдук, “Ветеринария, биология,  экология”  хайысхаҕа бастакы истиэпэннээх  дипломунан Мэлдьэхси оскуолатын 11-с  кылааһын үөрэнээччитэ Айаал  Кривогорницын (салайааччы Л.Д. Степанова), “Животноводство”  тиэмэтигэр  I истиэпэннээх дипломунан Чурапчы улууһун И.Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ агро-оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Маша Корякина (салайааччы К. А. Дьячковская),   “Растениеводство”-ҕа  I истиэпэннээх  дипломунан Дириҥнээҕи агро-оскуолаттан  Н.В. Петрова (салайааччы М.К Васильева), “Механизация” тиэмэтигэр I истиэпэннээх дипломунан Ороссолуода оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Коля Григорьев (салайааччы Т.И. Иванова), “Экономика” тиэмэтигэр I истиэпэннээх дипломунан Дириҥ агро-оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Соня Тарасова (салайааччы М.В. Петрова),  “Мое село” тиэмэтигэр   Хаптаҕай оскуолатыттан Карина Васильева, 7-с кылаас (салайааччы  Р.М.  Терентьев) наҕараадаланнылар.   Элбэх оҕо сертификат,  диплом  ылла.

Өрөспүүбүлүкэҕэ агро-оскуола тэриллибитэ 30  сылыгар анаан,  оскуолалар  сайдыыларыгар үтүө суобастаахтык, айымньылаахтык үлэлээбит учууталларга,учуонайдарга академик А.В. Чугунов аатынан анал бэлиэлэр туттарылыннылар.

Кэмпириэнсийэҕэ көхтөөхтүк  кыттыбыт үөрэнээччилэргэ, учууталларга, учуонайдарга анаан академик Афанасий Чугунов тыл эттэ уонна чаҕылхай дакылааттаах түөрт оҕоҕо — Маша Корякинаҕа,  Николай Григорьевка,  Айаал Кривогорницыҥҥа,  Софья  Тарасоваҕа  СӨ «Сосновый бор” Оҕо сынньалаҥын, доруобуйатын чэбдигирдэр киинигэр  путевкалары  туттарда.

Кэмпириэнсийэ үрдүк таһымнаахтык барбытыгар Мэлдьэхси оскуолатын дириэктэригэр Л.Д. Сыромятниковаҕа, оскуола кэлэктиибигэр, интэринээт үлэһиттэригэр, кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыт оҕолорго, учууталларга  махталбытын  тиэрдэбит.

     Галина Борисова-Толбооно, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

                                           Т.И.Новгородова хаартыскага  түһэриилэрэ.  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0