Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси нэһилиэгин тэрилтэлэрэ билигин эмиэ, ханна баҕарар курдук, дьиэҕэ олорон үлэлииллэр. Оскуола оҕолоро бэнидиэнньиктэн тэйиччиттэн олорон үөрэнэн эрэллэр.
Маҕаһыыннар нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн толору хааччыйаллар. Иистэнньэҥнэр нэһилиэк дьонугар босхо мааска тигэн тарҕаталлар. Оттон эдэр ыччаттар саастаах дьоҥҥо дьиэ тас үлэтин толорон биэрэллэр — хаар түһэриитэ, ыраастааһын үлэлэрэ…
Биллэн турар, култуурунай, спортивнай үлэлэр тохтоон тураллар.
Онон, биир дойдулаахтарыгар түмэл салайааччыта Надежда Андросова, сынньалаҥ киинин салайааччыта Мотрена Сыромятникова ситим нөҥүө нэһилиэк устуоруйатыгар сыһыаннаах араас викториналары ыыталлар. Оттон дуобат тириэньэрэ, ССРС дуобакка маастара, СӨ үтүөлээх тириэньэрэ Василий Васильевич Куприянов дуобакка сорудахтары ыытар, садаачалары суоттатар.
Олохтоох салалта, баһылык Валерий Никифоров, балыыһа үлэһитэ, медсестра Ирина Охлопкова быһыы-майгы хайдаҕын билиһиннэрэллэр, коронавирустан хайдах харыстанар туһунан иһитиннэриилэри оҥороллор.
- —Почтабыт үлэһитэ Матрена Степанова биэнсийэни дьиэлэринэн сылдьан тиэрдэр. Оттон исписэлиис Айталина Плотникова араас наадалаах ыспыраапканы улуустан ылааччылары госсулууспа нөҥүө ыларга үөрэтэн, нэһилиэнньэ бэркэ туһана олорор, — диэн иһитиннэрэр Мэҥэ-Хаҥаластан биһиги көхтөөх уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Надежда Андросова.
Татьяна МАРКОВА.