Академик Афанасий Васильевич Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар «Көмүс күһүн бэлэҕэ» диэн быыстапка-дьаарбаҥка ыытылынна.
Бу дьаарбаҥкаҕа үөрэнээччилэр, төрөппүттэр көхтөөхтүк кытыннылар. Кылаастар икки ардыларыгар оҕуруот аһыттан салаат арааһын астааһыныгар күрэс ыытылынна. Бу күрэскэ төрөппүттэр оҕолорунаан кыттыбыттара тэрээһини олус сэргэхситтэ.
«Салаат эгэлгэтэ» күрэс түмүгүнэн алын сүһүөх кылаастарга 1 миэстэни 4 кылаас кэлэктиибэ (кыл.сал. Герасимова А.Н.) салаат 34 арааһын астаан ылла. Иккис бочуоттаах миэстэҕэ 3 кылаас кэлэктиибэ 33 араас салааты астаан (кыл.сал.Скрябина М.А.) таҕыста. Үһүс миэстэҕэ салаат 22 арааһын астаабыт 2 кылаас оҕолоро (кыл.сал. Кривогорницына А.В.) тигистилэр.
Орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр 1 миэстэ — 8 кылаас кэлэктиибэ. Кинилэр салаат 32 арааһын астаабыттара болҕомтону ылла (кыл.сал. Баишева Л.К.). Иккис — 27 араас салааттаах 6 кыл. үөрэнээччилэрэ (кыл.сал. Игнатьева Т.А.), үһүс — 26 араас салааттаах 5 кылаастар (кыл.сал. Михайлова И.И.) буоллулар.
Үрдүкү кылаастарга 32 араас салааты астаабыт 11 кылаас кэлэктиибэ 1 миэстэни (кыл.сал. Неустроев Р.Н.) ылан үөрүү-көтүү өрөгөйдөөтө. Тилэх үктэһэн, 9 кылаас үөрэнээччилэрэ 31 араас салааттаах 2-с миэстэҕэ (кыл.сал. Иванова О.С.) таҕыстылар. Үһүс бириистээх миэстэни 10 кылаас кэлэктиибэ 25 араас салаатынан (кыл.сал. Плотникова С.К.) ылла.
Саамай-саамай улахан оҕуруот аһыгар күрэскэ улаханынан уонна ыйааһыннаан бигэргэтиинэн, кыайыылаах буоллулар: Избеков Айсен (10 кылаас) 440 гр. моркуобу аҕалан, 2 кылаас үөрэнээччитэ Дьяконов Айхал 380 гр помидорунан, 7 кылааска үөрэнэр Петров Андриан 2 кг 260 гр. сүбүөкүлэни аҕалан. 1 кылаас үөрэнээччитэ Стручков Артем аҕалбыт оҕурсута 1кг 097 гр., 3 кылааска үөрэнэр Петров Ярик 708 гр ыйааһыннаах хортуоппуйунан.
Тэрээһиҥҥэ аукцион ыытылынна. Манна ас-үөл эгэлгэтэ, оҕуруот аһын арааһа, минньигэс барыанньалар, тортар, кус, куурусса, бурдук астар, салааттар атыыланнылар.
Кэтэһиилээх тэрээһиҥҥэ төрөппүттэр, оҕолор көхтөөхтүк кыттан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэн, астынан тарҕастылар.
Надежда Андросова,
Мэҥэ Хаҥалас.