Мэйии «сөбүлүүр» астара

23.02.2019
Бөлөххө киир:

Түөрт уон сааһын ааспыт үгүс киһи төбө ыарыытын, мэйии эргийиитин, умнуган буолууну, сэниэ эстиитин этинэн-хаанынан билбит буолуон сөп. Итилэр төрүөттэринэн мэйии үлэтигэр кэһиллии тахсан эрэрэ буолар. Онуоха мэйии «сөбүлүүр» астарын рациоҥҥа киллэрэр туһалаах.

БАЛЫК:

Нэдиэлэҕэ кырата үстэ (күн аайы буолара өссө ордук) 100-150 гр сиэниллиэхтээх. Муора балыгар элбэх микроэлеменнэр, цинк, фосфор дэлэйдэр.

МУОРА  БОРОДУУКТАЛАРА (МОРЕПРОДУКТЫ):
креветкэлэр, кальмардар, муора хаппыыстата о.д.а. элбэх белоктаах, микроэлеменнардаах, дьуоттаах буолаллар.

ҮҮНЭЭЙИ АРЫЫЛАРА:
Оливалаах арыылары астанарга хото туһаныҥ.

ЭРИЭХЭЛЭР:
Грецкэй, фундук о.д.а. “В” бөлөх битэмииннэрэ дэлэйдэр, үгүс микроэлеменнэрдээхтэр, ордук кобальт, магний.

ФРУКТАЛАР:

Банан, инжир, виноград, апельсин “В” бөлөх, “С” битэмииннэринэн, калийынан, фосфорынан, магнийынан баайдар.

ОҔУРУОТ АСТАРА:
Моркуоп, помидор, биэрэс, горох, фасоль ордук туһалаахтар.

ҮҮТ АСТАР:
Суорат, быыппах, кымыс, иэдьэгэй о.д.а. Бу астарга белок, кальций, лецитин “В” бөлөх битэмииннэр бааллар.

КУРУППАЛАР:
Буурай (бурый) рис, гречка, эбиэс (овсянка), уотурба (отруби). Киһи сааһыран истэҕин аайы мэйиитин үлэтэ бытаарар. Сөптөөх аһы аһаан, кыаҕын иһинэн үлэлиир-хамсанар, ааҕар-суруйар, мэйиитин үлэлэтэр буоллаҕына, киһи үйэтэ уһуурун учуонайдар бигэргэтэллэр.

Григорий МИХАЙЛОВ-ДЬУЛҔАН, “Саха сирэ”, edersaas.ru cайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0