МегаФон түргэн интэриниэти 40 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа киллэрдэ

Бөлөххө киир:

Хампаанньа Саха сиригэр LTE ситиминэн хааччыйыыны кэҥэтэн, уопсайа  40 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа түргэн интэриниэти киллэрдэ.

edersaas.ru

«Арассыыйа Илиҥҥи эрэгийиэнигэр Саха сирэ  цифровой хааччыллыытынан инники күөҥҥэ сылдьар. Билигин биһиги  төрдүс көлүөнэ сибээһинэн кытыы, ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннары хааччыйыыга үлэлиибит«, — диэн МегаФон Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Наталия Ящук иһитиннэрдэ.

Чугастааҕы кэмҥэ Ленскэй Витимигэр уонна Пеледуйугар сибээс ханаалын уларытан, өссө  4G киллэриэхтэрэ.

Сыл саҕаланыыта LTE сибээс Бүлүү куоратыгар, Кыһыл Сыырга, Сунтаарга, Уус Маайаҕа,  Хаандыгаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ уонна да атын бөһүөлэктэргэ киирбитэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0