Мобильнай оператордар банковскай каарталаммыттарын истээт, «Мегафон» хампаанньа килийиэнэ буоларым быһыытынан, ааспыт ыйга кинилэр офистарыгар бара сылдьыбытым. «Мегафоннар» каарталара MasterCard буолан, ханнык баҕарар киһи туһаныан сөп эбит. Чэ, саас-сааһынан кэпсиэххэ.
edersaas.ru
Хантан ылабыт?
Маннык каартаны «Мегафон» килийиэнэ ханнык баҕарар офиска тиийэн оҥорторуон сөп. Мин туһааннаах оператор өҥөтүнэн туһанар буоламмын, үлэм аттыгар баар офистан баран ылбытым. Пааспар уонна нүөмэриҥ эрэ наада. Онтон атын тугу да көрдөөбөттөр. Докумуону толороот, аҕыйах мүнүүтэнэн баан каартатын биэрэллэр. Кылаабынайа, төлөпүөнүҥ счетугар харчылаах буолуохтааххын.
Каарта сыаната төһөнүй?
«Включайся! Слушай/Говори/Общайся/Смотри/Премиум», «Всё включено» M/L/XL/VIP диэн тарыыптаах дьон баан каартатын босхо ылаллар. Оттон «Включайся! Открывай/Пиши», «Всё включено» XS/S диэн тарыыптарга 99 солк., мантан атыттарга 249 солк.
«Мегафон Стандарт NFC”
«Включайся! Слушай/Говори/Общайся/Смотри/Премиум»,
«Всё включено» M/L/XL/VIP, «Включайся! Открывай/Пиши», «Всё включено» XS/S тарыыптарга босхо. Мантан атыттарга 149 солк.
Хайдах холбуубут?
Каартаны үлэлэтии, холботуу (активация) олус судургу. Консультант нөҥүө, биитэр бэйэҕит холбуоххутун сөп. Төлөпүөҥҥүтүттэн 5555 нүөмэргэ эрийэҕит. Автоответчик пин-код эттэҕинэ, кумааҕыга сурунан ылаҕыт. Итиэннэ пин-коду ылаат, каартаҕытыгар харчы угуоххутун наада. Каартанан туһаныыга ыйдааҕы төлөбүр суох.
Харчыбытын хайдах бэрэбиэркэлиибит?
Төһө табыгастааҕый?
Суотабай төлөпүөҥҥэр төһө харчылааххыт да, соччо харчы каартаҕар баар буолар. Mastercard ситим нөҥүө үлэлиир буолан, ханнык баҕарар маҕаһыыҥҥа, тэрилтэҕэ «Мегафон» каартатынан төлөһүөххэ сөп. Биир нүөмэргэ уон каартаны тэҥинэн холбуохха сөп. Өссө маны ааһан, каартанан хото туһанааччыларга ый ахсын бырыһыан эбиллэр.
«Мегафон» мобильнай хампаанньа баан каарталарын өссө икки сыллааҕыта таһаарбыт эбит. Аан бастакынан анал каарталарынан Москва, Санкт Петербург, Ярославль, Тверь, Калининград, Мурманскай, Архангельскай уонна Вологда олохтоохторо туһаммыттар.
Анивера АКИМОВА, edersaas.ru