“МегаФон” интэриниэт-трафигын 27% улаатыннарда

Бөлөххө киир:

“МегаФон» хампаанньа хас биирдии килиэйиэнэ 2019 сыл бастакы кыбаарталыгар ортотунан 10,7 Гб интэриниэт-трафигы туһаммыт. Бу ааспыт сыллааҕар  27,6% улаханын туһунан туһааннаах оператор пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

“МегаФон” исписэлиистэрэ иһитиннэрбиттэринэн, абоненнар интэриниэт-сервистэринэн күүскэ туһанар буолбуттар. «Включайся!» тарыыпка холбонон киинэ көрөллөрө, муусука истэллэрэ элбээбит.

Хампаанньа цифровой сервистэриттэн, ол иһигэр МегаФон.ТВ, оонньуулартан, муусукаттан, М2М уонна да атын өҥөлөртөн киирэр үп-харчы улаатан иһэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Манна өссө “Цифровая экономика” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, «Безопасный город» уонна «Умный город» сыһыарыылартан киирэр үбү-харчыны киллэриэххэ сөп. Онон 2019 сыл үс бастакы ыйыгар цифровой өҥөлөртөн киирэр үп былырыыҥҥытааҕар 50,3% үрдээбит.

Онтон суотабай төлөпүөнү, араас тиэхиньикэни, аксессуардары атыылааһынтан киирэр харчы былырыыҥҥытааҕар 31% улаатан, 7,362 млрд солкуобайга тиийбит. Бу Samsung уонна Apple фирма смартфоннарын атыылааһыны кытары быһаччы сибээстээх.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0