МегаФон хампаанньа Арассыыйа оператордарыттан бастакынан аан дойдутааҕы 5G-роумины үлэҕэ киллэрэн эрэрин туһунан иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
Онон, тас дойдуга барааччылар суотабай сибээс саҥа күүстээх технологиятынан туһанар кыахтаннылар. МегаФон Orange телекоммуникационнай бөлөҕү кытары кыттыһан 5G-роуминг өҥөтүн 23 тас дойдуга оҥоруохтара. Саҥа өҥө аан бастаан Румынияҕа, чуолаан Бухарест, Брашов, Яссы куораттарга уонна Клуж-Нарока туристическай кииҥҥэ киириэҕэ.
«Orange бөлөҕү кытары биһиги бастакынан 5G-роуминынан туһаныыны олохтоотубут. Онон тас дойдуга сынньана, күүлэйдии барааччылар SIM-каарталарын уларыппакка эрэ түргэн интэриниэтинэн туһаныахтара», – диэн МегаФон кэмиэрчэскэй дириэктэрэ Влад Вольфсон иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1