Медицинскэй кэллиэстэр өрөспүүбүлүкэни каадырдарынан хааччыйаллар

Бөлөххө киир:

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин, медицинскэй кэллиэс салайааччыларын кытары “төгүрүк остуолу” ыытта.
edersaas

Манна медицинскэй үөрэх кыһаларын бүтэрээччилэри аккредитациялааһын, кинилэри үлэҕэ ылыы, Нерюнгритааҕы медицинскэй кэллиэс материальнай-техническэй базатын саҥардыы уо.д.а. боппуруостары көрдүлэр. Ону сэргэ, Доруобуйа харыстабылын уонна Үөрэх министиэристибэлэрэ өрөспүүбүлүкэ медицинскэй кэллиэстэрин кытары хардарыта бииргэ үлэлииллэригэр сүрүннүүр сэбиэти тэрийии боппуруоһа турда.
Эмтиир тэрилтэлэри каадырдарынан хааччыйыы сыл аайы туруктанан иһэр. Онуоха Саха сиригэр баар үс медицинскэй кэллиэс: Дьокуускайдааҕы, Нерюнгритааҕы уонна Алданнааҕы кэллиэстэр эмтээһин, акушерство, сиэстэрэ дьыалалара, лаборатория диагностиката, фармация уонна стоматология идэлэргэ ыччаттары бэлэмнииллэр.
“Төгүрүк остуолга” доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы М.С.Максимова, үөрэх уонна наука миниистирин солбуйааччы Н.А.Соколова, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин судаарыстыбаннай сулууспаҕа уонна каадыр бэлиитикэтигэр отделын салайааччыта В.В.Аржакова, Нерюнгритааҕы, Алданнааҕы, Дьокуускайдааҕы кэллиэстэр дириэктэрдэрэ уо.д.а. кытыннылар.
“Төгүрүк остуол” кыттыылаахтара СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ медицинскэй кэллиэстэри кытары хардарыта үлэлиир быраактыкалара өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай бастыҥнарынан ааттанарын бэлиэтээтилэр. Хардарыта барыстаах үлэ түмүгүнэн Саха сирин доруобуйатын харыстабылыгар үрдүк таһымнаах орто сүһүөх медицинскэй каадырдар үүнэн-сайдан тахсаллар.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0