2021 сыл от ыйын 1 күнүттэн РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, дойду бары эрэгийиэнигэр диспансеризацияны дириҥник ыытыы саҕаламмыта.
edersaas.ru
Дьокуускай куорат поликлиникалара уонна улуустар оройуоннааҕы балыыһалара өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун босхо диспансеризацияҕа ыҥыраллар.
Диспансеризация – cыстыгана суох дьарҕа ыарыылары буларга уонна салҕыы сайдар кутталларын быһаарарга хайысхаланар мэдиссиинискэй чинчийиилэр.
Диспансеризацияны барарга туох нааданый?
— Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховка полиһа (БМС)
— Поликлиникаҕа сыһыарыллыбыт буолуохтааххын;
— Төрөөбүт сылыҥ бу сылларга сөп түбэһиэхтээх:
1983, 1986, 1989, 1992, 1995, 1998, 2001, 2004 сыллааҕылар уонна 40 саастарын ааспыт дьон.
Диспансеризация схемата:
— Ыарыыны сэрэтэр мэдиссиинискэй көрүү;
— искэн ыарыыларын буларга скрининг;
— сүрэх-тымыр ыарыытын кутталын сыаналааһын;
— доруобуйа группатын билии.
Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар табыгастаах буоларын туһугар сурутуу хас да көрүҥэ баар:
— Судаарыстыбаннай өҥөлөр федеральнай портал нөҥүө;
— Поликлиникалар колл-кииннэрин төлөпүөннэрин нүөмэрдэринэн;
— Биир кэлим хантаак-доруобуйа харыстабылын киинин 122 нүөмэринэн.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru