Мэдиссиинискэй мааска атыыга тахсыаҕа

10.04.2020
Бөлөххө киир:

Айсен Николаев социальнай ситимнэр нөҥүө ыыппыт бүгүҥҥү эпииригэр,  аптекаларга мааска атыыга тахсыа дуо диэн ыйыттылар.

Манна Ил Дархан Кытайтан кэлиэхтээх биэс мөлүйүөн мэдиссиинискэй мааска сороҕо өрөспүүбүлүкэ аптекаларыгар атыыланыаҕа диэн хоруйдаата. Кууһунан атыылаһан ылан баран, сыаналаан атыылыыр түбэлтэ тахсыбатын туһуттан, киһиэхэ бэриллэр мааска ахсаанынан  хаарчахтаныаҕа диэтэ.

Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0