Мэдиссиинискэй көмөнү оҥорууга Саха сиригэр эбии массыыналар кэлиэхтэрэ
01.12.2020
«Бу сылга федеральнай киин көмөтүнэн Саха сиригэр мэдиссиинэ наадыйыытыгар кэлбит массыына ахсаана уопсайа 41-гэ тиийиэхтээх», — диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова эттэ.
РФ Бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан, саҥардыы бырагырааматынан Саха сирэ өссө 10 массыынаны ылыахтаах. Билигин ол массыыналары ылыыга үлэ ыытыллар. Массыыналар 2021 сыл саҥатыгар аҕалыллыахтаахтар.
2020 сылга федеральнай бырагыраама иитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ суһал көмө 31 массыыната кэлбитэ. Ол иһигэр «УАЗ», «УАЗ-Патриот» уонна «Соболь» мааркалаах массыыналар. Мантан 11-рэ «С» (реанимобиль) уонна 20-тэ «В» кылаастаахтар.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1