Мэдиссиинэ үлэһиттэригэр босуобуйаны уонна страховой төлөбүрдэри төлөөһүҥҥэ эбии үп көрүлүннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Үлэлээбэт буолуунан быстах босуобуйа төлөбүрүгэр Социальнай страховкалааһын пуондатыгар эбии 53,6 млрд солкуобай көрүллүөҕэ. Бу туһунан дьаһалга Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.

Боппуруоһу сэтинньи 30 күнүгэр коронавируһу бохсууга сүрүннүүр сэбиэт мунньаҕар дьүүллэспиттэрэ. Михаил Мишустин билигин больничнайы коронавирустаабыт эрэ киһиэхэ буолбакка, хантаактаспыттарга эмиэ толорулларын аҕынна. “Киһи ыарыыга сыстыбыта эбэтэр сытыбатаҕа биллибэт түгэнигэр дьиэтигэр олоруохтаах, атын дьону сыһыарбат курдук”, — диэтэ Бырабыыталыстыба баһылыга.

2021 сыллаахха больничнайдары уонна ийэ буолуу босуобуйатын төлөөһүн бэрээдэгэ уларыйбыта. Билигин итилэри Социальнай страховкалааһын пуондата быһа төлүүр, үлэни биэрээччи буолбатах. Кэлэр сылтан больничнай илииһи электроннай көрүҥүнэн толоруохтара, оттон босуобуйа быһа ааҕыллыаҕа.

Михаил Мишустин маны тэҥэ 5 млрд солкуобайы мэдиссииинэ үлэһиттэрин страховой төлөбүрдэригэр  биэрэргэ илии баттаата.

Бэрэсидьиэн 2020 сыл ыам ыйынааҕы ыйааҕынан страховкаҕа эбии мэктиэлээһиннэри быраастар, орто уонна алын мэдиссиинэ персонала, коронавирустаабыт ыарыһахтарга көмөлөһө сылдьан бу дьаҥҥа хаптарбыт “суһал көмө” массыына суоппардара  ылаллар.

2021 сылга мэдиссиинэ үлэһиттэригэр уопсайа 19,8 млрд солк суумалаах биир кэмнээх страховой төлөбүр төлөммүтэ. Саппаас пуондаттан саҥа транш бу сыл бүтүүтэ — 2022 сыл саҥатыгар киирэр кыахтаах.

РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0