Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Мэдиссиинэ киинигэр ковидынан ыалдьыбыт оҕолорго реанимация суоҕун туһунан сурах тарҕанна.
Бу сураҕы СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ: «Мэдиссиинэ национальнай киинин педиатрияҕа киинигэр коронавирус саҥа инфекциятынан ыалдьыбыт оҕолорго суһал, анал былааннаммыт, үрдүк технологиялаах көмөнү оҥорорго 30 куойкалаах сыстыганнаах ыарыылар стационардара баар. Манна 17-гэр диэри саастаах оҕолорго суукканы быһа мэдиссиинискэй көмө оҥоһуллар», -– диэн быһаарда уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо официальнай иһитиннэриилэргэ эрэ итэҕэйэллэригэр көрдөстө.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1