Бу күннэргэ Майаҕа (Мэҥэ Хаҥалас улууһа) уонна Тиксиигэ (Булуҥ улууһа) Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин саҥа салааларын аһар туһунан быһаарбыттарын куйаар ситиминэн суруйбуттара тарҕаммытын үгүскүт түбэһэн аахтаххыт буолуо.
Үөрэх кыһатын саҥа салаалара аһыллара туох куһаҕаннаах буолуой. Ол эрээри, ити туһунан официальнай саайтарга ханна даҕаны суруллубатах итиэннэ тустаах тарҕаммыт сурукка ким даҕаны илии баттааһына ыйыллыбатах этэ. Балачча киэҥник тарҕаммытын иһин Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин дириэктэрэ Дмитрий Алексеевтан ыйыталыспыппар: “Күн бүгүн чопчу быһаарылла илик, билиҥҥитэ санаалар эрэ бааллар. Булуҥ уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы балыыһалартан, улуус дьаһалтатыттан СӨ Үөрэҕин уонна СӨ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэлэригэр барыллаан сүбэлэһии суруктары ыытыахтаахтар. Тустаах суруктарга олоҕуран, министиэристибэ миэстэтигэр кэллиэс салаалара (отделение) аһылларыгар усулуобуйа баарын дуу, суоҕун дуу, туох кыахтар баалларын үөрэтэн көрүөхтээх. Онон билиҥҥитэ чопчу быһаарылла илик, туох эбит хамсааһын таҕыстаҕына эһиэхэ биллэриэхпит” – диэн хоруйдаата. Итиэннэ 2022 сыл кулун тутар 1 күнүн хойутаппакка, кэллиэстэргэ, училищеларга 2022-2023 үөрэх дьылыгар үөрэххэ ылыы быраабылата тахсыахтаах диэн эбэн эттэ. “Бу быраабылаҕа орто үөрэхтэр ханнык идэҕэ, исписээлинэскэ ылалларыттан саҕалаан, хаһааҥҥа диэри докумуону туталларыгар тиийэ барыта ыйыллар. Арай, төһө бүддьүөт миэстэтэ (КЦП) көрүллэрэ чопчулана илик түгэнигэр кэлин киирэн биэриэн сөп. Онтон атын быраабылата кулун тутар бастакы күнүгэр диэри бигэргэнэр. Үөрэх саҥа ыстандаартынан саҥа уларыйыылар киириэх курдуктар”, — диэн иһитиннэрдэ.
Санатан суруйдахха, билиҥҥитэ Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ Ленскэйгэ, Мирнэйгэ, Ньурбаҕа, Удачнайга, Хаандыгаҕа, Сангаарга, Уус Маайаҕа салаалардаах. Тустаах үөрэх кыһаларыгар туттарсыан баҕалаах дьон, кулун тутар 1 күнүттэн кэллиэс саайтыгар киирэн көрүөххүтүн, билсиэххитин сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИАтан.