Мэдиссиинэ кэллиэһигэр докумуону тутууга саҥа уларытыылары киллэрбиттэр

Ааптар: 
23.11.2019
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр сыллата 800-чэ орто үөрэхтээх мэдиссиинэ үлэһитэ ирдэнэр. Ол иһин эбитэ дуу, итиэннэ биир үксүн медиктэр хамнастара үрдээн, ыччат болҕомтотун тардар. Орто үөрэхтээх исписэлиистэри сүрүннээн Дьокуускайдааҕы медицинэ кэллиэһэ бэлэмниир. Докумуону тутууга быйылгыттан саҥа уларытыылары киллэрбиттэр. Ханнык?


Дьокуускайдааҕы медицинэ кэллиэһигэр куонкурус хаһан баҕарар баар. Холобур, быйыл “лечебнэй дьыала” үөрэҕэр биир миэстэҕэ 14 киһи туттарсыбыт. Ортотунан ыллахха, 8 киһи күрэстэһэр. Быйылгы үөрэх дьылыгар туттарсыы балаһыанньатын уларыппыттар. Ол курдук, сыанаҕа дэһээтэйи аахпат буолбуттар. Холобур, оҕо орто сыаната 4,9 диэн эбит буоллаҕына, 4 сыананан ааҕаллар. Тоҕо? Маныаха аттестат сыанатын таһынан, кэккэ ирдэбиллэри олохтообуттар. Бу сокуонунан көҥүллэнэр.

Бастатан туран, оҕо ханнык эрэ балыыһаны дуу, улууһун дуу кытта тус сыаллаах дуогабар оҥорсоро ордук. Оччотугар кини испииһэккэ үөһэ тахсар. Иккиһинэн, олимпиадаларга уонна научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, күрэхтэһиилэргэ кыайбыт, миэстэлэспит түгэнигэр эмиэ биир харыс үрдүү түһэр. Маныаха хайаан даҕаны биология дуу, химия дуу олимпиадата буолуохтаах диэн ирдэммэт. Үсүһүнэн, WorldSkills, JuniorSkills пааспардаах, кыттыбытын туоһулуур сэртипикээттээх түгэнигэр уопсай испииһэккэ эмиэ үөһэ дагдас гына түһэр. Төрдүһүнэн, норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһиннэргэ ситиһиилээх оҕо эмиэ учуоттанар. Тоҕо маннык оҥордубут? Аттестат сыанатыгар тэҥнэһиини олохтоон, ситиһиилээх, үөрэххэ талаһар оҕону ыларга дьулуһабыт, — диэн дириэктэр Дмитрий Алексеев иһитиннэрэр.

Итини таһынан, биллэрин курдук, абитуриеннар тургутууну (тестированиены) ааһаллар, сорох хайысхаҕа туттарсар оҕолору уруһуйдатан көрөллөр. Онон оҕолор эрдэттэн бэлэмнээх буолаллара, эрчиллэллэрэ ирдэнэр.

Үгүс төрөппүт тустаах үөрэх кыһата 9-с кылаас кэнниттэн ылар дуо, диэн ыйытар. Ылбат. Тоҕотун дириэктэр маннык быһаарар: “Бастатан туран, 11-с кылаас кэнниттэн куонкуруспут үрдүк. Иккиһинэн, оҕолор үөрэх бастакы күнүттэн балыыһаҕа бараллар. Сыстыганнаах ыарыылары (инфекционнай) да эмтиир балыыһаҕа сылдьаллар, быыһыгар санитар үлэтин даҕаны толороллор. Тохсус кылаас кэнниттэн оҕону ылар буоллахпытына, итиннэ барытыгар төрөппүт көҥүлэ ирдэнэр. Аны өлбүт дьону сытыарар сиргэ (морг) эҥин сылдьаллар. Улаата илик оҕо уйулҕата маны барытын уйумуон эмиэ сөп. Ол иһин төрөппүт сөпкө өйдүүрэ ирдэнэр. Оҕону харыстыыр сыалтан, 9-с кылаас кэнниттэн медицинскэй үөрэххэ ыыта сатаабат ордук. Араас дьон баар буолуон сөп. Улахан ыарыһахтар, араас эчэйии кэнниттэн сытар ыарыһахтар бааллар”, — диэн быһаарар.

Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ, күн бүгүн, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Удачнайга, Ньурбаҕа, Хаандыгаҕа уонна быйылгыттан Сангаарга аһыллан үлэһиттэри бэлэмнииллэр. Өскөтүн куоракка биир миэстэҕэ ортотунан 8 киһи куонкурустаһар эбит буоллаҕына, улууска син бэтэрэнэн — 2-3 эбит.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0