Мэдиссиинэ көмөтүн тупсарар соруктаах

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһатыгар элбэх ханааллаах биир нүөмэр киллэриллэр.

Нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ көмөтүн тупсарар туһуттан, алтынньы 1 күнүттэн, Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһатыгар элбэх ханааллаах биир нүөмэр — 122 киллэриллэр. Ити нүөмэринэн эрийиэххэ сөп буолуоҕа. Урукку үлэлээбэт.
Маны сэргэ, бырааһы дьиэҕэ «Медсеть» мобильнай сыһыарыынан ыҥырыахха сөп, исписэлиистэргэ балыыһа дьиэтигэр терминалынан сурутуохха, ону сэргэ Госуслуга порталынан туһаныахха сөп.
122 нүөмэр дойду бары эрэгийиэннэригэр киллэриллэр. Бу субъектар колл-кииннэригэр киирбит төлөпүөнү биир кииннииргэ, маршруту суһаллык тэрийэргэ кыаҕы биэрэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0