Мэдиссиинэҕэ — 9-с кылаас кэнниттэн

Ааптар: 
07.03.2020
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр биир эрэ үөрэх кыһатыгар – Алданнааҕы медицинскэй кэллиэскэ былырыыҥҥыттан 9-с кылаас кэнниттэн медик идэтигэр оҕолору үөрэххэ ылар буоллулар. Абитуриеннар сэҥээрэн, быйыл миэстэтин элбэтэр былааннаахтар.

edersaas.ru

Бары улууһу түмэр

Кэллиэс устуоруйатын кэпсиир дьоҕус хоско Саха сирин хаартата ыйанан турар. Манна ханнык улуустан устудьуоннар үөрэнэ кэлбиттэрин бэлиэтээн иһэллэр. Онтон көстөрүнэн, биир даҕаны улуус хаалбатах. Ол эбэтэр, өрөспүүбүлүкэ бары улууһуттан 375 устудьуон кэлэн үөрэнэр. Аны, үөрбүтүм диэн, бибилэтиэкэҕэ “Саха сирэ” хаһыаты суруталлар, устудьуоннар ааҕаллар эбит. Бары улуустартан тиийэн үөрэнэр буолан, сахалар, аҕыйах ахсааннаах омуктар да элбэхтэрин бэлиэтии көрдүм.

Ыраахха чарапчыланаллар

Күн бүгүн акушер, биэлсэр, сиэстэрэ (медбрат) идэтигэр үөрэтэллэр. Ону таһынан, быйылгы үөрэх дьылыттан, лабораторнай диагностика, эмтиир массаж уонна эстетическэй өҥө техноло­гиятын салааларын арыйарга докумуон бэлэмнииллэр.

— Мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр лабарааннары бэлэмниэхпит. Кинилэри онкология диспансерыгар үлэлииргэ туһаайыахпыт. Бастакы бүтэрэр устудьуоннар болдьохторо өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансер үлэҕэ киириитигэр сөп түбэһэр. Уопсайынан, кэлин онкологияҕа улахан болҕомто ууруллар буолла.

Иккиһинэн, күһүн ыыппыт кэтээн көрүүбүтүнэн, “эмтээх массаж” исписэлиистэрэ ирдэнэллэр эбит. Бу хайысхаҕа үлэһиттэри бэлэмниэхпит, сүрүн идэлэрин таһынан эбии иккис диплому ылалларыгар соруктаахпыт. Бэйэлэрин улуустарыгар тиийэн үлэлииллэригэр, икки судаарыстыбаннай дипломнаахтара туох мэһэйдээх буолуой. Аныгы кэм ирдэбилэ эбээт.

Үсүһүнэн, доруобуйа харыстабылыгар туһаайыллыбыт “эстетическэй өҥө технологията” идэни арыйыахпыт. Ол эбэтэр, холобур, көннөрү макияһы таһынан, медицинскэй өттүн эмиэ сатыыр испи­сэлиистэри бэлэмниэхтээхпит. Бу хайысхаҕа устудьуоннары быйылгыттан ылыахпыт. Киэҥник үлэлиир инниттэн оскуолалары кытта үлэлэһэр санаалаахпыт. Ол курдук, 14-тэн үөһэ саастаах үөрэнээччилэргэ куурустары ыытыахпытын баҕарабыт. Оччотугар оҕолор Бүтүн Арассыыйатааҕы “Билет в будущее” бырагыраама иитинэн номнуо бэлэмнээх, онтуларын олохторугар туһанар дьон тахсыа этилэр, — диэн дириэктэр Николай Миронов кэпсиир. Онон, кэллиэс исписэлиистэри бэлэмнээтибит даҕаны, биһиги эбээһинэспит бүтэр диэн быар куустан олорбокко, үөрэҕи бүтэрбит исписэлиистэрэ инникитин ханна үлэлиэхтэрин сөбүгэр, ылбыт билиилэрин, сатабылларын күннээҕи олохторугар туһаналларыгар кытта болҕомото уурар эбит.

Бириэмэлэрин балыыһаҕа атаараллар

Устудьуоннар үөрэхтэрин сүрүн бириэмэтин балыыһаҕа атаараллар. Оттон үөрэтэллэригэр хас биирдии аудиторияҕа көрдөрөр тэриллэринэн толору хааччыллыбыттар. Хаҥалас улууһуттан төрүттээх 2-с куурус устудьуона Федот Максимов суруналыыстарга суһал көмөнү хайдах оҥорору, укуолу сөпкө туруорары көрдөрөр. “Дьоҥҥо көмөлөһөр баҕалаах буолан, медик идэтин талбытым. Ийэм төрүүр дьиэҕэ үлэлиир. Манна преподавателлэр олус ирдэбиллээхтэр. Элбэҕи суруйуохха, үөрэтиэххэ, ааҕыахха наада. Быраактыката элбэх. Кэллиэс кэнниттэн салгыы үрдүккэ туттарсар былааннаахпын. Нейрохирург буолар баҕа санаалаахпын”, — диэн Федот инники былаанын үллэстэр.

Хаачыстыба, хаачыстыба, хаачыстыба…

Хаачыстыбаҕа улахан болҕомтону уураллар эбит. Ирдэбиллээхтэр, кытаанахтар диэн устудьуоннар, үлэһиттэр бэйэлэрэ даҕаны бэлиэтииллэр. Ол да иһин, урут-уруккуттан киэҥ билиини иҥэрэр кыһанан биллэр эбит. Оннооҕор Үөрэҕи кэтээн көрөр тэрилтэ (Обрнадзор) бүтэһик бэрэбиэркэтин кэмигэр устудьуоннаргытыттан үрдүк үөрэх устудьуоннарыттан курдук олус элбэҕи ирдиир эбиккит диэн бэлиэтээбиттэрин, ол кэллиэс бэйэтин бырааба буолан: “Инникитин даҕаны ити курдук ирдиэхпит”, — дэспиттэр. “Биэлсэр үлэлии тиийэн баран ханнык баҕарар түгэни көрсүөн сөп. Маныаха кини ылбыт билиитэ, сатабыла эрэ көмөлөһөр кыахтаах, быһаарар оруоллаах”, — диэн тоҕотун дириэктэр лоп-бааччы быһаарар.

Уопсай – суруналыыс хараҕынан

Үөрэнэр куорпустара саҥа, киэҥ-куоҥ, сырдык. Миэстэтигэр остолобуойдаах. Медиктэр диэх курдук, барыта уурбут-туппут курдук, ыраас. Көрүдүөр, хос аайы сибэкки арааһа кэккэлэспит.

Алданнааҕы мэдиссиинэ кэллиэһигэр күн бүгүн 375 устудьуон үөрэнэр. Онтон 220-тэ уопсайынан хааччыллыбыт. Биэс мэндиэмэннээх 1993 сыллаахха тутуллубут уопсай дьиэ Алдан килбэйэр киинигэр турар. Үчүгэйэ диэн, сиэксийэлэринэн арахсар эбит. Хас сиэксийэ аайы туспа душтаах, туалеттаах.

Устудьуоннар астаналларыгар куукуналаах. Манна билиитэттэн саҕалаан, ларьга тиийэ хааччыйбыттар.

9-с кылаас кэнниттэн ылаллар

Тохсус кылаас кэнниттэн, бүтэһигин 1980-с сыллар бүтүүлэрэ ылбыттар эбит. Уһун кэм устата тохтуу сылдьан баран, былырыын “сиэстэрэ дьыалата” идэҕэ 25 оҕону сүүмэрдээбиттэр. Ортотунан биир миэстэҕэ үс-түөрт киһи куонкурустаһар буоллаҕына, 9-с кылаас кэнниттэн балачча куонкурустаах үһү. Тохсус кэнниттэн медик идэтин баһылыан баҕалаах оҕо элбэх буолан, быйыл бүддьүөт миэстэтин икки төгүл эптэрэр былааннаахтар.

Былырыын бүтэрбиттэртэн 92 бырыһыана үлэнэн хааччыллыбыт. Сорохтор оҕоломмуттар, атыттар үрдүк үөрэххэ киирбиттэр. Онон саҥа салайааччылаах Алданнааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ былаана киэҥ.

Людмила ПОПОВА.

Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА), ааптар.

 

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0