Медиктэргэ ыам ыйдааҕы эбии төлөбүргэ 460 мөл.солк.көрүллүөҕэ
17.05.2020
РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕуран, коронавируһу утары охсуһа сылдьар медиктэргэ ыам ыйдааҕы төлөбүрдэригэр Саха сиригэр 460 мөл. 236 тыһ. солк. көрүллүөҕэ.
edersaas.ru
Санатан эттэххэ, федеральнай бүддьүөттэн быраастарга — 80 тыһыынча солкуобай, сиэстэрэлэргэ, биэлсэрдэргэ — 50 тыһыынча солкуобай уонна санитардарга, техүлэһиттэргэ 25 тыһыынча солкуобай төлөнөр.
Эбии төлөбүр муус устарга, ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар төлөнүөхтээх.
Саха сирин эмчиттэрэ муус устардааҕы федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи төлөбүрдэри ылбыттара. Ол курдук хамнастарын сэргэ эбии төлөбүр ыам ыйын 13-14 күннэригэр төлөммүт.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1