Медиктэргэ федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи эбии төлөбүр бу ый бүтүөр диэри төлөнүөҕэ
23.04.2020
Коронавируһу утары охсуһууга үлэлиир Саха сирин 200-тэн тахса мэдиссиинэ үлэһиттэригэр федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи төлөбүрдэр төлөнүөхтэрэ.
edersaas.ru
Билиҥҥи туругунан COVID-19 утары үлэҕэ балыыһаларга уонна обсерватордарга 200-тэн тахса медик үлэлиир. Бу үлэһиттэргэ Ил Дархан ыйааҕынан эбии төлөбүр (стимулирующие выплаты) оҥоһуллубута. Ол курдук быраастарга 66 тыһ. солк., орто медперсоналга 40 тыһ. солк. уонна аччыгый медперсоналга 20 тыһ. солк.
Мэдиссиинэ үлэһиттэригэр федеральнай бүддьүөттэн эбии төлөбүр оҥоһуллар. Муус устартан коронавируһу утары охсуһа сылдьар быраастарга – 80 тыһыынча солкуобай, сиэстэрэлэргэ, биэлсэрдэргэ – 50 тыһыынча солкуобай, санитардарга – 25 тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ. Ону тэҥэ, “Суһал көмө” быраастарыгар – 50 тыһыынча солкуобай, биэлсэрдэргэ, суоппардарга – 25 тыһыынча солкуобай көрүллүөҕэ.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1