Мэдэссиинэ кэллиэһин 1 куурустара ыраахтан олорон үөрэниэхтэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин бастакы куурустара маҥнайгы симиэстиргэ ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэниэхтэрэ. Ити туһунан кэллиэс дириэктэрэ Дмитрий Алексеев иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Үөрэх тэрилтэлэрэ кэлэр 2021-2022 үөрэх дьылыгар докумуону тутан бүттүлэр, абитуриеннар бирикээс тахсарын күүтэллэр. Быйылгы тутар хампаанньа хаамыытын билсээри Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин дириэктэрин, тутар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин Дмитрий Алексеевы кытта кэпсэтэ сырыттыбыт.

Кэлэр 2021-2022 үөрэх дьылыгар көрүллүбүт 552 бүддьүөт миэстэтигэр 3500-тэн тахса сайабылыанньа киирдэ диэн этэр. Бу былырыыҥҥы сыыппараны кытта тэҥнээтэххэ араа-бараа. Быйыл ордук элбэх куонкурус “эмчит дьыалата” идэтигэр эбит, манна биир миэстэҕэ 14 киһи куонкурустаһар. “Биэлсэр-лабараан” идэтигэр 10 киһи куонкурустаһарын этэр. Уопсайынан, Мэдиссиинэ кэллиэһигэр биир миэстэҕэ ортотунан сэттэлии киһи куонкурустаһар үһү.

Быйыл докумуону тутуу сайт, портал нөҥүө электроннайынан барда. Абитуриеннар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан бааллар. Мииринэйдээҕи филиалбытыгар быйыл сайабылыанньа хото киирдэ. 2021-2022 үөрэх дьылыгар лабараан, биэлсэр уонна сиэстэрэ идэтигэр докумуоннары туттулар, баазалара үчүгэй. Ньурбатааҕы филиал биэлсэр уонна сиэстэрэ идэтигэр ылла. Быйыл Уус Маайа улууһугар тохсус салааны аһан эрэбит, докумуон киириититтэн көрүөхпүт, үлэ салгыы барар.

Атырдьах ыйын 16 күнүгэр барыллаан испииһэги (рекомендованных, резерв и не рекомендованных) таһаарбыппыт. Эрэкэмэндээссийэлэммиттэр (рекомендован) үөрэххэ киирэр кыахтаахтар, докумуоннарын атырдьах ыйын 24 күнүгэр, күнүс 16 чааска диэри тиксэрэллэрэ ирдэнэр. Докумуоннарын оригинала эбэтэр кыайан кэлбэт түгэннэригэр анал былааҥкаҕа “уведомление” толорон ыытыахтаахтар.

Атырдьах ыйын 25 күнүттэн куонкурус саҕаланар. Куонкуруска докумуон (оригинал) эрэ биэрбиттэр киирсэллэр. Манна тус сыаллаах дуогабар (целевой) уочуоттанар. СӨ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтэ чопчулаһыахха сөп. Биһиги тус сыаллаах ылыыга эмиэ интэриэстээхпит. Тоҕо диэтэххэ, оҕо үөрэҕин бүтэрэригэр номнуо үлэлиир миэстэтэ баар буолар. Үөрэх миэстэтин 50 бырыһыана тус сыаллаах миэстэҕэ бэриллибитэ. Бүгүҥҥү туругунан, сорох улуустар миэстэлэрэ барбакка тураллар. Биһиги кэллиэспитигэр тус сыаллаах (целевой) дуогабардарын атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри аҕалаллара ирдэнэр. Онтон хойутаатахтарына ылбаппыт. 

Абитуриеннар биһиги кэллиэспит хас даҕаны исписээлинэһигэр сайабылыанньаларын ыыппыт буоллахтарына, онтон биир үөрэҕи талан, атырдьах ыйын 24 күнүгэр диэри аттестаттарын оригиналын кэллиэскэ аҕалан туттарыахтаахтар, — диэн дириэктэр быһаарда.

Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин бастакы куурустара быйыл сыл бастакы аҥаарыгар ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэниэхтэрэ диэн салайааччы иһитиннэрдэ. Ол иһин эрдэттэн билиэт ылар эҥин ирдэммэтин сэрэтэр. Балаҕан ыйыттан иккис-үһүс куурустар олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) үөрэниэхтэрэ диэн этэр.

Быйылгы абитуриеннар 18 саастарын туолан эрэллэр. Мэдиссиинэ идэтигэр үөрэнэр дьон быһыытынан, балыыһаларынан элбэхтик сылдьабыт. Онон дьаҥтан харыстанар туһугар быһыыны ылан мэктиэлэнэр ордук.

Манна даҕатан эттэххэ, ааспыт үөрэх дьылыгар биһиги кэллиэспит устудьуоннара 98 % быһыыны ылбыттара. Быһыыны ылбыттартан 3, доруобуйаларын туругунан ылбатахтартан (медотвод) 2, барыта 5 устудьуон коронавирус дьаҥар сыстыбыта”, — диэн быһыыны ылыы көрдьүүһэ көстөрүн дириэктэр быһааран биэрэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0