Тыа сиригэр сылдьан киһи арааһы бары көрөр. Бу саас Чурапчы Сылаҥар командировкаҕа тиийэ сылдьан, биир дьикти оһоҕу көрөн турардаахпын. Ол оһох дьиктитэ диэн, иһигэр микроволновкаҕа маарыҥныыр оһохтоох…
Тыый, оһоххут «оҕолоох» эбит дии диэн «Сулусчаан» оҕо саадын үлэһиттэриттэн соһуйан ыйыппыппар, сопхуос Елена Сивцева, оһохторо күннэтэ 80-ча оҕону сылаас аһылыгынан аһата олорорун кэпсээбитэ. Бу оһоҕу уонтан тахса сыллааҕыта уопуттаах оһохчут Егор Дьячковскай оҥорбут. Омос көрдөххө, көннөрү оһохтон улахан уратыта суох эрээри, киһи хараҕа кирпииччэҕэ сыстан турар духуопка хаппаҕар хатанар.
– Эргэ «Мечта» диэн электрическэй оһохпутун быраҕар санаалаах этибит. Ону Егор Николаевич саҥа кирпииччэ оһоҕу оҥороругар туһанаары бырахтарбатаҕа. Микроволновка курдук оҥорбута. Оччолорго микроволновка улаханнык тэнийэ илигэ. Онтон ыла турар. Электро-оһохтонон баран, кирпииччэ оһохпутун оттубат буолбуппут. Арай быйыл онтубут алдьанан, дьэ, «микроволновкабытын» туһанан эрэбит, – диэн Елена Петровна кэпсиир.
Тымныы аһылыктарын ириэрэргэ итиэннэ миин, соккуой, хааһы өр сылаас турарыгар бэртээхэй оһох эбит. Оһох оттулунна даҕаны, «мечталара» итийэн барар. Ардыгар ириэрэ уурбут эттэрэ буһа сыһар эбит. Маннык «оҕолоох» оһоҕу ханнык баҕарар ыал оҥостуон сөп.
Анивера АКИМОВА.